Сахаачча фаната диэн ааспыт үйэ 60-нус сыллырыттан билиҥҥэ диэри Сунтаар Бордоҥор олорор спорт энтузиаһа, өр сыл оҕолорго тустуу тренерэ, билигин оҕолору дуобакка, саахымакка дьарыктыыр Владимир Николаевич Петрову ааттыыллар.
Кини Сахааччаны тыыннааҕар көрбөтөх киһи. 1967 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр, хаһыакка бэрт кыраһыабай сэбэрэлээх, номоҕон дьүһүннээх Сахаачча уолу оччолорго аатырбыт тустууктары Алквиад Иванову, Николай Кардашевскайы кыайталаабытын туһунан суруйбуттарын кырыйан ылан, оронун үрдүгэр ыйаан кэбиспит. Онтон ыла кининэн киэҥ туттар, сүгүрүйэр киһитэ буолбут. Владимир Николаевич ахтарынан: «Аны мунньуубар Сахаачча диэн тустуук, кини кыайыылара эбиллэн истилэр. Ол аайы мин өссө тартаран, кумирым ханна кыайбытын, кыттыбытын ылан иһэбин».
Суорума суолламмытын истэн хомойон, кини аатын үйэтитэргэ олоҕун барытын анаабыт. Оннооҕор оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар кылааһын оҕолорунаан хаһыат таһаарбыттар, биэчэр ыыппыттар.
1971 сыллаахха Сахаачча сүрүн утарсааччытыгар Загалав Абдулбековка сурук суруйбут. Аадырыһын билбэт буолан, «г. Махачкала, чемпиону СССР З. Абдулбекову» диэбит. Онтон сотору соҕус буолан баран эппиэт тиийэн кэлбит. Загалав Абдулбеков Таганрокка күрэхтэһэ баран иһэн суруйбут: «Николай Захаров саамай чугас доҕорум уонна сүрүн утарсааччым этэ».
Оскуоланы 1973 сыллаахха бүтэрээт, үөрэх туттарса сылдьан үс сылы быһа суруйсубут. Аммаҕа Сахаачча ийэлээх аҕатыгар тахса сылдьыбыт. Кэлин даҕаны, быыс-арыт көһүннэҕинэ, Аммаҕа кэлэн барар.
Владимир Петрович «Сахаачча сырдык сулуһа» диэн кинигэтигэр маннык суруйар: «Уопсайынан, мин кылгас олоҕу олорбут, ол эрээри саха норуотун тустуутун историятыгар чаҕылхай ситиһиилэри ылбыт, кытаанах санаалаах Николай Захаровка-Сахааччаҕа сүгүрүйэн, кинини кумир оҥостубуппуттан олус үөрэбин, киэн туттабын. Бу дьарыгым миэхэ олохпор көмөлөһөр».
Бэлэмнээтилэр Дария Иннокентьевна Захарова,
академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин
«Музей в чемодане» бырайыак кыттыылаахтара