Нумизматика, ол эбэтэр харчы уларыйыытын үөрэтэр наука. Маннык дьарык араас үһүйээннэри, номохтору кэпсиир кистэлэҥнээх, дойдубут историятын үөрэтэр. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эбээбит Клара Петровна кинигэни үлүһүйэн ааҕар, дойду сайдыытын үөрэтэрин сөбүлүүр. Ол курдук билигин биһиэхэ 1973 сылтан саҕалаан мунньуллубут дьиэ кэргэммит библиотеката, маркалара, манньыаттара, кэмбиэрдэрэ, значоктара бааллар.
Олоххо дьиҥ чахчы буолар түгэннэри бигэргэтэр араас коллекциялары үөрэтэн, мунньан саҕалаабыт. Эбээбит интэриэһин бары өйөөн, коллекциятын хаҥатан, кыра-кыралаан эбэн иһэбит. 1950 сыллаах «Домашнее хозяйство» диэн энциклопедия дьиэни-уоту тэрийиигэ, тутарга биһиэхэ саамай туһалаах кинигэ, бу кинигэни саҥаспыт Анфиса Степановна эдэр хаһаайкаҕа диэн бэлэхтээбит.
Эбээбит коллекциятыгар РСФСР, СССР, Россия манньыаттара, аймах дьоммут араас дойдуттан аҕалбыт харчылара, үбүлүөйдээх, араас олимпийскай оонньуулар манньыаттара, Москва, Санкт-Петербург, Новосибирск куораттар метроларын жетоннара бааллар. Дойдубут манньыаттарын туһунан үөрэтэргэ олус интэриэһинэй, киэҥ ис хоһоонноох, хас биирдии харчы туһунан сыаналаах эбит.
Ол курдук, 980 сыллаахха Россияҕа майнайгы харчылары Византия манньыаттарыгар майгыннатан Киев куоракка Владимир Святославович «златник» кыьыл уонна «сребреник» үрүҥ көмүстэртэн манньыаттары оҥорторор. Кыһыл көмүс харчы 4.2 грамм ыйааһыннаах, иннигэр Иисус, кэннигэр Владимир кинээс бэйэтин мэтириэтин оҥорторор. Бу сылтан саҕалаан харчы историята суруллан саҕаланар. Кэлин 1988 сыллаахха «Владимир златник» диэн тыһыынча сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир чеканкаламмыт 1000 манньыат оҥоһуллан тахсыбыт.
Екатерина II императрица салайар кэмигэр Колывань үрэх үрдугэр алтан рудаларын булан харчы оҥорон көрөллөр уонна ахсынньы 5 күнүэр 1763 сыллаахха Сибиир энэр туттуллар алтан харчылары чеканкалаан таһаараллар. Маннык харчылары онорор кэмнэригэр Сузун куорат тутуллан монетнай собуот арыллар, бастакы партияга 23 277 солкуобай, «полушканан» уонна 1, 2, 5, 10 копейкалар оноһуллан тахсаллар. Онтон 3 656 310 солкуобай эбии оноһуллар, бу алтан харчы Россия атын куораттарыгар туттуллубакка атыы-эргиэн эҥэр мэһэйдэри үөскэтэр. Сибиир олохтоохторо үрүҥ көмүс харчынан нолуоктарын төлөһөр кыахтара улам симэлийэн алтан эрэ харчылаах хаалаллар. Европа эҥэр Сибиир атыыһыттара кыайан атыы таһаарбат буолаллар. Кыһалҕа тирээн, 1769 сыллаахха Екатерина бастакынан кумааҕы харчыны киллэрэр, бааннар үлэлэрин сааһылыыр, алтан харчыны тас дойдуга таһаарары тохтотор.
Туттуллубат Сибиирдээҕи алтан манньыаттары 1781 сылтан оҥорууну тохтотон, Екатерина саҥа бирикээс таһаарар. Бүтүн Империяҕа туттуллар алтантан араас манньыаттары, Аан Дойдуга суох ордук чеканкалаан оҥорон таһаараллар. Онон Сибиир олохтоохторо алтан харчыларынан нолуоктарын төлөөн иэстэн төлөрүйэллэр, кэлин бу харчы собуокка төннөн, саҥаттан оҥоһуллар.
1771 сыллаахха собуокка бастакынан оҥоһуллубут «Сибирская монета» биир манньыата коллекциябытыгар баара олус сөхтөрөр. Бу манньыаты уонна оччотооҕу харчылары санаспыт Анфиса Степановна бэйэтин коллекциятыттан эбэн биэрбит. Харчы үс үйэлээх историятын, уларыйыыларын коллекциятын байытан, оҕолорго үөрэтэн, салҕанан бара туруохтаах.
Нумизматика курдук сыаналаах, харчыга сыьыаннаах биир дьарык филателия буолар, ол эбэтэр почтанан барар сурук маркаларын мунньуу. Хас биирдии марка туһунан сыаналаах, суругу төһө ыраах ыытаргыттан марка кэмбиэргэ сыһыарыллар.
Бу коллекцияны мин таайым Яков 1988 сыллаахтан мунньан саҕалаабыт, Ытык-Күөл почтатыгар атыыламмыт маркаларын наардаан, аналлаах альбомҥа тиспит.
Бу коллекцияҕа Россия классик суруйааччылара, герой снайпердара, маршаллара, кыыллара, чыычаахтара, техника араас көрүҥнэрэ, таҥаралар, церковтар, космос, ученайдара, режиссердара, академиктара, композитордара, спортсменнара, артыыстара, куораттара, бэлиэ сирдэрэ, араас темаҕа плакаттара, хайалар, живопись, архитектура маркаларын мунньубут.
Эбээм уонна таайым мунньубут коллекциялара олох сайдыытын кэпсиир, билигин биһиги көрөн историяны үөрэтэрбитигэр чугастык ылынабыт. Аймах дьоммут аҕалбыт манньыаттара араас дойдуга сылдьыбыттарын туоһулуур бэлиэ буолар. Маннык дьарык инникигэ уурумньу курдук сыаналанар эбит, ол курдук Россия биллэр коллекционера Андрей Федорин 31 мөлүйүөҥҥэ коллекциятын аукцион тэрийэн атыылаабыт.
Бу дьикти умсугутуулаах дьарык биһиги дьиэ кэргэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьар ураты күндү кылаата. Онон, биһиги, сиэннэр, бу дьарыгы сайыннарар, хаҥатар санаалаахпыт.
Дайаана Слепцова, А.Е.Мординов аатынан Таатта лиссиэйин
8 «в» кылааһын үөрэнээччитэ