Кэбээйи орто оскуолатыгар Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэрин көрсө уус-уран ааҕыы күрэҕэ буолан ааста.
Оскуола иитии үлэтин биир хайысхатынан дойдубут патриоттарын иитэн, улаатыннаран таһаарыы буолар. Ол курдук, уол оҕо төрөөбүт дойдутун, норуотун хорсуннук көмүскүүр кыахтаах уонна баҕалаах буола улаатара төрөппүттэн эрэ буолбакка, тас эйгэттэн эмиэ улахан тутулуктаах.
Маннык сыаллаах-соруктаах күрэхтэһиигэр 1-11 кылаас хомоҕой тыллаахтара 4 бөлөххө арахсан кыттыыны ыллылар. Оҕолор ордук, төрөөбүт дойду, улуу Кыайыы, саха хорсун саллаатын туһунан сахалыы уонна нууччалыы тылынан хоһоон аахтылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ оскуолабыт тыл учууталлара, библиотекарьдара киирдилэр. Кинилэр хоһоон тылын билиини, уобараска киириини уонна көрөөччүгэ тиэрдиини сыаналаатылар.
1-2 кылаастар икки ардыларыгар Оля Терехова (2-б кылаас), 3-4 кылаастарга – Алина Каратаева (4-а кылаас), 5-6 кылаастарга – Айгылаана Сивцева (6-б кылаас) уонна 7-8 кылаастарга Айсен Егоров (8-а кылаас) бастыҥнарынан ааттаннылар.
Кыттыбыт үөрэнээччилэр бары бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, грамотанан наҕараадаланнылар.
Дуолан Павлов, 6 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.