Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолата ахсынньы 8-9 күннэригэр 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. 2 Малдьаҕар оскуолата 1923 сыллаахха Тойон-Арыыга Харыйа Иһэ диэн сиргэ Николай Павлович Герасимов дьиэтигэр алын сүһүөх оскуолата арыллыбыта. Ол күнтэн 100 сыл ааста. Бу сыллар тухары оскуолабыт улууска, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕолорго үрдүк таһымнаах үөрэҕи биэрэр. Манна уопсастыбаҕа ытыктанар, үүнэр көлүөнэҕэ, ыччакка холобур буолар үтүө, дьоһун дьон үлэлээбиттэрэ уонна үөрэммиттэрэ. Бүгүҥҥү туругунан М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолата Хаҥалас улууһугар биир бастыҥ оскуола буолар. 2005 сылтан оскуолабыт агротехнологическай хайысхаланан, оҕуруот аһын үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктанар. Билигин оскуолаҕа 181 оҕо үөрэнэр, талбыт идэлэригэр бэриниилээх, ааттаах-суоллаах учууталлар үлэлииллэр. Оҕону иитии, патриотизм боппуруостарыгар сүҥкэн болҕомто ууруллар. Маны таһынан, оҕо эргиччи сайдыылаах буоларыгар эбии үөрэхтээһин ситиһиилээхтик үлэлиир.
Оскуола үбүлүөйэ хайдах ааспытын туһунан дириэктэр Сысоев Григорий Григорьевич маннык кэпсиир:
«2023 сылга М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолата 100 сылын бэлиэтээтэ. Араас сылларга оскуоланы бүтэрбит выпускниктарбыт кыттыыны ыллылар. Бу икки күҥҥэ оҥоһуллубут программанан бастакы күнэ оскуола оҕолоругар ананна, бастыҥ үлэлээх төрөппүттэри чиэстээтибит. Үөрэнээччилэр бырааһынньыктааҕы линейкаҕа сырыттылар, хас биирдиилэригэр минньигэс бэлэх туттардыбыт, улахан тордунан күндүлээтибит. Оскуола историятын кэпсиир видеороликтары көрдүлэр, кылаас чаастара ыытылыннылар. Үбүлүөйү көрсө “100 үтүө дьыала” акция рапордын иһиттилэр.
Бу күн оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыт ветеран учууталлары, техүлэһиттэри ыҥыран “Ис сүрэхтэн” диэн сынньалаҥ киэһэтин тэрийдибит, онтон “Кыһыл көмүс выпусктары”, ол эбэтэр 1973 сылга оскуоланы бүтэрбиттэри уонна онтон аҕа саастаахтары ыҥыран чиэстээтибит, итии чэйдээх, иһирэх кэпсэтиилээх ураты истиҥ көрсүһүү буолла. Бу кэннэ бары ыалдьыттар түмсэн, бастакы оскуола макетын сүрэхтэниитигэр кытыннылар. Бары олус долгуйан, үөрэн, урукку кэмнэрин санаан-ахтан ыллылар, баян тыаһыгар доҕуһуоллатан, үҥкүү киэһэтигэр сэргэхсийдилэр.
Үбүлүөйдээх иккис күҥҥэ сарсыардаттан оскуола аанын тэлэччи аста. Манна ыалдьыттарбытыгар, ветеран учууталларбытыгар, выпускниктарбытыгар анаан бырааһынньыктааҕы линейка, оскуолаҕа уонна кыһыҥҥы теплицаҕа экскурсия, интэриэһинэй уруоктар ыытылыннылар. Ыалдьыттар “Айар куттаах бөртөлөр”, фотограф Владимир Григорьев хаартыскаларын быыстапкатын, Ильин С.М. “Хаартыскалар кэпсииллэр…”, агробородууксуйа быыстапка-дегустациятын, үөрэммит оскуолаларын макетын сэргии көрдүлэр.
Саамай саастаах ыалдьыттарбыт Сысоева Раиса Харлампьевна, Сэбиэскэй сойуус бэчээтин туйгуна, 93 саастаах уонна Максимова Прасковья Михайловна, Саха АССР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ 87 саастаах. Уопсайа 55 выпуск ыалдьыттаата.
100 сыллаах үбүлүөйү көрсө “Оскуола – сайдыы аартыга, билии биһигэ” кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Бу кинигэ сүрэхтэниитигэр үбүлүөйдээх выпусктар ырыа кэһиилээх кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
“Малдьаҕар сиэннэрэ” патриотическай кулууп туһунан билиһиннэрии буолла, 5-11 кылаас уолаттара этэрээттэринэн күрэхтэстилэр. Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин кытта көрүстүлэр.
“Оскуола билиҥҥи уонна кэлэр кэми ситимниир” оскуола выпусниктара, попечителлэрэ кыттыыллаах төгүрүк остуолга оскуола инники сайдар кэскилин туһунан кэпсэттибит.
Үбүлүөйдээҕи тэрээһин наҕараадалааһынынан, эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Үбүлүөйү көрсө оскуола ис-тас өттүн өрөмүөннээтибит. Манна федеральнай бырагыраамалар көмө буоллулар. Улуус, нэһилиэк дьаһалталарын кытта ыкса үлэлэһэн, оскуолабыт саҥалыы тыыннанна.
Бу сылларга 10 учуутал үөрэҕирии туйгуна буолла, оҕолорбут 100 % үөрэххэ киирэллэр. Бу үбүлүөйгэ күүс-көмө буоллулар оскуолабыт выпусниктара, “Бөртө” сылгы собуота, Павлов М.В. бааһынай хаһаайыстыбата, предпринимателлэрбит, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, үөрэх управлениета, улуус, нэһилиэк дьаһалтата о.д.а. Онон барыгытыгар махталбыт улахан.
Күндү выпускниктары, үөрэнээччилэри, оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, айымньылаах үлэни!»
Калитина Даша, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
“Мин быйыл балаҕан ыйыгар Новосибирск куоракка ыытыллыбыт “АгроНТРИ” бүтүн Россиятааҕы конкурска “АгроВет” номинацияҕа 2 миэстэ буолбутум. Биһиги оскуолабыт тэрийбит республикатааҕы “Агрохимбио” олимпиадатыгар 3 миэстэ буолбутум. Оскуолабытыгар ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын. Иллэҥ кэммэр тафтинг көрүҥүнэн иистэнэрбин, уруһуйдуурбун, хомустуурбун сөбүлүүбүн. Хабылык, хаамыска күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттабын, 1 юношескай разрядтаммытым. Оскуолабыт үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин. Ситиһии өссө да элбии турдун диэн баҕа санаабын этэбин«.
2 Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ