«Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт, эдэртэн эйэтин ыл» диэн өс хоһооно этэринии, биһиги Харбалаахпытыгар аҕам саастаах дьоммут куруук эдэрдэргэ сүбэ-соргу буолаллар. Нэһилиэк олоҕор куруук көхтөөх кыттыыны ылан, эдэрдэргэ үтүө холобур буолаллар. Оннооҕор дэриэбинэни ыраастааһын субуотунньуктарыгар биир бастакынан кинилэр кэлбит буолар идэлээхтэр.
Харбалаахха баар «Эбээлэр»,»Коллекционердар» түмсүүлэрэ оҕо аймаҕы кытта куруук бииргэлэр. Араас тэрээһиннэргэ кэлэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга-ытыктыырга үөрэтэн, кэс тылларын тиэрдэллэр.
Бу күннэргэ оскуола бары үөрэнээччилэрэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар тиийэн «Ытык саастаахтар күннэринэн» эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар, ырыа-хоһоон ааҕан сэргэхситтилэр. Ким көмөҕө наадыйарга күүс-көмө буоллулар. Ити курдук аҕа саастаахтарга ытыктабыл, өйөбүл куруук ситимин быспакка баар буоллун! Аҕам саастаахтарбыт үтүө холобур буолан, ыччат дьону үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдии сырыттыннар!
Валентина Кривошапкина, Таатта, Харбалаах.