Оскуолабытыгар оҕо дьоҕурун, талаанын сайыннарыыга араас хайысхалаах эбии дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Биһиэхэ “Туллук” драматическай, “Кыраһа”, “Ситим/Диалог” эдэр кэрэспэдьиэннэр, «Бэргэн» байыаннай-патриотическай, “Түһүлгэ” тыйаатыр, «Родничок» нуучча литературатын, “Үнүгэс” биология-экология, «Кэскил» социальнай, чөлүгэр түһэрэр, «Сулус» ЮНЕСКО, «Ыллык» төрөппүттэр, «Дьулуур” уус-уран ааҕыы кулууптара, «Тулуйхан» ырыа, «Надежда» муода студиялара таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
“Туллук” драматическай кулууп
Алампа иэйэр иэйиитин бэлиэтинэн ааттаммыт “Туллук” драматическай кулууп оҕо талаанын, дьоҕурун сайыннарыыга, айымньы нөҥүө оҕо ис кыаҕын арыйыыга, төрөөбүт тылга тапталы иҥэриигэ, тылын баайын хаҥатыыга, классик суруйааччылар айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, үйэтитиигэ туһаайыылаах үлэни ыытар.
Эдэр артыыстар урукку кэми кытта алтыһар, суруйааччы этэр санаатын көрөөччүлэргэ тиэрдэр ураты турукка киирэллэр. Кулууп салайааччыларынан М.Н. Колесова, К.К. Колодезникова, А.П. Колмогорова үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбиттэрэ, билигин Г.Ф. Им салайан үлэлэтэр. “Туллук” драматическай кулууп — өрөспүүбүлүкэтээҕи театрльнай көрүүлэр, күрэхтэр хас да төгүллээх кыайыылааҕа, гран-при хаһаайына, эдэр артыыстар бастыҥ оруоллар анал ааттарын хаһаайыттарынан Хаптагаева Нария (2013 с.), Монастырев Алгыс (2011-2019 сс.), Жуллярова Вика, Бондарева Ангелина (2018 с.). Галина Федоровна салайыытынан 2018 с. П.А. Ойуунускай “Дьэбэрэттэн тахсыы” кэпсээнинэн инсценировка туруоран ютуб ханаалга таһаарбыттара, “Саха” НКИК ханаалыгар көрдөрбүттэрэ. 2019 с. учууталларга бөлөх тэрийэн Алампа “Олох оонньуура” драматын туруоран, Тааттыныскай нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар көрүүгэ гран-при үрдүк аатын ылбыттара.
“Кыраһа” эдкорпост
1985 с. Ытык Күөл орто оскуолатыгар “Кыраһа” корпост тэриллэр. Маны Мария Николаевна Колесова салайан, 30 сылтан тахса тигинэччи үлэлээбитэ. Онон республикаҕа биир саамай кырдьаҕас бөлөх буолар. Кэм кэрдии уларыйан, 2008 с. корпост пресс-киин буолар. Сыала-соруга: айар, суруйар, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы уонна пресса, телевидение эйгэтигэр чугаһатыы, сахалыы кинигэни, хаһыаты сурунаалы ааҕарга умсугутуу, санаатын сайа саҥарарга уһуйуу, норуот үгэстэригэр, сиэригэр-туомугар сүгүрүйэр ыччаты иитии.
“Кыраһа» үлэлээбит сылларын тухары олохтоох «Таатта», “Бэлэм Буол”, “Кэскил” хаһыаттары, киин уонна оҕо бибилиэтэкэлэрин, «Хотугу Сулус» телерадиоакадемиялыын ыкса үлэлээбитэ. “Алампа түөлбэтэ” бырайыак чэрчитинэн оскуолабыт үлэтин бары хайысхатыгар Алампаны үөрэтии, үйэтитии киирбитэ. Мария Николаевна улууска эрэ буолбакка, бүтүн республикаҕа улахан хамсааһыны оҥорбута. Саха суруйааччыларын кытта Таатта делегацията Алампа таптаан олохсуйбут, үгүһү айбыт-туппут Булунугар литературнай экспедицияҕа барсыбыта. Айан былаһын тухары улуу суруйааччыбытыгар аналлаах көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр, санаа атастаһыылара буолбута.
“Кыраһа” кэрэспэдьиэннэрин ортолоругар бааллар “Кыһыл көмүс бөрүө” хаһаайката, “Хотугу сулус” куоҥкурус солбуллубат конферансьелара, “Азия оҕолорун” аан дойдутааҕы спортивнай күрэх кэмигэр пресс-центр эдкоррдара, араас таһымнаах НПК, куоҥкурстар кыайыылаахтара, ЭКСПО-2015 быыстапка Японияҕа, Соҕуруу Кореяҕа “Хотугу Сулус” ТРАК туурунан баран кэлээччилэр, “Артек”, “Океан” лааҕырга «Кэскил» хаһыат босхо путевкатынан барааччылар, Президент харыйатын кыттыылаахтара, 15 Алампа стипендиаттара, Наука аччыгый академиятын чилиэннэрэ. Кэрэспэдьиэннэр “Хотугу сулус” ТРАК быһа эфиргэ тахсыыга, биэриилэргэ кытталлара, “Азия оҕолорун” спортивнай күрэх кэмигэр “Оҕолор кэпсииллэр” пресс-центрга үлэлиир чиэһи сүкпүттэрэ.
Билигин учууталбыт, үтүө сүбэһиппит Мария Николаевна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини хас да кинигэ ааптара. Өссө да кинигэ суруйуунан утумнаахтык дьарыктанар. Билигин “Кыраһаны” мин, В.П.Огонерова, П.Р.Дедюкина уонна Я.М.Егорова салайабыт. “Кэскил” хаһыат ыытар бары куоҥкурустарыгар оҕолору көҕүлээн кытыннарабыт. Тапталлаах Тааттабыт сонуна, оскуолабыт үлэтэ, саҥа тэрээһиннэрэ хаһыакка сырдатыллар. Суруйар, айар куттаах оҕолору түмэн араас хайысханан сайыннарабыт, уһуйабыт.
“Ситим/Диалог” эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптара
Нууччалыы-сахалыы тылынан тахсар “Ситим/Диалог” эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптарын Е.В. Петрова, Г.Ф. Им салайан үлэлэтэллэр. Оскуола иһинэн ый аайы истиэнэ хаһыатын таһаараллар, оҕолор үлэлэрэ улуустааҕы “Таатта”, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэскил” хаһыаттарга бэчээттэнэллэр. 2020 с. “Бастакы хараҥаччыларбыт” кулууп бастакы выпустарын хас да сыллаах айар үлэлэрин хомуурунньугун бэчээттээн таһаарбыттара.
“Ситим/Диалог” эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптара — ХИФУ тэрийэн ыыппыт аччыгый прессалар хаһыаттарын көрүү кыайыылааҕа уонна “СахаМЕДИА” уонна “Саха сирэ” хаһыат анал бирииһин хаһаайына, өрөспүүбүлүкэтээҕи электроннай хаһыаттар араас күрэхтэрин, “Джуниор Скиллс” улуустааҕы чемпионат күрэҕин, эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтара. 2019 с. ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” илин эҥэрдээҕи НПК түгэннэрин тута сырдатар хаһыаты бэчээттээн таһаарбыттара. Суруйар, айар үлэнэн дьарыктанар оҕолор айар үлэ араас көрүҥэр көхтөөхтүк кытталлар, утумнаахтык дьарыктаналлар. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи саха литературатын олимпиадатын призердарынан Самырова Эдда (2018 с.), Новгородова Ася (2019 с.), кыттыылааҕынан Павлова Сандаара (2019 с.) буолаллар. 2020 с. бүтэрбит оҕолор Новгородова Ася, Михайлова Айыына салгыы журналистика, саха тылын салаатыгар үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьаллар.
«Бэргэн» байыаннай-патриотическай кулууп
«Бэргэн» байыаннай-патриотическай кулууп 2005 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Салайааччынан ОБЖ учуутала Ирина Юрьевна Тарасенко үлэлиир. Кулууп сыала-соруга: ыччаты төрөөбүт кыраайы таптыырга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитии-үөрэтии, ыччат политикатын чэрчитинэн улуу дойдубут албан үгэстэрин тутуһуу, сөргүтүү.
Улуус бастыҥ хамаандаларыттан биирдэстэрэ буолан, Уһук Илин эрэгийиэн «Снежный барс» байыаннай күрэхтэһиигэ куруутун кыттар. Сыл аайы үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйа оскуолаларын олимпиадатыгар ОБЖ предметигэр улуус, регион таһымыгар бириистээх миэстэни ылары ситиһэллэр. 2019 с. Аржаков Андрей бу предмеккэ республикаҕа бастакы миэстэни ылбыта. 2020 с. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө БПК «Бэргэн» республика таһымыгар СӨ үөрэҕириитин Министиэристибэтин көрүү куоҥкуругар 2-с бочуоттаах миэстэҕэ тиксибитэ.
Оскуолабыт историятыгар аан бастакынан 2017 с. 7 «а» кылаас оҕолоро улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэнээччилэр «Президентские состязания-2017» Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэҕэр кыайбыттара.
Онон тыа сирин оскуолаларын аатыттан Саха сирин чиэһин көмүскүү ВДЦ «СМЕНА» сынньаммыттара, күрэхтэспиттэрэ. Анапа куоракка Россия 81 эрэгийиэниттэн кыттааччы баарыттан биһиги оҕолорбут финалга киирбиттэрэ.
2020 с. Ирина Юрьевна хамаандата бу Президентскай күрэххэ иккистээн ыҥырыы тутар. Онон Саха сирин аатын көмүскүү 8 «б» кылаас хамаандата барар. Бу сырыыга Россия 84 эрэгийиэниттэн кыттыбыттара. Тыа оскуолатын хамаандаларын аатын бэркэ көмүскээн, айар түһүмэххэ 2-с миэстэҕэ тахсыбыттара. Кыайыылаах Пермь кыраайын хамаандатыттан кыһыылаахтык биир эрэ баалынан хаалбыттара.
2015 с. «Память нужна живым» бырайыагынан Ирина Юрьевна кулууп иитиллээччилэрин кытта Москва, Новороссийск, Волгоград, Санкт-Петербург герой куораттарынан уонна Анапа Албан куоратыгар сылдьыбыттара. «Ытык Күөл орто сокуолатын 1942 с. бүтэрбиттэр бойобуой суолларынан» ирдэбил бырайыак чэрчитинэн Волгоград Герой куоракка айаннаабыттара. Бу бырайыак Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар — 100 бастыҥ общественнай инициатива күрэххэ кыайыылаах буолан Бочуот кинигэтигэр киирбитэ.
“Түһүлгэ” театральнай кулууп
«Театр – киһи утуйбут кистэлэҥ санаатын уһугуннаран сайыннарар оскуола» диэн улуу суруйааччыбыт А.И.Софронов-Алампа этэн хаалларбыт тылларын өйдөөн, сыаналаан, тирэх оҥостон оҕону бары өттүнэн сайыннарар сыаллаах -соруктаах алын сүһүөх оскуола оҕолоругар анаан «Түһүлгэ» театральнай кулуубу уон биирис сылын үлэлэтэ сылдьабыт. Кулууп салайааччылара — Марина Васильевна Алексеева, Валерия Георгиевна Винокурова, Марина Егоровна Софронова.
Билиҥҥи бириэмэҕэ оҕону тугунан интэриэһиргэтиэххэ сөбүй, олоххо, кэрэҕэ интэриэһин, тус дьоҕурун уһугуннарар, сайыннарар усулуобуйаны хайдах тэрийиэххэ сөбүй диэн ыйытык үөскээбитэ уонна үөрэх биир кэлим федеральнай стандартыгар олоҕуран, художественнай-эстетическэй хайысхаланан, уруок таһынан үлэҕэ оҕо сатабылын уонна киһи быһыытынан хаачыстыбатын сайыннарар бырагыраамаларынан үлэ саҕаламмыта.
Кулууппут кырачаан оҕолорго саха, нуучча, омук суруйааччыларын айымньыларын театральнай туруоруу нөҥүө билиһиннэрэр, иитэр, үөрэтэр.
Үлэлээбит сылларбыт тухары кулууп уонна биирдиилээн иитиллээччилэрбит ситиһиилэрэ үтүмэн. Сыл аайы ыытыллар улуустааҕы « Эдэр актер» театральнай бөлөхтөрү көрүү конкурсугар Гран-при хаһаайына,1,2 үрдэл лауреаттара, дипломаннара буолбуппут. Петров Алеша, Плотников Сережа, Слава «Бастыҥ уол оруола» аат хаһаайыннара буолан, Саха драматическай театрын аатыттан махтал сурук тутан үөрбуттэрэ. Петров Алеша республика оҕолоруттан кастины ааһан режиссер А. Романов «Сааскы кэм» Амма Аччыгыйын романынан уһуллубут киинэҕэ сүрүн оруолу итэҕэтиилээхтик оонньообута.
Саха норуотун сүдү айымньытын олоҥхону үөрэтиини бастакы кылаастан саҕалыыбыт. «Ньургун Боотур уонна Тимир Дьигистэй», «Ала чуоҕур аттаах Араап Мохсоҕоллой», оҕолорго аналлаах «Быыра Баадьай» олоҥхолору биирдиилээн уонна бөлөххө толорон 5 норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор фестивалыгар дипломант , республикаҕа, регионна лауреат ааттары ылбыппыт.
Театральнай кулууп нөҥүө оҕону бары өттүнэн сайыннарыы, олоххо бэлэмнээһин,бэйэтин кыаҕын-дьоҕурун арыйыыга көмөлөһүү — билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир. «Театр – киһи хараҕынан көрбөт олох-дьаһах кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтэр, өйү-санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр» (Алампа).
«Родничок» литературнай кулууп
«Родничок» кулууп 2011 сылтан үлэлиир. Салайааччы нуучча тылын уонна литературатын учуутала Н.В. Петрова. Үлэбит сүрүн сыала оҕо саҥарар, айар , тыл суолтатын өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы. Ол инниттэн араас куонкурустарга, күрэхтэргэ, ааҕыыларга, олимпиадаларга кытыннаран ситиһиилээх буолан үөрэххэ тардыһыыларын, баҕаларын уһугуннарыы.
Сылын аайы ыытыллар тэрээһиннэри тэҥэ нуучча тылын уонна литературатын методическай холбоһуга улуус бочуоттаах гражданина, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна А.П. Васильева кэриэһигэр бастаан региональнай,онтон республиканскай олимпиадалары тэрийбитэ. Манна кулууп чилиэннэрэ Андросова Даша, Бабанова Света, Боярова Майя 1 миэстэ буолбуттара. Майя “Өлүөнэ кыраайа” форумҥа дьарыктанар босхо путевканан бэлиэтэммитэ. С.А. Есенин үбүлүөйдээх сылларыгар МХ регион иһинэн литературнай фестиваль тэрийэн ыытабыт уонна Бүтүн Россиятааҕы Есенинскай диктаҥҥа сыл аайы ситиһиилээхтик кыттабыт. Оҕо кинигэни ааҕарын уонна ону ааҕааччыга сатаан тиэрдэр артыыстыыр дьоҕурун сайыннарар сыалтан «Тыыннаах классика» диэн куонкурсу тэрийэбит. Бастаан оскуола иһинэн, онтон улууска күрэх тэрийэн кыайыылаахтарга өрөспүүбүлүкэҕэ кыттар кыаҕы биэрэбит. Кулууп чилиэннэрэ Рахлеева Алина, Андросова Эмма, Большакова Селена ситиһиилээхтик кыттан оскуоланы улууска, республикаҕа ааттаппытара. Республикаҕа ыытыллыбыт «Страница 19» диэн ааҕыы куонкурсугар Толстякова Айна 2 миэстэни ылбыта. Дэбдиргэҕэ республиканскай «Куолу» куонкуруска нууччалыы тыл этиигэ Бабанова Света, Большакова Селена муҥутуур кыайыылаах буолбуттара. Андросова Эмма, Старостина Дуня нууччалыы ыраастык саҥарыыга номинациянан бэлиэтэммиттэрэ.
“Үнүгэс” биолого-экологическай кулууп
Биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ, Таатта улууһун инники дьылҕата эмиэ долгутар. Ол курдук, биһигини долгутар иһэр уонна туттар уу боппуруоһа. Таатта уонна Чурапчы улууһун 15 олохтоох нэһилиэнньэлэрэ Таатта үрэх уутун туһанан олороллор. Онон хайдах ууну иһэбитий, инникитин хайдах туруктаах буолуоҕай, туох харыстыыр үлэни ыытыахха сөбүй, хайдах дьаһанан олоруохха сөбүй диэн үөрэтэр-иитэр соруктаах “Таатта ыраас уута — кэнэҕэски ыччакка” диэн бырайыагынан Ытык Куол 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, “Үнүгэс” биолого-экологическай кулууп чилиэннэрэ үлэлии сылдьабыт. 2013 сылтан Таатта үрэх үөһэ баһын, ортоку сүүрээнин, Таатта төрдүн хамсыыр-харамайын, үүнээйитин, буорун, уу химическэй састаабын үөрэттибит, тулалыыр эйгэни кэтээн көрдүбүт, айылҕа харыстабылыгар туһалаах үлэлэри ыыттыбыт.
Экологическай үлэлэри научнай төрүккэ олоҕуран оҥоробут. Сылын аайы Саха сиринээҕи Билим академиятын үөрэх киинэ научнай салайааччыларын кытары бииргэ үлэлиирбитин тэрийэр. Таһаарыылаах чинчийэр үлэни ыытарбытыгар көмө буолаллар судаарыстыбаннай экологическэй надзор Тааттатааҕы инспекциятын үлэһиттэрэ, улуус уонна Таатта нэһилиэгин дьаһалтата.
Бу бырайыагынан үлэлээн үөрэнээччилэр чинчийэр үлэ ньымаларын үөрэтэллэр, дьоҕурдарын сайыннараллар, саҥаны арыйан билэргэ үөрэнэллэр, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөллөр, айылҕа, уу харастабылыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр, тулалыыр эйгэни атын хараҕынан көрөллөр, харыстабыллаах сыһыаҥҥа үөрэнэллэр. Чинчийэр үлэ сүнньүнэн араас таһымнаах научно-практическай конференцияларга кыттыннылар. Арассыыйа талааннаах эдэр ыччатын өйүүр сыаллаах “Үөрэхтээһин” национальнай, приоритетнай хайысха бырайыагын чэрчитинэн Россия Президенын Владимир Путин гранын Петров Вова, Саха сирин Ил Дарханын Егор Борисов гранын Неустроева Аделия ылбыттара. Аан дойдутааҕы, бүттүүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы”, Вернадскай, Леонардо научнай-практическай конференциялар лауреаттарынан, дипломаннарынан киэн туттабыт: Петров Вованан, Неустроева Аделиянан, Тистяхов Костянан, Филатова Светанан, Петров Алешанан, Боярова Майянан, Тихонова Виталиянан.
«Кэскил» социально-реабилитационнай кулууп
Уол оҕону иитэр, күүстээх-уохтаах, эр санаалаах буолууга эрчийэр, бултуурга уһуйар, айылҕаҕа сыһыарар сыаллаах- соруктаах «Кэскил» кулууп 2012 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыта.
Кулууп бэһис кылаастан онус кылааска диэри оҕолору хабан үлэлиир. Сүрүннээн оскуола социальнай өттүнэн кыаммат, элбэх оҕолоох ыаллартан уонна болҕомтоҕо наадыйар, аҥардас ийэ, аҕа оҕолоро мустан дьарыктаналлар.
Араас трениннэр, профилактическай бэсиэдэлэр, диспуттар, акциялар тиһиктэрин быспакка ыытыллаллар. Ону таһынан айылҕалыын алтыһыы, музейдарга, быыстапкаларга, экскурсияларга сылдьыы, улуус историятын билиһинэрии, сырдатыы үлэлэрэ былааннаахтык ыытыллаллар. Тимуровскай үлэлэр — кырдьаҕас, кыаммат ыалларга муус таһыы, мас кыстааһын, хаар күрдьүү, буор таһыы курдук көмөлөр тэриллэллэр. Ойбон ыраастааһына, территорияны хомуйуу курдук общественнай үлэлэргэ туора турбакка кыттыыны ылаллар.
«Кэскил» кулууп иһинэн 2014 сыллаахтан улуустааҕы булт уопсастыбатын көмөтүнэн «Байанай» бырайыак олоххо киирэн үлэтин саҕалаабыта. Маҥнайгы саҕалааһыннары охотовед П.П. Токумов оҕолору муҥхаҕа, куйуурга илдьэ сылдьан, булт кистэлэҥнэригэр үөрэппитэ. Айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһарга, сиргэ-уокка харыстабыллаахтык сыһыаннаһан сылдьыыга бастакы үөрүйэхтэрин билиһиннэрбитэ. Кулууп иитиллээччилэрэ 2015 сыллаахтан улуустааҕы «Муус аннынан балыктааһын» уонна «Муҥха» күрэхтэригэр хамаанда тэринэн кыттар буолбуттара. Сылын аайы бириистээх миэстэлэргэ, анал ааттарга хайаанда тиксэллэр.
Ити курдук «Кэскил» кулууп уол оҕону иитиигэ сиэр-майгы өттүнэн сайдарыгар, эр киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар, олоххо бэлэмнээх буоларыгар төһүү күүс буолар.
«Төлөн» хаардаах десант.
«Сулус» ЮНЕСКО кулууба
«Сулус» ЮНЕСКО кулууба сэтинньи 8 күнүгэр 2007 сыллаахха Урал Сибиир федерациятын ЮНЕСКО Сибиирдээҕи ассоциацияларын, кииннэрин уонна ЮНЕСКО кулууптарын Екатеринбург куоракка аан дойдутааҕы аһаҕас оскуолаҕа стажировкалыыр кэмигэр аһыллыбыта. Кулууп Урал Сибиирдээҕи ассоциациялар, кииннэр уонна ЮНЕСКО кулууптарын чилиэнин быһыытынан ЮНЕСКО аан дойдутааҕы федерациятын састаабыгар киирбитэ.
«Сулус» кулууп үлэтин түмүгэр ЮНЕСКО идеаллара сиэрдээх, көҥүл уонна киһи достоинствотын идеаллара сыталлар. Кулууп сүрүн сыалынан конкуреннаһар кыахтаах личность сайдарыгар усулуобуйаны тэрийии, үөрэнээччилэргэ олох- дьаһах позициятын этиигэ, айымньылаах, чинчийэр уонна гражданскай потенциалы олоххо киллэриигэ кыахтары биэрии буолар. Кулууп экологическай уонна правовой үөрэх, үөрэнээччилэр научнай- чинчийэр үлэлэрэ, ораторскай искусство, социальнай бырайыактааһын уо. д. а. хайысханан улэлиир. «Эдэр лидердэр» диэн креативнай региональнай бырайыак үлэҕэ киирбитэ. Кыһыҥҥы уонна сааскы оскуолалар аһылыннылар, ЮНЕСКО «Сулус» кулууп сайыҥҥы лааҕыра быйыл улэлээтэ. Урал Сибиирдээҕи ассоциация ассоциациятын кытта дуогабарынан «Сулус» ЮНЕСКО кулууптара, ЮНЕСКО кулууптара Екатеринбурга куоракка ораторскай мастарыскыайдарыгар сылын аайы о5олору ситиһиилээхтик кытыннарар. «Сулус» кулууп СӨ ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай комитетын, СӨ тас сибээстэргэ министерствотын, РФ ИДЬМ-тын бэрэстэбиитэлэ, Дьокуускай куоракка СВФУ политологияҕа кафедратын кытта үлэлиир. «Ленский край», физико-математическай форуму кытта кулууп сибээһи өйүүр, илин эҥэр оскуолаларын кытта көрсүһүүлэрэ, дьарыктаах оонньуулара, дискуссиялара мэлдьи ыытыллаллар. Бу көмөтүнэн кулууп үгүс бырайыактара олоххо киирэллэр. «Сулус» ЮНЕСКО кулууп мэлдьи кыттар. «Сулус» кулууп актыбыыс чилиэннэрэ «Артек», «Океан» уо.д.а. Арассыыйа лааҕырдарыгар үөрэнэ-сынньана бараллар. Кулууп оҕолоро сылын аайы «Будущий дипломат» уо.д.а. өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитигэр, Арассыыйа «Модель ООН» ЮНЕСКО деловой оонньуутугар ситиһиилээхтик кытталлар. «Сулус» кулууп чилиэннэрэ: Бабанова Светлана, Кононова Дария, Монастырев Алгыс, Слепцова Лилия, Никифоров Дмитрий, Попова Айта, Петров Алексей, Попов Альберт уо.д.а. Сахабыт Сирин элбэхтик ааттаттылар.
«Ыллык» төрөппүт кулууба
Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии боппуруоһа ордук сытыытык турар. Ол курдук оҕону иитэн таһаарарга дьиэ кэргэн эйгэтэ олус улахан сүдү оруоллаах.
Төрөппүт оҕотун иитиитигэр оруолун үрдэтэр сыалтан оскуолабыт иһигэр «Ыллык» төрөппүт түмсүүтэ үлэлиир. Бу түмсүүгэ 38 төрөппүт кылаас аайыттан киирэн, төрдүс сылларын былааннаахтык үлэлииллэр.
Түмсүүбүт сүрүн сыалынан буолар:
Оҕону олох сиэригэр үөрэтиигэ төрөппүт оруолун үрдэтии.
Соруктара:
Оҕо кыра сааһыттан сиэрдээх буолуутугар олук ууруу;
Оҕону иитиигэ төрөппүт үөрэхтэрин тэрийии;
Төрөппүтү үөрэх эйгэтигэр сыһыарыы;
Оҕо дьарыктаах буолуутугар үлэни тэрийии.
Үлэ сүрүннээн 4 хайысханан ыытыллар. Ол курдук, бастакы хайысхабыт «Үөрэх эрэ үйэлээх олоҕу үөскэтиэ…». Манна төрөппүттэргэ аналлаах араас хабааннаах консультациялары, эбии дьарыктары, тус көмөлөрү ыытыы, туруорсуу, сүбэлэһии улэтэ тэриллэр.
Иккис хайысхабыт «Оскуола- мин иккис дьиэм». Бу хайысхаҕа төрөппүт түмсүүтүн «Ыраас-сырдык кылаас», «Сибэккинэн симэммит оскуолам тиэргэнэ» бырайыактара оскуолабыт тупсаҕай көстүүлэнэрин туһугар хаһыс да сылын тиһигин быспакка үлэлии тураллар. Ону таһынан саамай сүрүн «Иҥэмтэлээх аһылык — доруобуйа төрдө» диэн бырайыак үлэтин салҕыыр.
Үһүс хайысхабыт «Чөл олох — чөл турук». Чөл олоҕу пропагандалыыр сыаллаах араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ төрөппүт түмсүүтун оруола эмиэ сүҥкэн улахан. Ол курдук, «Уол оҕо, аҕа, учуутал» диэн оҕолор, аҕалар уонна учууталлар икки ардыларыгар ыытыллар спортивнай күрэххэ, уол оҕону айылҕаны кытта алтыһыннаран, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр үөрэтэр сыаллаах «Байанай» кулууп араас хабааннаах тэрээһиннэригэр, күрэхтэригэр уонна төрөөбүт дойдуга патриотическай тыыны иҥэрэр сыаллаах, Алампа олорбут алаастарынан «Хаардаах айан» бырайыакка төрөппүттэр кэлэн көхтөөхтүк кытталлар, көмөлөһөллөр.
Төрдүс хайысха «Куһаҕантан куот, үчүгэйи үтүгүн». Бу хайысхаҕа оскуола профилактическай үлэтигэр көмөлөһөр сыаллаах «Төрөппүт ааҕыылара», «Кэрэ эйгэ», «Айылҕалыын алтыһыы», «Көмүскэллээх оҕо», «Үтүө санаа эрэлгэ кынаттыыр…» оскуола тэрээһиннэригэр «Ыллык» төрөппүт түмсүүтэ төһүү күүс буолар.
Төрөппүт түмсүүтэ тэриллэн, оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр кыра да буоллар үчүгэй өрүттээх хамсааһыннары таһаарда. Ол түмүгэр, төрөппүттэр оҕолорун иитиитигэр эппиэтинэстэрэ үрдээтэ, бэйэ бэйэлэригэр сыһыаннара, ис көрүүлэрэ лаппа уларыйда диэн бэлиэтиибит.
«Тулуйхан» ырыа студията
Хайа баҕар оҕо ыллыырын сөбүлүүр. Ырыаны толорор кэмигэр оҕо истэр ,өйгө тутар дьоҕура сайдар,музыка тэтимин ылынара үрдүүр,ис- иһиттэн сырдаан кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрэр.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Светлана Александровна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия композитордарын союһун чилиэнэ, композитор Егор Ильич Неустроевтар салайыыларынан 2011 сылтан студия үлэтин саҕалаабыта. Оҕону күргүөмүнэн толорууга уһуйуу биир туспа хайысха. Элбэх оҕону түмэн, бары тэҥҥэ хамсаныыларын, куоласка арааран, аттаран толотторуу элбэх үлэттэн тахсар. Маны барытын тэҥҥэ тутан, оҕо дьоҕурун сайыннарар сатабыллаах дьон Светлана, Егор Неустроевтар.
Сыл аайы Егор Ильич олохтоох ааптардар хоһоонноругар саҥа ырыаны айан дьон дьүүлүгэр таһаарар. Дьоҥҥо кэрэхсэнэр. «Таатта — ийэ тыл биһигэ», «Ыччат сахаларга » диэн ырыаларга музыкальнай клип уһулунна. «Ырыа алыптаах Тааттабар «диэн Таатта поэттарын хоһоонноругар, мелодистарын ырыаларыгар аудио дискэ оҥоһулунна.
Сыл аайы лааҕыры түмүктүүр отчуот концерт көрдөрүллэр. Концертка саала толору көрөөччү, төрөппүттэр ытыстарын тыаһынан хас биирдии оҕону уруйдаан көрсөллөр.
Ансамбль оҕолоро улууска, оскуолаҕа ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ, концертарга, конкурстарга көхтөөхтүк кытталлар. Норуоттар икки ардыларынааҕы «Рождественские звёзды» күрэххэ бастакы степеннээх лауреат, республикатааҕы «Хотугу сулус» куонкурсун «Лучший вокальный ансамбль», өрөспүүбүлүкэтээҕи клип күрэҕэр «Таатта — ийэ тыл биһигэ» ырыа 3 миэстэ буолары ситиспитэ.
«Тулуйхан» устуудьуйаттан куорсун ылан биһиги выпускниктарбыт Алина Щукина, Вова Васильев культура салаатын талан үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар.
«Надежда» муода студията
Надежда муода театра 1996 с. тэриллибитэ. Салайааччы Надежда Архиповна Поисеева.
Кулууп иитиллээччилэрэ эскиз оҥорон, саҥа уобарастары айан, иис кистэлэҥэр үөрэнэн, аксессуар айан, оҥорон бэйэлэрин талааннарын аһаллар. Араас таһымнаах куоҥкурустарга кыттаары, айанныырбытын астынабыт. Айан кэмигэр, кыттыы сүпсүлгэнигэр оҕо боччумурар, эппиэтинэһэ үрдүүр, ылыммыт сыалын ситиһэргэ дьулуурдаах буолар. Ол курдук, биһиги Москва, Пекин (КНР), Сочи, Алушта куораттарга улахан куоҥкурустарга ситиһиилээхтик кыттыбыппыт.
Эргиччи сайдыылаах буоллуннар диэн иитиллээччилэрбэр дакылаат суруйтарабын. Оҕолор улуус, Уһук Илин эрэгэйиэҥҥэ, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйатааҕы таһымнаах НПК-ларга, куоҥкурустарга куруутун кытталлар, бириистээх миэстэҕэ тиксэллэр
Саамай улахан ситиһиибитинэн Аан дойдутааҕы талааннаах оҕолор күрэхтэригэр Гран-при Аан дойдутааҕы талааннары көрүү күрэҕэр (Сочи), «Сириэhин сиигэ» эрэгийиэннээҕи күрэххэ Гран-при, Аан дойдутааҕы «Жемчужина Востока» фестивальга (Пекин, КНР) дипломант, Аан дойдутааҕы искусство олимпиадатыгар (Москва) 2 степеннээх лауреаттар, модельердар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саhарҕа» фестивалларыгар 1 степенннээх лауреаттар, «Бастыҥ айар оҕо коллектива» улууска анал аат, Уһук Илин ТРАК «Хотугу сулус», «Зима начинается с Якутии» фестиваль-куоҥкурус, «Первые шаги» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо онлайн-куонкурсун Арассыыйа хоту омуктарын национальнай таҥастарын күрэҕин дипломаннара уонна лауреаттара буолбуттара.
Бүгүҥҥү ситиһиилэрбит — үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал биир сомоҕо көдьүүстээх үлэтин түмүгэ.
Оскуола сарсыҥҥыта — норуот инникитин түстүүр.
Суруйда Саргылана Григорьевна ВАСИЛЬЕВА, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.
“Дьулуур» уус-уран ааҕыы кулууба
«Дьулуур» бөлөххө алын сүһүөх кылааска үерэнэ сылдьан кылааспыт салайааччыта Ульяна Григорьевна Егорова көҕүлээһининэн дьарыктанан саҕалаабыппыт уонна оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри сөбүлээн дьарыктаммыппыт. Бу кэм иһигэр, билигин кэлэн санаан көрдөхпүтүнэ, олус элбэххэ үөрэммит эбиппит: сыанаҕа сөпкө туттарга-хаптарга, улаханнык доргуччу ааҕарга, табатык саҥарарга, санаабыт санаабытын сайаҕастык этэргэ, оҕолору, улахан дьону кытта алтыһарга. Кулууп иһинэн сыалай 5 салайааччы үлэлиирэ.
Хас биирдии дьарык, куонкурус ахсын салайааччыларбыт бириэмэлэрин ууран туран ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлииллэрэ. Улуу убайдарбыт айымньыларын үөрэтэн, элбэҕи билэн-көрөн, төрүт сахабыт тыла өр кэмнэргэ сүппэтин туһугар, саҥа үүнэн эрэр көлүөнэ оҕолоро төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар улахан кылаатын киллэрэр бөлөх «Дьулуур» буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ситиһиилэрбитигэр дьоммут үерэллэрэ, салайааччыларбытыгар куруук махтаналлара. Саамай улахан бэлэмнэнии өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыыларыгар буолар этэ. Хас сыл ахсын, дьэ, спортсменнар күүстээх дьарык ааһалларын курдук, бэлэмнэнэн, долгуйан туран күрэхтэһэ барарбыт. Бэйэбит кэммитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ саамай ситиһиилээх бөлөх буола сылдьыбыппытынан киэн туттабыт. Бу уоланнар ааҕыыларыгар гран-при хаһаайыттара, хас да төгүллээх лауреаттар, дипломаннар буолан турардаахпыт. 2016 сыллаахха ааҕыыларга гран-при буоламмыт кулууппут салайааччыларыттан биирдэстэрэ, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы С.Г. Васильева уонна директоры научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы В.Т. Федорова салаталарынан 9 оҕобут Казахстаҥҥа Астана куоракка Аан дойдутааҕы оҕо айар фестивалыгар баран ситиһиилээхтик кыттан, лауреат үрдүк аатын ылан кэлбиттэрэ кулууппут дьаныардаах үлэтин үтүө түмүгэ буолар. Маны таһынан араас таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи, регионнааҕы, улуустааҕы ааҕыыларга кыттыбыппытын ааҕан сиппэппит.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан төһө да хоһоон дьарыктарыгар сырыттарбыт, активистаатарбыт, араас спортивнай күрэхтэһиилэргэ да кытыннарбыт үөрэхпитин салайааччыларбыт сүбэлэринэн, куоттардахпытына даҕаны, баҕаран туран ситиһээччибит. Бөлөх уолаттарын кытта хоһоон эрэ ааҕарбытыгар көрсүспэккэ эрэ, күннээҕи олохпутугар билсэр-кэпсэтэр буоламмыт улахан түмсүүлээх этибит. Оскуолабытын бүтэрбиппит номнуо 4-с сылыгар барбыт. Бу кырата суох кэм иһигэр тапталлаах салайааччыларбытын кытта сибээспитин быспаппыт, куруук ситиһиилэрбитин үллэстэбит, саҥа кыайыыларбытыгар үөрэбит, астынабыт.
Тапталлаах «Дьулуурбут» күнтэн-күн сайдан, саҥаттан саҥа чыпчааллары дабайан иһэригэр 2018, 2019 сыллардааҕы выпуск аатыттан баҕара хаалабыт.
Афанасий АНУФРИЕВ, ХИФУ суруналыыстыка салаатын 4 кууруһун устудьуона.