
Мин ийэбинэн хос хос эһээм – Иванов Софрон Гаврильевич, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Биһиги эһэбит сэрииттэн дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, биһиги кини оҕолоро, сиэннэрэ, киэн аймах төрөөн-ууһаан, дьоллоох олоҕу олоробут.
Иванов Софрон Гаврильевич 1906 сыллаахха, Ньурба улууһун Таркаайы нэһилиэгэр (Бодоххо), элбэх оҕолоох Хабылык Хабырыыс – Иванов Гаврил Иванович аҕалаах, Никитина Марина диэн ийэлээх ыалга төрөөбүтэ. Эһээм былыргылыы 3 кылаас үөрэхтээх. Улаатан баран Таркаайыга сэбиэт сэкиритээринэн, онтон Хорулаҕа тахсан, үс сыл сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээн сылдьыбыт.

1928 сыллаахха Федорова Анна Михайловна, Ча5ылхан Мэхээлэ кыыһын ойох ылар уонна 6 оҕолоноллор, олортон 2 эрэ оҕолоро ордубуттар. Улахан уола Миитэрээс 1931 сыллаахха төрөөбүт, хомойуох иһин, кини кылгас олоҕу олорбута, онтон Март 1938 сыллаахха төрөөбүт.
Эһээ Соппуруон 1937-1938 сылларга Сахсаҕа атыыһытынан үлэлээбит. Онтон 1938 сыллаахха, Бодоххо тэриллибит «Конституция» холкуоска чилиэнинэн киирбит, хонуу араас үлэтин үлэлээбит.
Атырдьах ыйын 20 күнүгэр, 1941 сыллаахха, оттуу сырыттаҕына сэриигэ ыҥырбыттар. Бурятияҕа Улан-Удэ куорат таһыгар байыаннай гарнизонҥа балтараа ый кэриҥэ байыаннай үөрэҕи барбыт, ол кэннэ Смоленскай уобалас сиригэр тиэрдибиттэр. Смоленскай уобалас сиригэр 8 ый 20 хонук устата инники кирбиигэ, кимэн киириигэ сылдьыбыт. Элбэх дэриэбинэлэри, сирдэри босхолоспут. Стрелок, ручной пулеметчик быһыытынан өстөөхтөрү утары харса суох сэриилэспит.
1943 сыллаахха, иккиһин улаханнык бааһыран, сэрии инбэлиитэ буолан, олунньуга дойдутугар эргиллэн кэлбит. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх.


Сэрии кэмигэр, ыарахан ыарыыттан кэргэнэ Анна Михайловна, күн сириттэн күрэнэр. 1949 сыллаахха иккиһин ыал буолар, бэйэтинээҕэр 20 сыл балыс кыыһы Анастасия Титовнаны кэргэн ылан 8 оҕолоноллор.

Эһээ Соппуруон сэрии кэнниттэн холкуостарга 11 сыл суотчутунан, «Марха» сопхуоска тутуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Элбэх общественнай тутуулары, холкуостар типовой олорор дьиэлэрин тутуспут. Оскуолаҕа улахан хочуолнай тутуһа сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн, 2-с группалаах инбэлиит буолбут. Марха рабкоопугар икки аҥар сыл табаарынай ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Коммунистическай үлэ ударнигын аатын иҥэрбиттэр. 1980 сыллаахха, тохсунньу 13 күнүгэр ыалдьан өлбүт. Киров сэлиэнньэтин Кураанах Хампа кылабыыһатыгар көмүллүбүт.
Билигин хос хос эһээм 7 оҕото бааллар, ол олортон саамай улаханнара мин хос эһээм Март Софронович, кини 2 оҕолоох, 8 сиэннээх, 14 хос сиэннээх.
Хос эһэм Софрон Гаврильевич туһунан оҕолорун, аймахтарын ахтыылара Юрий Николаевич Иванов «Хабылык аҕатын ууһа» кинигэтигэр киирбиттэрэ.


80 сыл аннараа өттүгэр мин хос эһэм олоҕун саамай сандаарар кэмигэр сэрии толоонугар сэриилэспитэ, элбэх Арассыыйа сирин, куоратын босхолоспута. Эһэм дойдутугар эргиллэн кэлэн, оҕо-аймах төрөтөн-үөскэтэн, билигин биһиги аймах дьоллоох эйэлээх олоҕу олоробут. Мин бу суруйбут хаан-уруу киһибин хаһан да тыыннаах бэйэтин кɵрбɵтɵҕүм. Ол эрээри кини бу бүгүҥҥү мин эйэлээх олоҕум иһин толук уурбутугар муҥура суох махтанабын. Кини хорсун олоҕунан, албан аатынан киэн туттабын.
Семенова Инна, VIII кылаас, Д.И.Николаев аатынан Киирэп оскуолата, Ньурба