С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар V өрөспүүбүлүкээтэҕи спидкубинг аһаҕас чемпионата буолан ааста. Саха өрөспүүбүлүкэтин Спидкубинг федерацията, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын уопсай тэхэньиичэскэй хаапыдыратын учууталлара уонна Дьокуускай куорат «JOY» маҕаһыына тэрийэн ыыттылар.
Мин бу тэрээһиҥҥэ иккиспин сырыттым. Ааспыт сылга элбэх дьон баара, олус интириэһинэй этэ. Быйыл да тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Кыттааччылары кытта көрсөн кэпсэттим.
Георгий Софронов, II куурус устудьуона, Томтор, Өймөкөөн:
– Спидкубинганан оскуола эрдэхтэн дьарыктанабын. 14 сааспар аан ситимҥэ видеолары көрөн үөрэммитим, интириэһиргээбитим. 2019 сыллаахха бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолбута, онно бастакыбын кыттан көрбүтүм. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ кыттан миэстэлэһэр буолбутум. Спидкубинг киһи концентрациятын, мелкай моторика сайыннарар.
Аман Сивцев, VI кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията:
– Мин үһүс кылаастан дьарыктанабын. Карантин кэмигэр дьиэбэр олорон куйаар ситимигэр көрөн кэрэхсээбитим. Спидкубинг киһи өйдүүр, толкуйдуур дьоҕура, мелкай моториката сайдарыгар көмөлөһөр, туһалыыр. Былырыын спидкубинг чөмпүйэнээтигэр кытта сылдьыбытым, эмиэ элбэх ситиһиилэммитим.
Юлиана Саввина, Х кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията:
– Бэһис кылаастан саҕалаабытым. Спидкубинг киһи өйүгэр, хайдах толкуйдууругар көмөлөһөр, киһи ылла да сатаабат. Спидкубинг уопсайынан киһи тарбахтарын үлэлэтэр, сайыннарар. Бүгүн күрэх кэмигэр 5х5 кубигы хомуйарга үөрэнним, сынньалаҥ бириэмэбэр. Быйылгы кыттыым ааспыт сылларбын кытта тэҥнээтэххэ куһаҕан. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суохпун. Бэҕэһээ олимпиадаҕа кыттыбытым, онон бириэмэ булан үчүгэйдик бэлэмнэммэтим.
***
Күрэхтэһии Аан дойдутааҕы кубик ассоциациятын (WCA) быраабылаларынан ыытылынна. Кубер оҕолор араас быһыылаах кубик рубиктары бириэмэҕэ хомуйдулар. Хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэстилэр. Саамай кылгас бириэмэҕэ хомуйбут кубердар бастыҥнарынан ааттаннылар, грамоталарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Мин санаабар, спидкубинг ыарахан, чахчы мээнэ киһи ылла да сатаабат. Хайаан даҕаны күүстээх дьарык ирдэнэр, элбэх бириэмэ наада. Спидкубингынан дьарыктанар оҕолор, дьоннор олус өйдөөхтөр диэн бэлиэтии көрдүм, тугу барытын ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдуур эбиттэр.
Вилена СТРУЧКОВА, VIII «А» кылаас,
«Тумус кыһа»пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Вилена Стручкова, Аня Лазарева хаартыскаҕа түһэриилэрэ