Мин соторутааҕыта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун лааҕырыгар Краснодарскай кыраай Туапсе диэн муора кытыытыгар турар куоратыгар 21 хонук сынньанан кэллим. Эрдэ ханна да ыраах сылдьыбатах буоламмын, дьиэбиттэн тахсыахпыттан барыта сонун курдук этэ.
Аан бастакыбын соҕотоҕун ыраах айаҥҥа туруммутум. Сөмөлүөккэ олорбутум, үрдүк халлаанынан көппүтүм. Дьокуускайтан Омскайга, онтон Сочига сөмөлүөтүнэн айаннаабыппыт. Ол кэннэ 8 чаас автобуһунан айаннаан, Туапсе диэн куоракка тиийбиппит. Куорат муора кытыытыгар турар буолан, айылҕата наһаа үчүгэй этэ, кэрэ баҕайы көстүүлээх сиргэ турара.
Биһиги Саха сириттэн 60-тан тахса оҕо сырыттыбыт. Мин бастакытын сөҕө-махтайа пальма маһы сэргии көрдүм. Онтон муораҕа сөтүөлээн, муора салгынынан тыынан астыммытым. Төһө да ыраах, үчүгэйдик сырыттарбын, кэнникинэн дойдубун, ийэбин, бииргэ төрөөбүттэрбин олус ахтыбытым.
Лааҕырым таһынан Геленджик диэн куоракка уонна Сочи пааркаҕа бара сылдьыбыппыт. Биһигини наһаа үчүгэй баһаатайдар илдьэ сылдьыбыттара. Лааҕырбытыгар олус үчүгэйдик аһаталлара. Араас дьарыктарга сылдьыбыппыт.
Мин бу айаммын аҕабар, «Эр санааланыы» уордьан кавалерыгар, Егор Васильевич Местниковка, кини сырдык кэриэһигэр аныыбын.
Сандал Местников, 9 кылаас үөрэнээччитэ, Уус Таатта, Таатта.
keskil14.ru