Россия үөрэҕириитин туйгуна, гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына Александр Тарасов биир дойдулаахтара суруйааччы Петр Аввакумов, норуодунай бэйиэт Савва Тарасов олохторун, айар үлэлэрин чинчийэн, элбэх маарыннаһар өрүттэрин булан, “Кэскил” эдэр ааҕааччыларыгар анаан, суруйан ыытта.
Александр Адамовичка улахан махталбытын тиэрдэн туран, литератураны сэргиир ааҕааччыларбытыгар туһалаах буолуо диэн, бэчээттиибит.
********************
Быйыл биллиилээх суруйааччы П.Д.Аввакумов, норуот бэйиэтэ С.И. Тарасов муус устар 22, 25 күннэригэр 90 саастарын туолуутун бэлиэтиэхпит. Суруйааччыларбыт үбүлүөйүн оскуоланан, нэһилиэгинэн, улууһунан, өрөспүүбүлүкэнэн бэлиэтиир үтүө үгэс олохтоммута ыраатта. Петр Денисович санаабын бигэргэтэр олус бэргэн этиилээх: “Дойдулаах, дьонноох буолар — улуу дьол”.
“Бэлэм буол” эрдэҕиттэн сурутан ааҕар, бастакы иһитиннэриилэрбин, хоһоннорбун бэчээттэтэр, кэлин ааттаммытынан “Кэскил” хаһыат ааҕааччыларыгар икки суруйааччы олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр Аал луук маспын бэрт кылгастык быһааран туран, биир улуус суруйааччыларын маарыннаһар өрүттэрин ааҕааччыларбар, холобурдаан суруйдум.
Киһиэхэ сабыдыал-өйөбүл суолталаах. Ону мас силиһинэн көрдөрөбүн. Мас хаҥас лабаалара — олоҕо, уҥа өттө — айар үлэтэ. Хронологическай бэрээдэгинэн аллараа лабааттан саҕалаан сайдан-үүнэн иһэрэ көстөр.
Аал луук маһы оскуолаҕа үөрэтиллэр бары суруйааччыларга оҥорбутум. Үөрэнээччи портфолио оннугар манныгы туһаныан сөп. Эдэр учууталлар үөрэтэр суруйааччыларын, учуонайдарын олохторугар, айар үлэлэригэр Аал луук маһы оҥоһуннахтарына, үлэлэригэр көдьүүстээх буолуо этэ.
Күндү ааҕааччы, эйиэхэ анаан икки суруйааччыбыт маарыннаһар өрүттэрин көрдөрөбүн:
№ | Маарыннаһар өрүттэрэ | П.Д.Аввакумов | С.И.Тарасов |
1 | Төрөөбүт сыллара, ыйдара | 1934 ыллаахха, муус устар 22 күнүгэр | 1934 ыллаахха, муус устар 25 күнүгэр |
2 | Оонньооботох оҕо саастара Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр | Горнай улууһун Октябрьскай нэһилиэгин Дьөгүөр эбэтигэр Сталин аатынан колхоз учаастагар | Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгин Чычааһыгар Сталин аатынан колхозка. Бу колхоһу сэрии кэмигэр үөрэҕэ суох “Кырдьаҕас Бассабыык” диэн аатынан биллэр кини аҕата Уйбаан Дьаакыбылабыс салайбыта. |
3 | Оҕо саастарыттан олус элбэх кинигэни үөрэҕэ суох дьонноругар ааҕан улааппыттар. |
4 | Бэрдьигэстээх орто оскуолатын биир кылааһын 1953 сыллаахха бүтэрбиттэр. |
5 | Тыыл бэтэрээнэ буолбуттар |
6 | Элбэх оҕолооох ыалга ийэ, убай, эдьиий үтүө сабыдыалынан, дьуккаахтаһан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн олоруу диэн тугун билэн, тылынан уус-уран айымньынан, өбүгэ үгэстэринэн анаан-минээн да буолбатар, олоххо-дьаһахха, үлэҕэ хамнаска иитиллэн, уһуйуллан тахсыбыттар. |
7 | Кырдьаҕаһы ытыктыыр, ийэҕэ-аҕаҕа, эбэҕэ-эһэҕэ истиҥ сыһыаҥҥа иитиллэн, кэрэхсэнэр дьон, буола үүммүттэр. | Оҕо эрдэҕиттэн “Ааттаах артист уол этэ…” дэтэн, тойуктаан сылдьара | Саха суруйааччыларыттан тарбахха ааҕыллар дьон олоҥхолуур буоллаҕына, ол ахсааҥҥа мөккүөрэ суох киирэр. Мин хаста да убайым олоҥхолуурун, тойуктуурун истэр дьолломмутум. |
8 | Урукку кэм суруйааччылара үгүстэрэ тылбааһынан быыс-арыт булан, дьарыктаналлара | Эдэр эрдэҕиттэн ылсан үлэлээбитэ. Ол курдук А.Пушкин, Л.Толстой Ф.Достоевсай курдук классиктартан саҕалаан хотугу суруйааччыларбыт айымньыларыгар тиийэ. “Сир иччитэ” романа тылбаастаныытыгар Платон Ламутскай олус махталлааҕа. Народнай суруйааччы Андрей Кривошапкин, Николай Курилов, Василий Кейментинов, Галина Кэптукэ, Е.Едулин о.д.а. айымньылара хомоҕойдук тылбаастанан саха ааҕааччытыгар тиийбиттэрэ. (А.Е.Варламова — Айысхаана) | Балачча сааһыран иһэн, Сергей Островой “Ийэ” диэн поэматын, Ленинскэй бириэмийэ лауреата, Социалистическай Үлэ Геройа Егор Исаев “Өй-санаа дьүүлэ” поэматын тылбаастаабыта, ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Филологическай наука доктора Дора Егоровна Васильева тылбаастарын туһунан маннык суруйбута: “… олоҕун кэнники сылларыгар олус күүскэ үлэлээн, аан дойдуга биллибит суон сурахаах, албан ааттаах улуу В.Шекспир хас да айымньытын сахалыы саҥардыбыта. Кини В.Шекспир трагедияларын “Макбеты”, “Гамлеты”, “Король Лиры” үрдүк уус-уран таһымнаахтык тылбаастаабытын сыаналаан киниэхэ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аатын иҥэрбиттэрэ…” |
9 | Хайа да киһи син үүнээйи кэриэтэ сиртэн-буортан силистэнэн үүнэн-силигилээн биллэн-көстөн барар. Ону төрөөбүт дойдум диэн үйэҥ тухары киэн тутта ааттыыгын. Ол дойду дьоно-сэргэтэ: ийэҥ, аҕаҥ, эһэҥ, эбэҥ, аймах-билэ дьонуҥ, атастарыҥ, доҕотторуҥ, үөрэппит учууталларыҥ үтүө сабыдыалларынан киһи-хара буолаҕын. Үлэҕинэн-хамнаскынан, билиигинэн-көрүүгүнэн, мааны майгыгынан, талба талааҥҥынан, бар дьоҥҥор истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥынан Киһи киһитэ дэтэн Күн айыы киһитэ аатыраҕын. |
10 | Олохторун, айар үлэлэрин балачча үөрэтэн, чинчийэн баран, биир маарыннаһар өрүттэрэ — мааны майгыларыгар, олус үлэһиттэригэр, бар дьонноругар, атастарыгар-доҕоттугар үтүө сыһыаннарыгар көстөр диэн түмүккэ кэллим. Ол туһунан кинилэр бу сиргэ суох буолтарын кэннэ тахсыбыт кинигэлэр туоһулууллар. | “Сырдыгы, кырдьыгы тутуспут доҕорбут” (Дьокуускай, 2009 с.) ахтыы кинигэ | “Савва Иванович Тарасов” (2012 с.) ахтыы кинигэ |
Эһиэхэ, күндү үөрэнээччилэргэ саха барыта киэн туттар народнай бэйиэтэ Семен Данилов кэнчээри ыччакка анаабыт кэс тылларын санатабын: “Таптыы-ытыктыы улаатыҥ, оҕолор, бэйэҕит төрөөбүт тылгытын, төрөөбүт литератураҕытын уонна искусствоҕытын”.
Данилов кэнчээри ыччакка анаабыт кэс тылларын санатабын: “Таптыы-ытыктыы улаатыҥ, оҕолор, бэйэҕит төрөөбүт тылгытын, төрөөбүт литератураҕытын уонна искусствоҕытын”.
Аҥардас муус устар ыйга Горнай эрэ улууһугар Петр Аввакумов, Савва Тарасов, Софрон Данилов курдук норуот ытыктыыр суруйааччылара төрөөбүттэринэн даҕаны Сахабыт сирэ үтүө-мааны дьонунан баайын бигэргэтиэххэ сөп.
Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэ.
2024 с.