Мин суруйааччылартан ордук Алампаны сөбүлээн ааҕабын. Алын кылааска А.И.Софронов аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолатыгар үөрэммиппинэн киэн туттабын. Оскуолабыт таһыгар суруйааччы пааматынньыга турар. Кэлэр-барар ыллыкпынан хааман иһэн, Алампалыы анааран, аттынан ааһааччыбын. Алампа мөссүөнүн эһэбэр майгыннатааччыбын.
Бэйиэт хоһоонугар этэн турар: “Тугу суруйабын, кими кэпсиибин?”. Кыһыҥҥы дьыбардаах күннэргэ тумаҥҥа мунар-тэнэр түгэнигэр, тыла-өһө чочуллан, сытыырхайан биэрэр эбит!
“Сырдык үөрэх —
Уот!
Үөрэх эрэ
Үөрүүлээх олоҕу
Үөскэтиэ диэн
Үтүө эһэбит үөрэппитэ”
— диэн В.И.Ленин үөрэҕин туһунан уот харахха суруйбута. Бу улуу сирдьит үөрэҕин бигэтик тутуһар оҕо хаһыата “Кэскил” буолар. Ленин үөрэҕинэн пионерия тэриллиэҕиттэн «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат үлэлиир. “Кэскил” хаһыакка үлэлиир дьон бары Алампаҕа сүгүрүйэллэр, кини талаанын сөҕөллөр-махтайаллар дии саныыбын. Кэскиллээх норуот эрэ инникилээх!
Алампа үөрэҕэ биһигини толкуйдатар. Үөрэх билиҥҥи кэмҥэ “уот” буолан турар. Уот сырдыгынан сыдьаайар, сылааһынан илгийэр уратылаах. Мин, алта кылаас үөрэхтээх киһи, былыргынан — улахан киһибин.
Алампа аатын сүгэр орто оскуолаҕа түөрт сыл үөрэммитим тухары улуу суруйааччы олоҕун, айар үлэтин сиһилии билбитим. Бүтүн оскуола Алампанан тыынара, Алампа холобура ыччат дьоҥҥо сайдар суолу ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Алампа төрөөбүт күнүгэр төгүрүк сылы быһа араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбытым.
Бастакы драматург үөрэҕи өйдөөбөт дьонтон олус хомойоро, уйан дууһатынан ыарыылаахтык ылынара. “Бэйэҕин бэрдимситимэ, бэккин билинимэ” диэн кэриэс тылын эппитэ. Үчүгэйтэн үөрэри сатыыр, куһаҕантан курутуйары кыатанар майгылаах-сигилилээх буолуохпутун өрүү өйдөтөр.
Биир дойдулаахпыт Анемподист Иванович Софронов төрөөбүт күнүгэр «кэнчээри ыччат эйигин умнубат, айымньыларыҥ тыыннаахтар» диэн бигэтик эрэннэрэбит!