Алтынньы 23 күнүгэр А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 8 кылааһын үөрэнээччилэригэр олус долгутуулаах, үөрүүлээх түгэн — Сүрэхтэнии күнэ буолла. Бу күн биһиги үрдүкү сүһүөх үктэлигэр дабайан тахсарга сүрэхтэннибит, үтүө дьон буоларга андаҕар тылларын эттибит.
Российскай Федерация уонна Саха республикатын гимнэрин, буоларын курдук, сүһүөхпүтүгэр туран иһиттибит. Ол кэнниттэн директоры үөрэх ис хоһоонугар солбуйааччы Сардана Николаевна Ефремова биһиэхэ олоххо дьулуурдаах, үөрэххэ кыһаллымтыа, дьоҥҥо болҕомтолоох буоларбытыгар кэс тылын эттэ. Салгыы, директоры иитии үлэтигэр солбуйааччы, Анатолий Николаевич Чиряев саха тылын өрө тутан, төрөөбүт култуурабытын сайыннаран, сахалыы эйгэни кэҥэтэн, норуоппут үгэстэрин харыстыырбытыгар, үчүгэй үөрэхтээх, көрсүө-сэмэй, бэрээдэктээх буоларбытыгар кыһаллыахтаахпытын этэн туран бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ. Гимназия президенэ, 11 «б» кылаас үөрэнээччитэ, Данил Барахов гимназистарга бэйэтин сүбэтин эттэ. Онтон «Үрдэл» гимназия оҕо хамсааһынын оҕолоро (сал. Александр Артурович Макаров, педагог-организатор) эҕэрдэлээннэр ырыа бэлэхтээн тэрээһини киэргэттилэр. Биһиги хас биирдии тылларын болҕойон олорон иһиттибит, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэриннибит.
Эҕэрдэлэр кэннэ 8 кылаастар бэйэлэрин тустарынан бэлэмнээбит тэттик видеопрезентацияларын көрдүбүт.
Ол курдук биһиги, 8 «а» кылаас коллектива (кылаас салайааччыта үрдүк категориялаах история уонна обществознание учуутала Екатерина Степановна Григорьева) 5-ис кылаастан мунньуллубут араас тэрээһиннэргэ кыттыбыт, араас сирдэргэ сынньаммыт хаартыскаларбытын түмэн оҥорон, уруккубутун санаан олус үөрдүбүт. 8 «б» кылаас коллектива (кылаас салайааччыта маҥнайгы категориялаах уруһуй уонна технология учуутала Сахая Петровна Федорова) хас биирдии оҕо бэйэтин туһунан оҥорбут презентациятын бииргэ түмэн, сатабыллаахтык сааһылаан оҥорбуттар. 8 «в» кылаас коллектива (кылаас салайааччыта история уонна обществознание учуутала Евгений Евгеньевич Семенов) кылаас олоҕун кэпсиир хаартыскалары, оҕолор тугунан дьарыктаналларын көрдөрөр суруктары ыйаан бэртээхэй видеопрезентация оҥорбуттар. Онтон 8 «г» кылаас коллектива (кылаас салайааччыта маҥнайгы категориялаах нуучча тылын уонна литературатын учуутала Айыы-Куо Васильевна Соловьева) олус ураты, креативнай видеопрезентацияларынан сэргэхситтилэр.
Ол кэннэ долгутуулаах түгэн буолла: уҥа илиибитин сүрэхпитигэр тутан андаҕар тылларын эттибит.
8 кылаас үөрэнээччилэрин, учууталлары уонна төрөппүттэри эҕэрдэлээн, гимназия выпускниктара 11 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ Юлиана Пермякова уонна Эрхаан Макаров «Гимназистар ырыаларынан» үөрүүлээх түгэни — Сүрэхтэниини түмүктээтилэр. Тэрээһин төһө да ZOOM платформа нөҥүө буоллар, биһиэхэ, гимназистарга, төрөппүттэргэ уонна учууталларга олус долгутуулаахтык ааста.
Мин тус бэйэм, бу тэрээһин кэнниттэн, гимназист үрдүк аатын түһэн биэриэм суоҕа, үөрэхпэр өссө эбии кыһаллыам, төрүт үгэспин харыстыам диэн бигэ санааны ылынным!
Ярослав ЯДРЕЕВ,
национальнай гимназия 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ.