Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр, биһиги Уус Амма нэһилиэгиттэн 135 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыта. 24 киһи үлэ фронугар сылдьыбыта, 72 киһи дьиэлэригэр эргиллэн кэлбиттэрэ. Бу кэмҥэ Хоютановтар дьиэ-кэргэн бары кытталлар. Икки уол фроҥҥа, аҕалара уонна кыра уол, кыргыттар тыылга үлэлииллэр. Сэрии бүппүтүн кэннэ 1946 сыллаахха Артемий Пркопьевич, кыыһа Александра уонна уола Егор «За доблестный труд великой отечественной войне» мэтээлинэн наҕарааданаллар.
Саамай улахан уоллара Хоютанов Петр Артемьевич 1915 сыллаахха Уус Амма нэhилиэгэр Чараҥ диэн сиргэ төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуусэриитин иннинэ холкозка суотчутунан үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан, сэриигэ бастакынан барбыта. Кини комсомоллаах этэ. 1942 сыллаахха Курскай уобаласка хорсуннук сэриилэһэ сылдьан күн сириттэн күрэммитэ.
Эйэлээх олох туһугар охсуспут төрүттэрбинэн киэн туттабын, кинилэр хорсун быһыылара куруук үтүө холобур буола туруохтун!
Нария Хоютанова Таатта улууһун Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын
аатынан Чымынаайы орто оскуолатын юнкорра, 9 кылаас үөрэнээчитэ
#Мой Герой
#РасскажиосвоемГерое