Ийэ… Саамай күндүттэн күндү, истиҥтэн истиҥ тыл. Кини эйэҕэс тыллара, амарах сүрэҕэ туохха да тэҥнэспэт…
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат 17-с №-дээх орто оскуолата САССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэхтээһин эйгэтигэр Ааҕыы сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылыгар аналлаах «Тыыннаах тыл» бырайыак чэрчитинэн, Таатта улууһун уонна Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр ийэҕэ аналлаах дьүһүйүү, кэпсээн, хоһоон айыы күрэҕин ыытта.
Манна Таатта улууһуттан Игидэй, Хара-Алдан, Дьокуускай куораттан 12-с №-дээх, 23-с №-дээх, 17-с №-дээх, 2-с №-дээх, Тулагы орто оскуолаларыттан, Айыы кыһатыттан, Саха гимназиятыттан барыта 50 оҕо көхтөөх кытттыыны ылла. Оҕолор ийэҕэ аналлаах дьүһүйүүлэри, тэттик кэпсээннэри, хоһооннору тылы-өһү таба сааһылаан, туһанан суруйарга холоннулар.
Ийэ
Ийэ – киһи бастакы тыла. Биһиэхэ саамай күндү бэлэх биэрэр – олох. Ийэ хас биирдии киһиэхэ бэйэтэ туспа уратылаах. Кини мэлдьи сэргэстэһэ, өйүүргэ бэлэм.
Сорохтор, ийэ оҕотун туһугар барытыгар бэлэм буоларын, умналлар. Оннооҕор сорох оҕолор кыраһыабайы уонна сылааһы ийэлэрин иһигэр көрбөттөр, кинилэр обургу дии саныыллара эбээт.
Ийэ сүрэҕэ бу биһиги олохпутугар саамай күндү. Кини сүрэҕэр таптал уонна бырастыы баар буолар. Кылаабынайа, ийэ сүрэҕин сүтэрбэт уонна албыннаабат буолуохха наада. Ийэм миэхэ дьолу-соргуну, олох кэрэтин бэлэхтиир. Сороҕор, биллэн турар, мин ийэбин өһүргэтэбин, ол эрээри, кэлин олус кыбыстабын. Ийэм миигин мэлдьи бырастыы гынар.
Ийэбин таптыырбын суруйарбар биир да кумааҕы тиийбэт. Ийэм хаһан да хомойботун диэн баҕа санаалаахпын. Төһөнөн улаатан иһэбит да, соччонон ийэбит биһиги болҕомтобутугар, тапталбытыгар наадыйар. Ийэбитин кытта эйэҕэс буолуохтаахпыт. Ийэҕитин харыстааҥ уонна убаастааҥ!
Алина СТЕПАНОВА 10-г кылаас, 17с №-дээх орто оскуола.
Ийэ туһунан дьүһүйүү
Күн сиригэр ийэттэн күндү ким да суох. Ханнык баҕарар киһи биир ийэлээх. Миэхэ мин ийэм — дьоллоох бэлэҕим. Кини миигин улаатыннаран, олоххо баар кэрэҕэ бастакы хардыыны оҥотторбута. Ийэм, аҕабын кытта биир ситим буолаллар мин сүрэхпэр.
Ийэм музыка эйгэтигэр чугас буолан, миигин эмиэ онно сыһыарбыта. Олох кыра эрдэхпиттэн пианиноҕа үөрэппитэ. Хайыы-үйэ мин музыкальнай оскуоланы кыһыл дипломунан бүтэрдим, онно ийэм көмөтө улахан. Иккиэн элбэх мелодиялары дьиэбитигэр оонньуубут. Ийэм миигин уонна бииргэ төрөөбүт убайдарбын бэйэтин төрөөбүт дойдутугар – Аммаҕа илдьэр сыл аайы. Биһиги бары ис сүрэхпититтэн Амма эбэни сөбүлүүбүт, таптыыбыт. Ханнык баҕарар ийэ олоҕор таптыыр аргыһа аҕа баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн толору буолар.
Ханна да сырыттарбын ийэбин кытта биир ситим буолабыт.
Настя РАСТОРГУЕВА, 9-г кылаас, 17-с №-дээх орто оскуола.
Ийэ
Күн сиригэр саамай күндү киһи ийэ буолар. Эйэҕэс тыллара, амарах сүрэҕэ, сылаас илиилэрэ, кэрэттэн кэрэ, истиҥ мичээрэ туохха да тэҥнэспэт.
Сарсыарда аайы минньигэс аһынан аһатан, тохсунньу ый томороон тымныытыгар сылаас илиитинэн кууһан, сылааһынан илбийэн, күнтэн күн таптаан, бүөбэйдээн, ийэ барахсан олоҕун барытын оҕотугар аныыр.
Хас биирдии ийэ наһаа муударай санаалаах, кини оҕотугар бэйэтин билиитин биэрэр, туох эмит ыарахан түгэҥҥэ дурда-хахха буолар. Ийэ оҕотугар өйөбүл, саамай таптыыр, чугас киһитэ буолар. Кини баар буолла да, туох барыта табыллар, инники олоххо эрэл үөскүүр. Ийэ барахсан оҕотун туһугар түүннэри-күнүстэри кыһаллар. Кини баарын тухары аан дойдуга олох баар.
Ийэ туһунан элбэх суруйааччы айымньытыгар таптаан, ахтан хоһуйар. Холобур С.Р. Кулачиков–Эллэй “Таптыаҕыҥ ийэни” хоһооно:
Күндү киһим – мин ийэм
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Төлөннөөх сир баайын
Таптыаҕыҥ ийэни.
Күн сиригэр баар бары ийэлэргэ махтал тылбын этиэм этэ. Эһиги эрэ баар буолаҥҥыт биһиги дьоллоох уһун олоҕу олоробут!
Лада РОЖИНА, 10-г кылаас, 17с №-дээх орто оскуолата.
Таптал өлбөт-сүппэт сулуһа,
Махтал сырдык мичээрэ
Күн курдук ийэбит —
Күндү киhибит.
Ийэбэр эппэтэх тылларбын
Иэйэммин аргыыйдык этиэхпин
Иэдэскэр оҕолуу сыстыахпын
Баҕардым күндү киһим — Ийээ .
Кэрэ күлүмэ кини буолар
Ийэ дьоло оҕотунан,
Тапталтан сырдыы иэйэ
Тупсаҕын Күн Ийэм.
Күнүм күлүмүрдүүр сырдыга
Эн буолаҕын мин ийэм,
Ый курдук ыраас санаалаах,
Кэрэттэн кэрэ киһим.
Сүрэҕим тэбэрин тухары
Ийэбин мин таптыам, харыстыам!
Олоҕум устатын тухары
Ийэбэр махталбын этиэҕим!
Таня ПОПОВА, Саха гимназиятын 7-а кылааһын үөрэнээччитэ.
Күн күбэй Ийэ сылынан эҕэрдэлиибин! Саамай кэрэ кимий диэн ыйыттахтарына ийэ диибин. Ийэм аата Колодезникова Жульяна Анатольевна кини асчыт, үлэһит уонна иистэнэрин сөбүлүүр. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр түөрпүт, эдьиийим 8 кылааска үөрэнэр, быраатым 5 сааһа уонна балтым 7 ыйын туолла. Ийэм миэхэ дьүөгэ курдук, дьиэтээҕи үлэҕэ көмөлөһөр, сүбэлиир.
Мин бэһис кылааска бастакытын Дьанкыдаайы диэн эбээлээҕим оттуур сирдэригэр оттоһо барбытым. От мунньарбар кыраабылы сатаан туппат этим, ону ийэм сүбэлээн, көрдөрөн биэрбитэ. Онтон ыла кыраабыл тутарга үөрэммитим, от мунньабын. Оттуурбун сөбүлүүбүн. Биһиги дьиэ кэргэн сайынын куурусса, кролик иитэбит. Кинилэри аһатарбын сөбүлүүбүн. Кылгас сайыммытыгар ийэбин, эдьиийбин, эбээбин кытта сир астыыбын.
Ийэни харыстааҥ, хомотумаҥ, көмөлөһүҥ, куруук үөрдэ сылдьыҥ. Ийэ — саамай кэрэ киһи. Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын.
Дайаана КОЛОДЕЗНИКОВА, Хара-Алдан орто оскуолатын
6 кылааһын үөрэнээччитэ.
Ийэм барахсан
Сир үрдүгэр ийэттэн ордук ким да суох… Ийэ, ийэ барахсан!
Миэхэ күнү көрдөрбүт ийэм аата Мария. Бэрдьигэстээхтэн төрүттээх. Медицина киинигэр үлэлиир. Мин саамай чугас киһим. Биһиэхэ, үс бииргэ төрөөбүт кыргыттарга, кини дьиҥнээх дьүөгэ: өйдүүр, саныыр, таптыыр, ахтар, көмөлөһөр, күүтэр, долгуйар. Кини олус кыраһыабай. Олус эйэҕэс буолан дууһатынан эмиэ кыраһыабай. Биһиги үөрдэхпитинэ, тэҥҥэ үөрэр, хомойдохпутуна кини бииргэ хомойсор. Биһиги үөрэ-көтө сылдьыахпытын баҕарар.
Кини араас элбэх дьарыктаах. Асчыт, уруһуйдуурун олус сөбүлүүр, массыынаны ыытар. Бириэмэлэннэ да, биһигини кытта бииргэ сылдьар.
Ийэбин күүскэ да күүскэ таптыыбын, Орто дойдуга төрөппүтүгэр махтанабын!
Люда БРЫЗГАЛОВА, 6-б кылаас, Дьокуускай куорат 23-с №-дээх орто оскуолата.
Эбээм
Мин эбээм Шелонова Екатерина Еремеевна диэн. Кини Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чопчу төрөөбүт сыла, күнэ-ыйа биллибэт, миэтэрэкэтин архыыптарынан көрдөтөн көрбүттэр да, көстүбэтэх. Онон дьоно сабаҕалыылларынан 1937 сыл диэн суруйбуттар. Аҕата Шелонов Еремей Сидорович, ийэтэ Маайа диэн эбиттэр.
Түөрт саастааҕар ийэтэ ыалдьан, бу олохтон туораабыт. Онон эдьиийдэрин кытары аҕаларын көрүүтүгэр хаалбыттар. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ Ксенья уонна Харытыай Кэбээйигэ көһөрүллэн тиийбиттэр. Эдьиийэ Ксенья Кэбээйиттэн төннүбэтэх.
Эбээм эдьиийинээн Даайалыын аҕаларын батыһан, Мэҥэ-Хаҥаласка Күөллэрики диэн нэһилиэккэ көһөн тиийэн олохсуйбуттар. Ас-таҥас кэмчи этэ, куобах тириититтэн тигиллибит чомпой бэргэһэ, сон, кээнчэ, ынах тириититтэн этэрбэс кэтэрбит диэн кэпсиирэ. Куобах баһын уҥуохтарынан уонна ынах туйахтарынан оонньуурун туһунан биһиэхэ, сиэннэригэр, этэрэ.
Эбээм Екатерина Еремеевна, эдэр сааһыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри Максим Горькай аатынан совхозка фермаҕа ыанньыксытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин сыаналаан элбэх грамоталарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаламмыта, Советскай Сойуус саҕана үс төгүл босхо путевканан Герой куораттарынан, Москванан, Крымынан, ВДНХ-нан күүлэйдээн үөрэн-көтөн кэлбит.
Эбээм быйыл сайын 85 сааһын томточчу туолуоҕа. Бу күннэргэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэрилиннэ. Билигин куоракка улахан кыыһыгар олорор, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбээтэ.
Мин эбээбинэн, эбээ Кээтиинэн, киэн туттабын, таптыыбын.
Саша КЫЧКИН, 11-а кылаас, Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолата.
Дьоллоох буолар туһугар
Күн сиригэр ийэттэн күндү киһи суох. Ийэтэ суох киһи суох, ийэтэ суох таптал суох. Ийэ барахсан баарын тухары олох баар. Ийэ барахсан баарын тухары олоххо үөрүү-көтүү, дьол, үтүөҕэ талаһыы, ил, эйэ баар. Туох барыта сайдар төрүөттэнэр күндүттэн күндү киһиттэн – Күн Күбэй Ийэттэн…
Бу олоххо ийэ оҕоҕо олоҕу биэрэн, эмиийин үүтүн эмтэрэриттэн саҕалаан, иитэн-үөрэтэн барар. Ол курдук, аан бастаан хаамарга кини үөрэтэр. Ийэм мин бастакы хардыыны оҥорбуппун санаатаҕына, билигин да манньыйар.
Остуоруйа кэпсээн, арааһы үөрэтэн, кэрэни өйдүүргэ иитэр. Киэһэ ахсын наар остуоруйа кэпсээн, киҥинэйэн ыллаан утутара. “Арай биирдэ”, “былыыр-былыр” диэн саҕалаабатаҕына, “ити остуоруйа буолбатах” диэбиппин наар саныыр, күлэр.
Оонньуурбун миэстэтигэр хомуйтарартан саҕалаан үлэлииргэ үөрэппит. Онон билигин дьиэ үлэтин таһынан, сайыны быһа от кытта оттоһобун.
Төрөөбүт күммэр куоска оҕото бэлэхтээбиттэрэ, дьиэбит ойуур таһыгар турар буолан олус элбэх чыычаах кэлэрэ. Онно аҕам көтөрдөр аһыыр сирдэрин оҥорон биэрбитэ. Балары бүөбэйдэтэн аһыныгас буолууга, көтөрү-сүүрэри таптыырга үөрэттэхтэрэ.
Мас, сибэкки, үүнээйи олордон айылҕаны харыстыырга, кэрэни кэрэхсииргэ ииппиттэрэ. Буруйданнахпына буойан, үчүгэйи оҥордохпуна үөрэн, хайҕаан сиэр-майгы өттүгэр иитэр ньымата эбит, ийэм.
Ити курдук миигин дьон ардыгар “ийэтин курдук олус үчүгэй туттуулаах, баайыыһыт бэрдэ буолсу” диэн хайҕаатахтарына, киэн тутта саныыбын. Ону дакаастаан былырыын куорат иһинэн ыытыллыбыт баайыы куонкурсугар бастакы миэстэ буолбуппар, ийэм олус да үөрбүтэ.
Ийэҕин төһөнөн таптыыгын, көмөлөһөҕүн да, кини үөрэрэ-көтөрө өссө элбиир. Бу олоххо күүстээх тапталы биһиэхэ ийэбит кыра сааспытыттан иҥэрэн иитэр. Ону «оҕоҕун-уруугун ийэлии иитэр буол» диэн кинигэҕэ аахпыт өһүм хоһооно бигэргэтэр курдук.
Үчүгэйдик үөрэнэн, үлэһит киһи буолан, туһаны эрэ аҕалларбын — бу мин ийэбэр тапталым, махталым туоһута буолуо этэ. Оччоҕо мин бу сир үрдүгэр саамай дьоллоох киһибин дэниэм этэ
Мила РОМАНОВА, “Айыы Кыһата” НГ 9-в кылааһын үөрэнээччитэ.