Бу сайын Ньурба I Хаҥалаһын нэһилиэгэ быһах, хомус уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи I фестивалыгар элбэх талааннаах дьону түмтэ.
Аатырбыт Сата уустарын умнуллан эрэр тѳрүт дьарыктарын илдьэ сылдьар, тимирдээх таастан болгуо тимири уулларан таһаарар ааттаах-суоллаах уустар кэллилэр. Фестиваль Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын мусуойун кѳҕүлээһининэн, улуус дьаһалтатын, култуура уонна ыччат бэлиитикэтин департаменын ѳйѳбүлүнэн ыытылынна.
Сыала-соруга: ѳбүгэ үгэһин утумун киэҥ араҥаҕа көрдөрүү, эдэр уустарга тимири уһаарыы кистэлэҥин арыйыы.
Күрэх сүрүн судьуйатынан дойду тимир уустарын сойууһун вице-президенэ Николай Бурцев үлэлээтэ.
Бэстибээл бастакы күнүгэр маастардар Сата уустара олорбут былыргы өтөхтөрүгэр сырыттылар, уһаарар сирдэрин кѳрдүлэр. I Хаҥалас эколога Н.Д. Николаев олохтоох уустар историяларын, үһүйээннэрин, олохторун-дьаһахтарын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээн, ыалдьыттары сэҥээртэ.
Бу киэһэ тимири уһаарыы былыргы ньыматынан Сата хайатыттан аҕалыллыбыт тааһы уһаардылар. Сүрүн үлэни Саха Сирин аатырбыт уустара, Хаҥалас улууһуттан Александр Данилов-Хаҥыл Уус, Ньурбаттан Ариан Афанасьев, Бүлүүттэн Николай Гоголев-Бычаа Уус, Иван Павлов-Утус Уус, ыыттылар.
Тэрээһин биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн маастардар хомустарын, быһахтарын аукциона буолла.
Иккис күн дьон-сэргэ кулуупка итии чэйдээх остуол тула олорон, сэһэргэһэ-сэһэргэһэ, түмүк тахсарын кэтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Бурцев дьоһуннаах тэрээһин ыытыллыбытын бэлиэтээтэ уонна кыайыылаахтарга Хайҕал суругу кытта сыаналаах бэлэхтэри туттартаата.
Уустар фестиваллара сыалын-соругун ситтэ: араас улуустартан киһи бөҕө кыттан, эдэрдэр элбэхтэрэ тэрийээччилэри үѳрдэн, “ѳбүгэ үгэһин салҕааччы үгүс эбит” диэн түмүк оҥоһулунна,
Юля ТРЕТЬЯКОВА,
X кылаас.
«Ыллык» пост.
I Хаҥалас, Ньурба.