Ыам ыйын 13 күнүгэр Маҥан орто оскуолатыгар «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын күнэ буолан ааста. Онно биир дьикти, интэриэһинэй түгэн буолла.
Маҥан орто оскуолатын библиотекатыгар Аан дойду хаһыаттарын мунньар коллекционер архыыбыттан «БЭЛЭМ БУОЛ» аан маҥнайгы нүөмэрэ көһүннэ!
Бу туһунан кылаабынай эрэдээктэр Татьяна Ильинична Жиркова туоһуласта. Валентина Николаевна хаһыаты муспута 10-тан тахса сыл буолбут. Бу маҥнайгы хаһыаты кини кылааһынньыгыттан Сысолятин Василий Николаевичтан 2014 сыллаахха бэлэх туппут. Василий Николаевич хаһыат Уус-Алдан улууһугар алааска баар өтөхтөн булан ылбыт.
Ол курдук оҕолорго аналлаах «Бэлэм буол» хаһыат сахалыы тылынан 1936 с. ыам ыйын 15 күнүгэр тахсыбыта, 8 тыһыынча сурутааччылаах этэ. Хаһыат бастакы эрэдээктэринэн биллиилээх поэт Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай этэ.
Хаһыат сайдыытын туһунан Валентина Николаевна санаатын эттэ:
«Олус тупсубут, интэриэһинэй матырыйааллардаах буолбут диэн хайҕыыбын! Олоҕу кытта тэҥҥэ барсан иһэллэр. Түгэнинэн туһанан махтанабын уонна эҕэрдэлиибин. Үүнэ-сайда, чэчирии туруҥ! Элбэх ситиһиилэри уонна ааҕааччылары!».
Төрөөбүт күҥҥүнэн, «Бэлэм Буол»-«Кэскил»!
Матырыйаалы Кристина ИВАНОВА бэлэмнээтэ.