Мин аҕам, Алексей Михайлович, землеустроитель идэлээх. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит: Ярослав, Георгий, мин, Герман уонна Алдар.
Аҕабыт — биһиги дьиэ кэргэн тутаах киһибит. Дьиэ ис-тас үлэтин кини оҥорон, дьаһайан олорор. Аҕам — чиэһинэй, үтүө, аһыныгас санаалаах, күүстээх киһи.
Кини сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Нүөлүгү диэн сиргэ аҕабытыныын сылгыларбытын көрөбүт, аһатабыт. Сайынын Хаастаах диэн алааска оттуубут, сынньанабыт.
Биһиги аҕабытынан киэн туттабыт уонна таптыыбыт.
Галя Федорова, VI кылаас, «Проба пера» пост эдкора.
Чыамайыкы, Мэҥэ-Хаҥалас.