“Триумф”. Үс тыһыынча миэстэлээх киэҥ-куоҥ спортивнай комплекс. Бүгүн ол барыта дьонунан туолан, баппаккалар, сорохтор сиринэн, кирилиэһинэн симиллэн олордулар, үгүс киһи туран эрэ көрөргө күһэлиннэ. Ол гынан баран, ким да онтон санаарҕаабат, миэстэҕэ тиксибэтим диэн хомойбот. Төттөрүтүн, элбэх киһи кэлбититтэн бары үөрдүбүт: улуу киһибит, саха уһулуччулаах уола, государственнай уонна общественнай деятелэ, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, суруйааччы, учуонай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын олохтоспут, тыл институтун төрүттээбит, үөрэҕи, сахалыы суругу-бичиги, бэчээти тарҕатыыга, олоҥхону үйэтитиигэ сүҥкэн кылааттаах Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ бачча элбэх киһи кини талааныгар, норуотун туһугар оҥорбут үтүөтүгэр сүгүрүйэн кэлбититтэн сүргэбит көтөҕүлүннэ.
“Триумф Ойунского” үбүлүөйдээх тэрээһин, чахчы да, хас эмэ тыһыынчанан киһи кэлбитинэн да, буолбут сирин аатынан да, элбэх кыттааччытынан да, итиэннэ чаҕылхай туруоруутунан да, кырдьык, ТРИУМФ буолла!
Эҕэрдэ тыллары СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ В.В. Солодов, СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев, Духуобунас академиятын академига А.С. Борисов, Ойуунускай аймаҕа, суруйааччы Е.Слепцова-Куорсуннаах эттилэр.
Владимир Солодов бу үөрүүлээх түгэҥҥэ “Платон Ойунский” диэн кинигэни суруйбут суруналыыс, суруйааччы, ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, “Илин” сурунаал редактора Олег Гаврильевич Сидоровка Саха Өрөспүүбүлүкэтин П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреатын дипломун туттарда.
Михаил Ефимович Николаев:
—1993 сыллаахха Ойуунускай 100 сылын Францияҕа тиийэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбиппит. Мин харахпар билигин да көстөр – оччолорго 7 саастаах Мира Самырова Ойуунускай “Ньургун Боотур” олоҥхотун Париж сыанатыгар ааҕа турара, французтар кырачаан кыыһы биһирээн, ытыс дохсун тыаһын бэлэхтээбиттэрэ. Саха норуотун улуу киһитин ытыгылаан, оннооҕор Россия бастакы Президенэ Борис Николаевич Ельцин ити сыл суруйааччы дойдутугар Ытык Күөлгэ кэлэ сылдьыбыта.
Мин сөҕөбүн – үйэ анараа өттүгэр Былатыан Ойуунускай “100 сыллаах улуу былааныгар” бу Интернет, суотабай сибээс кэлэрин, Дьокуускай таас дьиэлэринэн дьэндэйиэҕин, оҥорон таһаарыы тэнийиэҕин– барытын өтө көрөн суруйбутун. Кини саха норуота сайдарыгар эрэнэрэ, ол туһугар турууласпыта, олоҕун анаабыта.
Андрей Саввич Борисов:
—“Кэннибэр хааларым – кэхтибэт кэрэкэ тылларым”… Ойуунускай биһиэхэ хаалларбыта – тылбытын, итэҕэлбитин, олоҥхобутун. “Ньургун Боотур” олоҥхотун кытай омук 600-тэн тахса саастаах Куньцюй опера театра 2015 сыллаахха туруорбута. Бүгүн манна кыттаары, бу театр президенэ Ян Фен И уонна артыыстара кэллилэр.
Куорсуннаах Ойуунускайга анаан суруйбут “Син биир буолбаат?!” диэн хоһоонун долгутуулаахтык аахта.
Ол кэнниттэн Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” (Саха театра толордо), “Улуу Кудаҥса” (Олоҥхо театра), “Соломуон Муударай” (Нуучча театра), “Ньургун Боотур” (Куньцюй театра), “Имииһит түүлэ” (Саха циркэтэ) “Александр Македонскай” (Опера театра), “Оҕоҕо баҕарбыт” (Үүнэр көлүөнэ театра) айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүү буолла. Туруорааччы-режиссер Руслан Тараховскай. Оркестр доҕуһуоллаата, устудьуоннар, үҥкүү ансаамбыллара кытыннылар. Онон барыта 1500 киһи сыанаҕа оонньоото.
Ойуунускай өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаммыт “Ойуунускай өрөгөйө” тэрээһин “Өрөгөй” спорт комплексыгар, дьэ чахчы, өрөгөйдөөхтүк ааста.
Анисия Иевлева.