Аҕалар амарах санаалара,
Күүстээх чэгиэн дьайыылара
Сиртэн кыахтаах тирэх кэриэтэ
Олоххо холобур буолуоҕа.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Күндү амарах аҕаларбытыгар бу бэлиэ күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Аҕа ууһун тэнитэр, ааккытын ааттатар, туйаххытын хатарар үтүө дьону иитэн таһаарыҥ! Дьиэҕит сылаас сыһыанынан, кэргэн мичээринэн, оҕо-сиэн чуопчаар саҥатынан туоллун! Дьоллоох, доруобай буолуҥ!
Бу дьоро күн аҕа киһиэхэ аадырыстаммыт истиҥ суругу бэчээккэ таһаарабыт.
***
Москваттан Дьокуускайга көтөр сөмөлүөккэ ааҕаргар
Аҕам барахсан, дорообо!
Бука, үөһээ халлааҥҥа көтөн иһэн, мин сурукпун ааҕа олороруҥ буолуо.
Эйиэхэ сурук суруйбатаҕым ыраатта эбээт?
Бырастыы…
Өйдүүгүн, эн миэхэ сарсыарда ахсын хоһоон айаргын? Оттон киэһэтин остуоруйа кэпсээн утутарыҥ, үүт сылытан ириис хааһы буһарарыҥ, мин ириис хааһыны сөбүлээбэт этим, ол эрэн эйиэнэ ураты минньигэс буолааччы!
Сарсыарда эрдэ борук-сорукка салааскаҕа олордон, оҕо саадыгар илдьэриҥ… Бастакы даачабытыгар тэлиэскэнэн кумах таспыппыт. “Оҕом, маладьыас!”, — диэн хайҕаабыккар, төһө да сылайбытым иһин, мин онтон үөрэн, бэйэбин киэн туттубутум. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына: “Буоллун, үс да сыана буоллаҕа”, — диэн уоскутарыҥ… Балык кыһарга үөрэппитиҥ – маҥнай сүнньүттэн кэтит гына, ол кэннэ ону кыралыы кырбастыырга, “саамай минньигэһэ — бу” диириҥ, онтон ону сиирбит.
Бирээнньик, баахыла сиирбит, билигин даҕаны сии олорон, эйигин санаан-ахтан кэлэбин.
Сарсыарда ахсын оскуолаҕа барарбар, бытыккын хорунан баран, сыллаан уһугуннарарыҥ, ол кэннэ миигиттэн күнү быһа одьукулуон сыта кэлэрэ, мин “аҕам сыта кэлэр” дии санааччыбын.
Маҥнай кыра эрдэхпинэ “стипендияҥ аҥаарынан” эһэ миискэ оҕотун бэлэхтээбитиҥ, оттон командировкаттан кэлэргэр “эһээ биэнсийэтин аҥаарынан” улахан эһэ миискэни аҕалбытыҥ.
Госэкзамен иннинэ: “Сиэпкэр сыанаҕын угабын”, — дии-дии 5 тыһыынчаны укпутуҥ, оттон мин онно кыайан туттарбатаҕым. Эн миигин мөхпөтөҕүҥ, бэйэҥ эмиэ хаһан эрэ кыайан туттарбатаххын кэпсээбитиҥ уонна хат туттарыахха сөп диэбитиҥ.
Эн мииигин хаһан да мөхпөт этиҥ, наар кэпсэтэн барытын быһааран биэрэриҥ туһунан дьоҥҥо барыларыгар кэпсиибин.
Туох да буолбутун иһин, миэхэ наар бэйэбэр эрэл санаа уонна күүс биэрэр соҕотох киһигин.
Миигин кутаа уот курдук сылытар, олоҕум аргыһа буолбут истиҥ,умнуллубат түгэннэр иһин эйиэхэ махтанабын.
Мин эйигинэн киэн туттабын!
Тугу эрэ алҕас этэн, сыыһа туттан хомоппут түгэннээх эбит буоллахпына, бырастыы гын. Ол куһаҕаны баҕаран буолбатах, мин наар эһигини саныы-ахта сылдьабын.
Өрүү аттыгар баар буолуом, эн эттэргин эрэ тиийэн кэлиэм, туох баарбынан көмөлөһүөм, тэҥҥэ күлүөхпүт-үөрүөхпүт, хомойуохпут-хоргутуохпут, дуоһуйа кэпсэтиэхпит!
Бэйэҕин харыстан асырыт, биһиэхэ эдэр, чэгиэн-чэбдик аҕа наада!
Эһиги баар буолан, мин дьоллоох киһибин!
Айыыларбыт-иччилэрбит биһигини өрүү харыстыы-араҥаччылыы сырыттыннар, оттон биһиги бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхпүт-өйдөһүөхпүт!
10 сыл устата биллибэккэ сылдьыбыт айар күүрээним соһуччу түүн 2 чааска киирэн кэллэ.
Эйигин, күндү киһибин, таптыырым бэрдиттэн!
Бу олорор олоҕум, тулабар баар күндү дьонум иһин барҕа махтал!
Төрөөбүт дойдугар этэҥҥэ көтөн тиий!
Эйигин ис сүрэхпиттэн күүскэ таптыыбын!
Эн кыыһыҥ.
2019 сыл, от ыйын 28 күнэ.
ХИНТуоКИ НСТ-18 устудьуона Анна Максимова тылбаастаата.