Таатта улууһун Ытык Күөл А.И. Софронов-Алампа аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар «Аҕа, уол, эр дьон учуутал» байыаннай-спортивнай күрэхтэһии буолан ааста. Бу күрэхтэһии СӨ бастакы Президенэ Михаил Николаев олохтообут «2000 үтүө дьыала» хамсааһынын чэрчитинэн 2000 сылтан ыла ыытыллар.
«Аҕа, уол, эр дьон учуутал» тэрээһини маҥнайгынан көҕүлээбит, саҕалаабыт киһинэн выпускникпыт, оччолорго үөрэнээччибит, «Кэскил» оҕо тэрилтэтин президенэ, билигин улуустааҕы социальнай управление начаалынньыга Михаил Петрович Тарасов буолар.
Быйылгы XIX төгүлүн ыытыллар түмсүүбүтүгэр кэккэ уларыйыылары киллэрдибит. Ол курдук, уол оҕону байыаннай-патриотическай тыыҥҥа иитэр туһуттан, ОБЖ учуутала Тарасенко Ирина Юрьевна тэрийиитинэн, иккис түһүмэҕэр байыаннай эстафетаны киллэрдибит.
Бу байыаннай-спортивнай көрүҥҥэ аҕалар кыайыылааҕынан тахсаннар, өссө төгүл аҕалар дойдуну көмүскүүргэ, саа-саадах тутарга бэлэмнэрин бигэргэттилэр, аҕа оруолун үрдэттилэр. XI кылаастан кыттыбыт аҕа Михайлов Сергей Степанович бары көрүҥҥэ бастыҥнар кэккэлэригэр сырытта. Е.Е. Дуракинов, А.Н. Малышев, Ф.Н. Габышев, М.П. Тарасов, С.К. Андросов волейболга олус үчүгэйдик оонньуулларын көрөн, оҕолоро киэн тутуннулар. Уолаттарбыт Сидоров Алеша (XI кылаас), Свинобоев Айсен (VIII кылаас) байыаннай күрэххэ инники күөҥҥэ сырыттылар.
Саамай тыҥааһыннаах, кэтэһиилээх волейбол күрэҕэ быйыл да олус үчүгэй тэрээһиннээхтик ыытыллан, бары да олус астынныбыт. Элбэх сыра-сылба, күүс-уох баранан, түмүккэ эр дьон учууталлар хамаандалара (хапытаан Попов А.В.) кыайан, көһөрүллэ сылдьар Кубогы, анаан оҥоһуллубут минньигэс торду ылла. II миэстэҕэ аҕалар (хапытаан А.Н. Малышев) тигистэ. Уолаттар хамаандалара (хапытаан Алеша Сидоров) үһүстээтэ. Бары мэтээлинэн, грамотанан наҕараадаланнылар.
Бу тэрээһиммитигэр 2015 сылтан Сардаана Николаевна, Григорий Григорьевич Винокуровтар дьиэ кэргэн («Модун» маҕаһыын) күүс-көмө, өйөбүл буолаллар. Кинилэргэ оҕолор, аҕалар, учууталлар махталларын тиэрдэллэр.
Уол оҕо, аҕа, учуутал эр киһи – бары биир сомоҕо буолан, көлүөнэ ситимин олохтууллар, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаны түстүүллэр, түмсүүлээх буолаллар.
Х кылаас үөрэнээччилэрэ
Наташа Уварова, Кристина Авелова.
Ытык Күөл, Таатта.