«Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу” декада чэрчитинэн Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музейга уруокка сырыттыбыт. Оскуолабыт сылын ахсын бэлиэ күннэргэ түбэһиннэрэн олохтоох музейы кытта ситимнээхтик үлэлиир. Бүгүн Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэрин көрсө олус интэриһинэй кылаас чааһыгар сырыттыбыт.
Нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Аксентьевич Павлов кэпсээниттэн үгүһү биллибит, биир дойдулаахтарбытынан, төрөөбүт дойдубутунан, билиҥҥи эйэлээх олохпут иһин киэн тутуннубут, толкуйга түстүбүт.
Ол курдук, Улуу Россиябыт төһө элбэх сэриини, араас ыарахаттары, түһүүнү-тупсууну көрсүбүтүн олус интэриэһинэйдик, дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээтэ. Оҕолор олорон барытын биир да тылы сыыска түһэрбэккэ болҕойон иһиттибит.
Егор Аксентьевич кэпсииринэн, Саха сириттэн үгүс элбэх дьон Аҕа дойду сэриитигэр баран, Ийэ дойдубутун көмүскээн кэлбиттэр, сорохторо төннүбэтэхтэрэ, атыттар олох да сураҕа суох сүппүтэр.
Билигин биһиги нэһилиэкпитигэр баара-суоҕа 6 тыыл ветерана, 40-ча сэрии кэмин оҕолоро хаалбыттар. Ол кэмнэр олус да ыарахан этилэр. Аҕа дойду улуу сэриититтэн ордук Россия ханнык өссө элбэх сэриигэ түбэспитин биллибит.
Түмүгэр биир дойдулаахпыт, буойун-суруйааччы, кылгас гынан баран, эдэр ыччакка дойдуну таптыырга иитэр үгүс айымньыны суруйан хаалларбыт Тимофей Егорович Сметанины ахтан аастыбыт. Кини «Егор Чээрин», «Мэхээлэчээн булчут», «Саллаат сүрэҕэ» айымньыларынан чахчы патриот оҕолор буолан иитиллэн тахсарбытын итэҕэйдибит.
Валя Гуляева, 8 кылаас
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата