«Арылы кустук» олоҥхо педагогикатынан үлэлиир иитээччилэри түмэр уопсастыбаннай ситим тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтиир.
2013 сыллаахха тэриллибит ситимҥэ билигин республика 25 оҕо тэрилтэтиттэн 240 педагог киирэн, кыра саастаах оҕо уран тылын сайыннарыы, олоҥхону билиһиннэрии, олоҥхо философиятынан иитии хайысхаларынан үлэлии сылдьаллар. Научнай салайааччыларынан Екатерина Петровна Чехордуна, Диана Гаврильевна Ефимова буолаллар.
Бүгүн бэйэтин санаатын үллэстэр Ирина Михайловна Тихонова, «Арылы кустук» олонхо педагогикатынан үлэлиир үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимин тьютора, Ытык- Күөллээҕи «Чуораанчык» уһуйаан педагог-психолога.
— Ирина Михайловна, «Арылы кустук» хаһан, туохтан ситимнээн, туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитэй?
— Хайдах тэриллибитин туһунан этэр буоллахха, историята олус киэҥ. Саха норуотун культуратын, фольклорун кыра оҕолорго билиһиннэрии үлэтэ ыытыллыбыта ыраатта. Хас биирдии уһуйаан аайы ити үлэ барар. Сэбиэскэй да кэмнэртэн энтузиаст иитээччилэр үлэлииллэр этэ. Онтон бу 1992 сыллаахтан саха оскуолаларын сайыннарар концепция ылыллыбытыгар, дьэ, иккис тыыннанан күүскэ ити үлэ барбыта. Ол кэнниттэн федеральнай государственнай стандарт киирбитигэр үөрэхтээһин бырагырааматын 40 % национальнай-региональнай өйдөбүлгэ олоҕуруохтаах диэн ирдэбил турбута, Онон иитээччилэр иккистээн тыын ылан, национальнай культураны, фольклору, регион, географиятын уратытын, түөлбэ туһунан матырыйааллары булалларыгар кыратык ыарахаттары көрсөн, сүбэлэһэн-түмсэн, быһаарсар сыаллаах бастаан 2013 с. Таатта улууһун 4 детсада мустубуттара. «Арылы кустук» диэн ааттанан, түмсүү тэринэн, куолаан, оҕону фольклорга уһуйууну, олоҥхо философиятын туһаныыны, олоҥхо педагогикатын төрөппүттэргэ тарҕатыы үлэтин бары көмөлөөн үлэлиэҕиҥ диэн түмсүбүттэрэ.
Ол кэнниттэн араас республиканскай таһымнаах тэрээһиннэргэ ситиммит үлэтин көрдөрөн, кэпсээн, быыстапкаларга, үөрэхтээһин үлэһиттэрин мунньахтарыгар кыттан барбыппыт. Онно бэлиэтии көрөннөр, республика уһуйааннарыттан иитээччилэр интэриэһиргээннэр «эһигини кытта тэҥҥэ үлэлиэхпитин сөп дуо” диэн этии киллэрбиттэрэ. Биһиги үлэбит төрүтэ диэн – ситим. Нууччалыы эттэххэ, «сетевое взаимодействие”, ол аата биир ситимҥэ киирэбит, ол гынан баран, хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ төһө бэлэмнээҕинэн, төһө таһымнааҕынан бэйэтин баҕа өттүнэн кыттар.
Научнай салайааччыларбыт, олоҥхо педагогикатын төрүттээччилэр Нина Игнатьевна Филиппова, Екатерина Петровна Чехордуна уонна дошкольнай үөрэхтээһин эмиэ биир улахан специалиһа Диана Гаврильевна Ефимова буолаллар. Кинилэр салайыыларынан бу биһиги «Арылы кустукка» түмсэммит, иитээччилэр практическай өттүн оҥороллор, оҕолору, төрөппүттэри кытта үлэни ыыталлар. Онтон научнай салайааччыларбыт программа өттүгэр, олоҥхо педагогикатыгар саҥа көрүүлэргэ салайаннар-сирдээннэр, бу үлэлээбит кэмнэрбит 10 сыл устата уһуйааннарга аналлаах олус үчүгэй программалар, бырайыактар таҕыстылар.
— Олоҥхо педагогикатын өйдөбүлэ. Олоҥхо, фольклор оҕо сайдыытыгар оруола.
— Олоҥхо педагогиката диэн Саха сиригэр педагогика билимин биир салаата буолар. Ол курдук, олоҥхо педагогикатын төрүттээччилэр төрүт оскуолалары чинчийэр институт сотрудниктара этилэр. Олоҥхо педагогикатын өйдөбүлэ олус киэҥ. Олоҥхоҕо сытар норуот культуратын, философиятын, иитэр-үөрэтэр үгэстэрин, сайыннарар өрүтүн барытын сүһэн ылан, оҕону иитиигэ, ыалы сайыннарыыга туһаайар билим наука буолар, элбэх хайысхалаах. Холобур, кыра оҕолорго олоҥхо туһунан үөрэтэбит, уран тылларын сайыннарабыт, норуот педагогикатын олоҥхо геройдара бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар олоҕураммыт иитии-үөрэтии үлэтин ыытабыт.
Олоҥхо кыра оҕо сайдыытыгар улахан оруоллаах, холобур, былыргы кэми ылан көрөр буоллахха, олоҥхоһуттар уостан уоска түһэрэн, ыаллары кэрийэ сылдьан, олоҥхолоон күндүлүүр эбит буоллахтарына, ол кэмнэргэ оҕолор балаҕан иһигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ олооҥхо тылын-өһүн, тойугун барытын истэ улааталлар. Онтон билиҥҥи кэмҥэ ити сүттэ. Ол эрээри саха оҕото төһө кыалларынан кыра эрдэҕиттэн олоҥхо тойугун, сюжетын билэ улаатыахтаах. Төрөппүттэр оҕо олох кыра сааһыттан олоҥхо записьтарын иһитиннэрэллэрэ буоллар, оҕо төрүт генетическай өйүгэр-санаатыгар хаалан, ол билии олох кыра эрдэҕиттэн арыаллыы сылдьа этэ.
Ол иһин биһиги детсадка төрөппүттэр ортолоругар итинник үлэни ыытабыт. Дьиэҕитигэр олоҥхону истиҥ диэн сүбэлиибит. Записьтары иһитиннэриҥ. Детсадка оҕолор утуһуохатырн иннинэ эбэтэр иллэҥ оонньуур кэмнэригэр эмиэ итинник холбууллар. Онно көрдөххө, оҕолор сүрдээҕин истэллэр. Оннук оҕолор эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэллэр.
— Ыалга саха эйгэтин хайдах тэрийэбитий? Төрөппүтү хайдах сыһыарабытый?
— Саха аныгы ыалыгар саха эйгэтэ хайдаҕый диэн опрос ыытабыт. Гугл-форманан төрөппүттэр түргэн баҕайатык эппиэттииллэр. Онно 2017 с. уонна бу быйыл ыыппыппытын тэҥнээн көрдөххө, ол 2017 сыллаахтан саха эйгэтэ улааппыт диэн көрдүбүт. Ол аата сахалыы иһит-хомуос, ыһыахха сахалыы таҥныы элбээбит. Ол Саха сиригэр индустрия сайдыбытыттан буолуон сөп. Сахалыы иһити, таҥаһы дэлэ-хото таһаараллар. Саха төрүт аһын аһыылларын, сүөһү иитэллэрин эмиэ ыйытабыт. Хомойуох иһин, сүөһү иитиитэ көҕүрээбит, сылгы иитиитэ ол таһымҥа турар. Ити – биһиги детсадтарбыт көрдөрүүтэ, уопсай нэһилиэнньэ буолбатах.
— Эдэр саха ыалыгар анаан тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Төрөппүттэрбит икки кэмҥэ улааппыт ыччат буолар. Бастакынан, национальнай концепция саҕана оскуолаҕа үөрэммитттэр. Ол төрөппүттэр оҕолоругар олоҥхо педагогикатын билиһиннэриигэ олус чугастар. Иккис бөлөх төрөппүттэр – интернет, социальнай ситим сайдбыт кэмигэр улааппыттар. Бу ыаллар оҕолоро, хомойуох иһин, нууччалыы саҥарар оҕолорго киирэллэр.
Ытык- Күөллээҕи «Чуораанчык» уһуйаан педагог-психологынан үлэлиибин. Ол иһин эдэр ыалларга сүбэлиирим диэн, төрөппүт буолан туран, бэйэҕит уонна оҕолоргут кэннилэригэр наһаа элбэх өбүгэ дьоҥҥут бааллар.Ону хас биирдии төрөппүт өйдүөхтээх. Хас биирдии киһи эмискэ бу сиргэ баар буолан хаалбат. Кини кэннигэр сахалыы тылынан саҥарбыт, төрүт үгэстэрин тутуһан олорбут хас эмэ көлүөнэ өбүгэлэрэ тураллар. Кинилэр ситимнэрин быстах эйгэҕэ сөрөөн, холобур, билиҥҥи үйэҕэ нууччалыы тылга, социальнай симиминэн үлүһүйүүгэ, аныгы сүүрээннэргэ суурайан кэбиспэккэ, өбүгэлэрин үөрэҕин өссө сайыннаран, кэнэҕэски көлүөнэ ыччаттарыгар тиэрдиэхтээх. Төрөппүт төһө да эдэр буолбутун иһин, маны толкуйдуохтаах. Ол иһин сүбэм диэн, өбүгэлэртэн кэлбит баайы харыстаан, оҕолоругар иҥэрэн, удьуор утумун, төрүт үгэстэрин тиэрдэн, саха норуота тугу да сүтэрбэккэ, инники кэнчээри кэскилигэр тиэрдэригэр санааларын ууруохтарын наада диэн хас биирдии ыалга итинник санаа киирэригэр баҕарыам этэ.
Таисия Алексеева
keskil14.ru