«Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах» остуоруйа дьиктилээх киэһэтэ Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр буолан ааста. Тэрээһини оскуола оҕолорун «Иэйиэхсит» түмсүүтэ (салайааччы Нина Никитична Михайлова) уонна И.Е. Иванов аатынан нэһилиэк модельнай библиотеката (Жанна Семеновна Иванова), Ороһутааҕы Г.Г. Николаев аатынан сынньалаҥ киинэ (директор Анна Артуровна Иванова) салайан ыыттылар.
Бырайыак сыала-соруга араас омук остуоруйаларын сахалыы тылбаастаан туруоран киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, айар дьоҕуру сайыннарыы, остуоруйа ис хоһоонун көрөөччүгэ тириэрдии буолар.
Тамалакаан, Ороһу уонна Дүллүкү 8-11 кылааһын оҕолоро түмсэн остуоруйа кэрэ киэһэтигэр кытынныбыт. «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө тэрээһин саҕаланыытын тоҕус араас омук остуоруйатын кэпсээн олус киэргэттилэр. Ороһулар нуучча «Сүллүүкүттэр тустарынан остуоруйа», Дүллүкү оҕолоро бүрээт омук «Муударай кутуйах», тамалакааттар нуучча «Заюшкина избушка» остуоруйаларын оонньоон көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгүнэн Тамалакаан остуоруйаһыттара бастакы буолан, 15 тыһ. уу харчынан бириэмийэнэн, иккис буолбут Дүллүкү оҕолоро «Айыы кыһата» оскуолаҕа уонна Өктөмҥө «Малая Академия наук» экскурциялыырга путевканан, Ороһулар Илин эҥээр улуустарын оскуолаларыгар сылдьар путевканан бэлиэтэнэн үөрдүбүт-көттүбүт. Тэрээһиҥҥэ оҕолор пушкинскай картабытын туһанныбыт. Оҕолор эһиилги Тамалакааҥҥа ыытыллыахтаах остуоруйа аптаах күнүгэр эмиэ көрсүөх буолан тарҕастыбыт. Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө маннык сонун, кэрэхсэбиллээх тэрээһини ыыппыт «Иэйиэхсит» бөлөххө, библиотекаҕа, сынньалаҥ киинигэр махталбын улахан.
Степания Григорьева, 8 кылаас, Дүллүкү оскуолата, «Эрчим» корпост