Мин эбээбин Колодезникова Валентина Степановнаны ааспыт Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлиибин.Чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны, көхтөөх уһун олоҕу баҕарабын!
Кини 1961 сыллаахха кулун тутарга Кэбээйи улууһугар төрөөбүтэ. Кэбээйи оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, медсестра үөрэҕэр үөрэнэ киирэр. Үөрэҕин бүтэрэн, медсестра идэтин баһылаан 1979 сыллаахха Ытык-Күөл балыыһатыгар үлэтин саҕалыыр. 1980 сылтан бу күнҥэ диэри Уус-Таатта балыыһатыгар үлэлээн элбэх дьон махталын ылар.
Үлэлии сылдьан эһээбин Николай Николаевич Колодезниковтыын билсэн, ыал буолан, 6 оҕо, 22 сиэн тапталлаах, ытыктыыр дьонноро буолаллар. Оҕолоро Ньургуйаана, Саргылаана, Лидия, Николай, Ефрем уонна Костя. Мин аҕам Колодезников Ефрем Николаевич бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Уһун, сыралаах үлэтин түмүгэр 2005 сыллаахха «СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Мин эбээм, кэнчээри ыччаттарга, үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улааттын диэн баҕа санаатын этэр. Мин эбээбин олус күүскэ таптыыбын, убаастыыбын уонна киэн туттабын!
Альмира Колодезникова, Уус Таатта орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ.
Мин эбээм аата Борисова Прасковья Ивановна. Кини 1953 сыллаахха Таатта улууһугар Уус-Тааттаҕа төрөөбүтэ.
1972 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн, бэтэрэнээр идэтин баһылыы үөрэххэ киирэр. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн дойдутугар үлэлии кэлэр.
Олоҕун аргыһа, мин эһээм Борисов Николай Петрович. Кинилэр 5 оҕолоноллор: Петр – Мэҥэ-Хаҥаласка олорор, Николай – бу күн сириттэн туораабыта, Лидия – мин ийэм Уус – тааттаҕа, Анна – Анаабырга уонна Иван Уус-Алдаҥҥа үлэлиир, олорор. Уопсайа 15 сиэн эйэҕэс эбээтэ буолар. Мин тохсус сиэн буолабын. Мин эбээбэр көмөлөһөбүн. Кини миэхэ эмиэ көмөлөһөр.
Эбээбэр 2023 сыллаахха «Таатта улууһугар сүдү кылаатын иһин» анал мэтээл туттарбыттара. Мин эбээбинэн киэн туттабын.
Ытыктыыр, убаастыыр эбээбэр баҕарыам этэ доруобай буол, өссө элбэх сиэннэри, хос сиэннэри, ыалдьыма, сүүс сааскар дылы олор.
Уйгулаана Местникова, Уус Таатта орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ.
keskil14.ru