Үөһээ Бүлүү улууһугар сылын аайы ыытыллар «Аҕа уолунаан» диэн улуустааҕы күрэх буолла. Быйыл улуус нэһилиэктэриттэн барыта 11 хамаанда кыттыыны ылла.
Күрэх түһүмэхтэрэ: бэрэбинэни суоруу, бэрэбинэни эрбээһин, эрбэммит маһы хайытан саһаан туруоруу, уот оттон ууну оргутуу, баҕанаҕа ыттыы, ойбону алларыы уонна биатлон. 7 киирсиилээх түһүмэх түмүгүнэн кыайыы өрөгөйүнэн Дүллүкү нэһилиэгиттэн Айсен уонна Арсен Петровтар биллилэр. Ыаллыы Хомустаах нэһилиэгиттэн Николай уонна Ким Кухотовтар II миэстэ,
Далыртан Леонид уонна Айсен Филипповтар III миэстэни ыллылар .
Кыайыылаах хамаанда аҕата Айсен Егорович биһиги оскуолабытыгар рабочайынан үлэлиир, оттон Арсен 10 кылааска үөрэнэр. Петровтар түөрт оҕолоох иллээх-эйэлээх, улахан хаһаайыстыбалаах, сылгы, сүөһү иитэр дьиэ кэргэн. Ыал ийэтэ Людмила Анатольевна товаровед идэлээх. Уолаттар үһүөн оскуолаҕа үөрэнэллэр, балтылара кыысчаан уһуйааҥҥа сылдьар. Айсен күрэххэ кыттыбытын туһунан биһиэхэ маннык кэпсээтэ:
— Элбэх хамаанда кыттыбыта олус көхтөөх этэ. Түһүмэхтэр бары интэриэһинэйдэр. Түһүмэхтэртэн саамай биатлону сөбүлээтим. Аҕабын кытта бастаан баҕанаҕа ыттыыны ыарырҕаппыппыт. Мин балтараа, аҕам икки аҥаар миэтирэни тахсыбыппыт. Далыр уонна Хомустаах хамаандата үчүгэй бэлэмнээхтэр диэн бэлиэтии көрдүм. Билигин биһиги республикатааҕы күрэххэ кытта барар буолан, бэлэмнэнэ сылдьабыт. Аҕабытын кытта уолаттар сыл аайы куска, балыкка сылдьабыт, булт үөрүйэхтэригэр уһуйуллабыт. Дьиэ кэргэнинээн айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт.
Уоллаах аҕа аны Мэҥэ Хаҥаласка Майаҕа тэринэн айаннаатылар. Кинилэргэ ситиһиилээх кыттыыны, дьулууру, тулууру баҕарабыт!
«Эрчим» медиа киин,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү