Биирдэ Нина Иннокентьевналыын Кытайдаатыбыт. Сарсыарда түөрт-биэс чааска туран, күн устата иһэр эмтээх уубутун ыла барабыт.
Арай, биирдэ эмиэ оннук баран истэхпитинэ, суол кытыытыгар хатыҥыр баҕайы оҕонньор олорор. Ааһан истэхпитинэ, бэйэтин тылынан тугу эрэ саҥара-саҥара, ытыһын тоһуйда, биһиги уу ылар тиэримэстээхпит эрэ, туохпут да суох.
Сарсыныгар сарсыарда уу ыла бараары хомуна сылдьан:
—Били бэҕэһээҥҥи оҕонньор барахсан бүгүн баара дуу, бэйи, юань сиэппэр уктан барыам,—диэтэ.
Мин эмиэ угуннум. Баран иһэн, ыраахтан көрдөхпүтүнэ, оҕонньорбут олорор, чугаһаан кэлэн, кытайдыы дорооболоґон баран, харчыбытын ытыһыгар уурдубут. Оҕонньор барахсан үөрэн, хараҕын уута сүүрэ-сүүрэ, тугу эрэ саҥарар, махтанар быһыылаах.
—Барахсан хаһан эрэ сүүрэ-көтө, үлэлии-хамныы сырыттаҕа, билигин ити кырдьан-буорайан, умналыы олороохтоотоҕо,—диэн баран үөһэ тыыммыта.
Онтон ыла сарсыарда аайы оҕонньорбутугар кыра да буоллар, илиитин харалаан ааһар буолбуппут. Биһигини ыраахтан көрөн билэн, мичээрдээн, аҕыйах тииһэ атыгыраан олорор буолара…
Октябрина Шамаева.