Үһүс төгүлүн ыытыллар улуустааҕы «Аҕа уонна уол — көлүөнэ ситимэ» күрэххэ оскуолабытыттан үс дьиэ кэргэн киирэн ситиһиилээхтик кытынна.
Күрэх үс түһүмэҕинэн барда: «Мин дьиэ кэргэним» — дьиэ кэргэни, дьарыгын, үгэстэрин билиһиннэрдилэр, «Көмүс тарбах» — ыал аҕата илиинэн оҥоһуктарын көрүү буолла, үһүс билиини тургутуу түһүмэҕэр өс хоһооннорун ситэрдилэр, сомоҕо домохтору быһаардылар, таабырын таайдылар.
Бары түһүмэҕи ситиһиилээхтик ааһан, Р.А. Руфов уола Юлианныын (Дүллүкү) муҥутуур кыайыылаах аатын, П.Н. Дорофеев уола Колялыын (Дүллүкү) 1-кы, Даниловтар дьиэ кэргэттэрэ (Үөһээ Бүлүү) 2-с, Н.В. Васильев уола Эрэллиин (Дүллүкү) 3-с миэстэни ыллылар.
«Тускул» оҕо киинин уонна «Сомоҕо» оҕо хамсааһынын тэрилтэлэрэ сыллата ыытар тэрээһиннэрэ дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун үрдэтиигэ, төрөппүт уонна оҕо түмсүүлээх буоларын туһугар туһуланар.
«Эрчим» эдкорпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.