Бастатан туран, Бэргэн диэн кимий? Кини «Кэскил» хаһыат дьоруойа. Бэргэн — өйдөөх, сытыы, кэпсэтинньэҥ, элбэх доҕоттордоох уол. Сааһа 13. Эн саастыылааҕыҥ.
Онтон биһиэхэ кини туһунан сиһилии «Кэскил» хаһыат суруналыыһа, ырытааччыта Таисия Алексеева кэпсиир:
— Бэргэн «Бэлэм буол» («Кэскил») хаһыат аан бастакы персонаһынан буолар. 1970 с. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, биһиги хаһыаппыт көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын тэрийии барбыта. Оччолорго Саха сирин бары кэриэтэ оскуолаларыгар эдкорпостар тэриллэн, хаһыаппытыгар күн аайы, омуннаабакка, 50-чэлии сурук киирэ турара.
Редактор Нина Иннокентьевна Протопопова маннык көхтөөх эдкордарбытыгар анаан, “эмиэ бэйэлэрин курдук оҕо персонаж киллэриэҕиҥ” диэн этии киллэрэн, Бэргэн баар буолбута.
Онтон ыла уонунан сыллар аастылар. Бэргэн элбэх оҕону суруналыыстыка кэрэхсэбиллээх эйгэтигэр сыһыарда, билиҥҥи биллиилээх суруналыыстар бары «Бэлэм буол» («Кэскил») хаһыаттан суолларын саҕалаабыттара. Билигин даҕаны Бэргэммит олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар, сайдар, улаатар.
Аан бастаан Бэргэн уолу уруһуйга түһэрбит киһинэн худуоһунньук Спиридон Фёдоров буолар. Онтон бу соторутааҕыта киэҥ эйгэҕэ Бэргэн стикердара таҕыстылар. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын худуоһунньуга Сахая Солдатова уолбутун араастаан хамсатан, ойуулаан биэрдэ, оттон редактор-консультант Иннокентий Черкашин стикер оҥорон таһаарда.
Билигин бары эрэ телефоннарбыт нөҥүө, сарсыарда, киэһэ буоллун, стикердары, араас хартыыналары, хаартыскалары ыытабыт. Онон, эһиги, Бэргэн уолу бэйэҕитигэр эмиэ туһанар буолуҥ. Саҥа күнү, үтүө дьыаланы кинини кытары бииргэ саҕалааҥ, кинилиин бииргэ атаарыҥ!
keskil14.ru