Ахсынньы 5-10 күннэригэр Эмис оскуолатыгар Аҕа дойду дьоруойдарыгар анаммыт нэдиэлэ буолан ааста. Бу нэдиэлэ устата кылаас чаастара, кинигэ быыстапката, буулдьанан ытыыга күрэхтэһии, былакаат куонкурса, киинэ көрүү итиэннэ нэдиэлэ түмүгэр квест оонньуу ыытылынна.
Оҕолор тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Былакаат оҥорууга кыра кылаастарга 3 кылаас (сал. Неустроева Т.Г.), улахан кылаастарга 6 кылаас (сал. Ноговицына М.Ю.) кыайыылаах буолллулар. 2 миэстэҕэ икки сүһүөҕүнэн 4 кылаас (сал. Петрова Е.И.), 9 кылаас (сал. Захарова Н.К.), үһүс миэстэҕэ 2 кылаас (сал. Копырина С.А.), 5 кылаас (сал. Гаврильева А.Н.).
Квест оонньууга этэрээттэринэн күрэхтэстилэр. Кыайыылааҕынан “Паруса” этэрээт (хамандыыр 11 кылаас үөрэнээччитэ Даша Чемезова), иккис миэстэ “Лидер” этэрээт (хамандыыр 10 кылаас үөрэнээччитэ Богдан Бубякин), 3 миэстэ “Позитив” этэрээт (хамандыыр 11 кылаас үөрэнээччитэ Вика Степанова) буоллулар.
“Кэскил” медиа-киин, Эмис оскуолата Амма улууһа.