Бу күннэргэ Игидэй оскуолатын оҕолоругар сэллиги утары быһыы (прививка) оҥордулар. Ытык Күөлтэн тубдиспансер фтизиатр бырааһа Елена Семеновна Слепцова туберкулез туһунан кэпсээтэ:
—Туберкулез диэн аан дойду үрдүнэн киһиэхэ да, кыылларга да тэнийбит ыарыы. Бактериялар тыҥаны эрэ буолбакка, атын уорганнары эмиэ сииллэр (киһи 80% уорганын). Ыалдьыбыт киһини кытта кэпсэттэххинэ, салгынынан сутуллан, инфекцияҕа хаптарыаххын сөп.
Туберкулез урут “чахотка” дэнэрэ. Ааспыт үйэҕэ бу ыарыы кыайан эмтэммэт эбит буоллаҕына, билигин ыарыы эрдэ булуллуннаҕына эмтэниэн сөп.
Сэлликтээх киһи астаах баҕайытык уһуннук сөтөллөр, сэниэтэ суох буолар, кыраадыстыыр, түүнүн тиритэр, аһыыра-сиирэ мөлтүүр, ырар-дьүдьэйэр. Наукаҕа суруйалларынан, туберкулезтаабыт кыылы 245 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр булбуттар. 1907 с. Гейдельберг диэн сир таһыгар б.э. 5000 сыл иннинэ олоро сылдьыбыт киһи уҥуоҕуттан бу ыарыы көстүбүт. Ол аата түҥ былыргыттан сэллик баар эбит.
Туберкулёзтаабыт киһиттэн тэйэ тутталлар, бары олус дьаарханаллар. Тоҕо диэтэххэ, түргэнник тарҕанар. Дьиэ кэргэҥҥэ биир киһи ыалдьыбыт буоллаҕына, барыларын сутуйар. Бу ыарыыны чинчийбит Фракасторо диэн учуонай 1540 сыллаахха суруйбут: “Чахоткаҕа киһи ытырдарыттан, сөтөллөрүттэн эрэ буолбакка, салгынтан, таҥастан, иһиттэн-хомуостан эмиэ сыстыахха сөп”.
Испанияҕа 1751 сыллаахха, ол кэнниттэн Италия, Португалия дойдуларыгар туберкулёһунан ыалдьыбыт киһини туспа тутар, госпитализациялыыр, олорор дьиэтин дезинфекциялыыр, эмтиир, быраас этэрин барытын толорор сокуоннар тахсыбыттар. Ким ол сокуону толорботох оннооҕор дойдутуттан үүрүллэрэ.
XIX үйэттэн чахотка ыарыытын кыайыыга кыахтар арыллыбыттар. Россияҕа ыарыыны утары дьоһуннаах үлэни Н.И. Пирогов, С.П. Боткин чинчийэн саҕалаабыттара.
Сергей Павлович Боткин Россия императора Александр II кэргэнин Мария Александровнаны эмтээбитэ биллэр. Онтон учуонай Роберт Кох туберкулёз ыарыы туохтан үөскүүрүн дакаастаабыта. Кини быһаарарынан, туберкулёз палочката күн уотун сардаҥатын сылааһыттан, сырдыктан өлөр эбит. Ону “Бацилла Коха” диэн науканан дакаастаммыт теориятыгар быһаарар. Кини этэринэн, аан дойдуга «хараҥа трущёбалар» баалларын тухары туберкулёз ыарыыта сүтүө суоҕа диэн.
XX үйэ саҥатыгар Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар 20-лэригэр диэри саастаах эдэр дьон туберкулёһунан 80% сутуллубуттар. Оннооҕор сүөһү сэллигиттэн киһи кытта сыстара дакаастаммыт. Оргутуллубатах ыаммытынан үүтү кыра оҕолор иһэннэр ыалдьыбыттарын чинчийбиттэр.
Роберт Кох сыралаах үлэтин сыаналаан, 1905 сыллаахха Нобелевскай бириэмийэни киниэхэ анаабыттара. 1890 сыллаахха Кох “Туберкулинынан боруоба оҥоруохха сөп” диэн суруйбут. 1921 сыллаахха бастакы БЦЖ прививка оҥоһуллубут. 1950 сылтан ыла саҥа төрөөбүт оҕолорго барыларыгар БЦЖ быһыытын оҥорор буолбуттара.
Сэллигинэн ким баҕарар ыалдьыан сөп. Ол иһин хайаан да сылга биирдэ ФЛГ түһүөхтээххит, кэмиттэн кэмигэр прививка оҥоһуллуохтаах.
Компьютернай томографияҕа прививкалара «положительнай» дьону куоракка эмтэтэ ыытабыт. Ыарыы палочката көннөрү ууга өлбөт. Оскуолаҕыт, дьиэҕит олох ыраас буолуохтаах. Үчүгэйдик дизраствордарынан сууйуллан, быылланан иһиллиэхтээх. Илиигитин бары сууна сылдьыҥ. Уугут-хааргыт үчүгэйдик хааччыллыбыт буолуохтаах. Астан, таҥастан, иһиттэн-хомуостан эмиэ сыстыахха сөп. Массыынаҕа, таксига олорон кытта сутуллуохха сөп. Тымныы кэмнэргэ ичигэстик таҥна сылдьыҥ, ыалдьымаҥ,— диир быраас Елена Семеновна.
Сэллик ыарыытын кытта ыалдьыбыт эрэ дьон буолбакка, хас биирдии доруобай киһи охсуһуохтаах. Ыраас, чэнчис буолуунан бэйэбит олорор эйгэбитин оҥосто сатыахтаахпыт.
Гизелла Попова, педагог-библиотекарь,
Игидэй, Таатта.