Чурапчы улууhа уруккуттан тустуу сайдыбыт дойдутунан биллэр. Чурапчыга түөрт олимпиеһы иитэн таһаарбыт тренер Дмитрий Петрович Коркины, кини иитиллээччилэрэ Роман Дмитриевы, Павел Пинигини, Александр Иванову, Вячеслав Карповы, Николай Захаровы, о. д. а. бүттүүн Саха сирэ, Арассыыйа дьоно бары билэллэр.
Улууска тустуу көрүҥүн сайыннарыы болҕомто киинигэр турар, сылы эргиччи дьарык ыытыллар. Алаҕар нэһилиэгэр тустуу сиэксийэтэ былырыыҥҥыттан Василий Дмитриевич Сивцев тренердээх үлэтин саҕалаабыта.
Тустууга биһиги оскуолабытыттан 6 оҕо дьарыктанар. Олортон биир бастыҥнара, инники эрэлбит VIII кылаас үөрэнээччитэ – Ньургун Федоров.
Ньургун кыра эрдэҕиттэн спорду таптыы улааппыта, хас да төгүл көҥүл тустуу уонна хапсаҕай турнирдарыгар кыттыыны ылбыта.
Ааһан эрэр сыл түмүгүнэн Егор Иванович Яковлев бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга III миэстэ, «Азия оҕолоро» оонньуу сүүмэрдээһинигэр кыттыыны ылбыта, бу соторутааҕыта Уһук Илин федеральнай уокурук көҥүл тустууга аһаҕас чемпионатыгар кыттан кэллилэр. Ньургуну таһынан күрэхтэһиигэ Айтал Герасимов уонна Максим Гоголев ситиһиилээхтик кыттыннылар.
– Үтүө күнүнэн! Ньургун, ханна тустан кэллигит?
– Благовещенскайга Саха сириттэн үс күн поеһынан айаннаан тиийбиппит. Онно кыһыннара биһиэнин курдук буолбатах, сылаас эрээри сытыы тыаллаах, хаардыы турар этэ. Тиийээт да тренербытын кытта үһүөн гостиницаҕа биир хоско түспүппүт.
– Күрэхтэһиигэ төһө оҕо кытта кэлбитий?
– 200-тэн тахса оҕо кытта кэлбит этэ. Саха сириттэн биһиги эрэ буолбакка Томпоттон, Дьокуускайтан, Нерюнгриттан кыттааччылар бааллара.
– Хайдах кытынныгыт?
– Мин санаабар, үчүгэй. Бэйэм ыйааһыммар IV миэстэ буоллум. Манна сэниэм суоҕа биллэ быһылаах, ыйааһыммын тутаары үчүгэйдик аһаабакка сылдьыбытым. Ол эрээри Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионакка бу бастакы кыттыым буолар. Онон түмүгүм үчүгэй дии саныыбын. Санаабын түһэрбэппин.
– Ааҕааччыларга баҕа санааҥ
– Бэйэм саастыы да, балыс да уолаттарга спордунан дьарыктаныҥ, чөл олоххо тардыһыҥ диэн сүбэлиибин. Сахабыт спордун, көҥүл тустууну уонна хапсаҕайы сайыннаран дьарыктаныаҕыҥ.
– Ньургун, кэпсээниҥ иһин махтал. Инникитин да үрдүкү кыайыылар эйиэхэ кэлэ турдуннар.
– Махтал!
Дайаана Говорова, X кылаас,
«Алаҕар кэскилэ» медиакиин,
Алаҕар, Чурапчы