Ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта тыйаатырыгар оҕо тобус-толору мустубут. Бу – Таатта улууһун «Инники күөҥҥэ сылдьааччылар» оҕо хамсааһынын бэстибээлэ буола турар. Манна улуус оскуолаларын лиидэрдэрэ кытыннылар.
Бэстибээл бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕиттэн саҕаланна. Хамаандалар сценаҕа бэйэлэрин дьоһуннук билиһиннэрдилэр. Манна ханнык хамаанда бэйэтин хайдах билиһиннэрэрэ көҥүлэ: сорохтор ыллаан, сорохтор үҥкүүлээн, сорохтор видеонан, сорохтор сценка оонньоон көрдөрдүлэр. Аҥардас оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр эйэҕэс сыһыаннара, тас көрүҥнэрэ, тэрээһин ис сүрэхтэн, өрө көтөҕүллүүлээхтик, бэлэмнээхтик ыытылларын туоһулууллар. Хас биирдии хамаанда уратылааҕа, ол курдук, биир таҥастаах-саптаах, ураты девизтээх. Салгыы станцияларынан оонньуу буолла. Атын-атын оскуола оҕолорун булкуйа биир хамаанда буолан, барыта 11 түһүмэҕинэн оонньоотубут. Бу хамсааһын тэриллибит историятыттан сорудахтары толоруу биир ураты түһүмэҕинэн буолла.
Хас биирдии түһүмэх олус үчүгэйдик толкуйдаммыт, оҕолору толкуйдатта, түмтэ дии санаатым. Оскуолалар лидердэрэ бэйэлэрин оскуолаларын ситиһиилэрин туоһулуур грамоталары, кубоктары көрдөрөн кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Биһиги, Тааттатааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ, бэйэни билиһиннэриигэ уонна ситиһиилэрбитин кэпсээммит миэстэлэстибит. Инникитин «Таатта кэскилэ» түмсүүбүт өссө үгүс ситиһиилэниэ, лиссиэйбит оҕолорун түмэргэ төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Таатта улууһун «Инникилээн иҺээччилэр» оҕо хамсааһына бэстибээлэ саҥа, сонун хайысхалары тобуларга күүс-көмө буолла дии саныыбын.
Айыллаана Большакова, IX «а» кылааһын үөрэнээччитэ,
А. Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй