Сэтинньи 27-30 күннэригэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ хоту оройуоннарга — Өймөкөөҥҥө, Муомаҕа, Эдьигээҥҥэ «Расскажи о главном» Арктическай десаҥҥа сырыттылар. Бу сырыыбыт «Бастыҥнар хамсааһыннара» эрэгийиэннээҕи отделениетын өйөбүлүнэн табылынна. Табылынна диир олус тоҕоостоох. Үлэбит түмүгүнэн Муома алын сүһүөх уонна орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Бастыҥнар хамсааһыннара» кэккэлэригэр киирдилэр.
Ситим таһаарыыларын редакциятын аатыттан икки киһи, Карина Оконешникова уонна Анна Слепцова, Муома курдук кэрэ айылҕалаах дойдуга баран кэллибит. Муомаҕа аан бастакытын сылдьар буолан, биһиэхэ барыта сонун уонна сэргэх этэ.
Тибиини тибии диэбэккэ
Сэтинньи 27 күнүгэр сарсыарда 9 ч. көтүөхтээх самолеппыт 4 чаас хаайтаран, хойутуу көтөн, улуус киинигэр Хонууга киэһэлик тиийбиппит. Тыал күүһүрэн тибии тибэ турара. Оннубутун булан, иккиэ бэйэбит икки хостоох дьиэҕэ түспүппүт. Биһигини «Бастыҥнар хамсааһыннара» оройуоннааҕы салаатын куратора Марияанна Анатольевна Дягилева көрсөн, хас күн аайы арыаллыы сылдьан, үлэ быыһыгар тахсар боппуруостары быһаара охсон, дьону түмэн, мунньан, барытыгар бииргэ сылдьыспыта. Онон киниэхэ махталбыт улахан.
Уһуйаан иитээччилэригэр ворк-шоп
Сэтинньи 28 күнүгэр Оҕо айымньытын дьиэтигэр сарсыарда 10 чаастан оҕо уһуйааннарын иитээччилэрин кытары көрсүһүү ыыттыбыт. Сорох нэһилиэктэн, суол суоҕунан сибээстээн, кыттааччылар суохтара. Манна Хонуу нэһилиэгин түөрт уһуйаана «Теремок», «Сказка», «Чуораанчык», «Кэнчээри» иитээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Оройуон киинин уһуйаанын иитээччилэрэ бэйэлэрин методическай үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Евдокия Николаевна Черемкина, «Чуораанчык» уһуйаан музыкальнай салайааччыта «Музыкальнай инструменнар» үлэтэ биһиги сэҥээриибитин ылла. Эбээн норуота таба кыылы барытын туһаҕа таһаарар. Холобур, муоһа-туйаҕа музыкальнай инструмеҥҥа кубулуйар. Бу оҕо төрүт үгэһин, сиэрин-туомун, култууратын үөрэтэригэр, ону кыра сааһыттан билэ, туһана улаатарыгар олус суолталаах.
«Чуораанчык» уһуйаан иитээччитэ Елена Васильевна Петрова «Математическай бой» бырайыагы 2012 сылтан тэрийэн үлэлэтэр. Оҕо дьоҕурун математическай өйгө-санааҕа сайыннарар оонньуу остуоруйаларга олоҕурар. Бэл, 2017 с. ыыппыт математическай киирсии биһиги доҕорбутугар Чуораанчыкка анаммыт.
Cалгыы иитээччилэргэ «Мысли проявляй словами» ворк-шоп ыытылынна. Манна хас биирдии кыттыыны ылбыт иитээччи оҕоҕо, төрөппүккэ, иитээчигэ ананар бэргэн этиилэри толкуйдаата. Бу маннык форматтаах тэрээһин бу күһүн «Сыл бастыҥ учуутала» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыытан турар. Ол түмүгэ — кылгас видеороликтар биһиги ВК сирэйбитигэр сырдатыллыбыта. Онтон Муома уһуйаан иитээччилэрэ толкуйдаабыт бэргэн этиилэрэ ахсынньы 5 күнүгэр, Оҕо хамсааһынын күнүгэр, саайтка тахсыахтаах.
Эбээннии алпаабыт сүрэхтэниитэ
Оҕо айымньытын дьиэтигэр биир суолталаах тэрээһин улуус баһылыга Дмитрий Аммосов, эбээннэр Ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ, оскуола, уһуйаан педагогтара кыттыылаах ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһини Муома оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, педагог, оҕо суруйааччыта Мария Прокопьевна Федотова-Нулгынэт арчытынан саҕаланна.
Ол курдук, «Чуораанчык» сурунаал алтынньы ыйдааҕы нүөмэригэр эбээннии алпаабыт тахсыбыт сүрэхтэниитэ буолан ааста. Эбээннии албаапыты Оҕо айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, үрдүк категориялаах эбии үөрэхтээһин педагога Люлия Ивановна Таркова, эбии үөрэхтээһин педагога Никита Сергеевич Неустроев хомуйан оҥордулар, консультант быһыытынан Дария Мартынова-Несэни, Дьокуускай куорат «Созведие» библиотека салайааччыта, сырытта. Онтон саҥарар алпаабыты Н.С. Тарабукин аатынан Улахан-Чыыстай орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Айхал Соловьев саҥарта.
Элбэх үтүө тыллар этилиннилэр. Муома улууһун баһылыга Дмитрий Викторович Аммосов салгыы бу саҕалааһыны сайыннарыахпыт диэбитин үөрэ иһиттибит: «Биһиги оройуоммутугар төрөөбүт төрүт тылбытын билиэхтээхпит дии саныыбын. Тылын, историятын билэр норуот инникилээх. Холобур, бу ааспыт 20-30-с сылларга Чыыстай, Сайдыы бөһүөлэктэрэ эбээнни эрэ саҥарар эбит буоллахтарына, бүгүҥҥү күҥҥэ ол аҕыйаан турар. Онон бэйэбит алпаабыппытын билэн, ону оҕолорбутугар үөрэтэн, култуурабытын, үгэспитин үөрэттэхпитинэ, инникилээх буолуохпут. Онон эбээн тылынан тахсыбыт алпаабыт бэчээккэ тахсыыта — бу биһиги оройуоммутугар улахан суолталаах». «Оҕолорбутугар алпаабыты сээдьэ нөҥүө эмиэ тиэрдиэххэ сөп» диэн үөрүүлээх тэрээһин сээдьэнэн түмүктэннэ.
Чуораанчыктыын доҕордос!
Бу күн Арктическай десант алын кылаас үөрэнээччилэригэр «Чуораанчыгы кытары доҕордос!» диэн тэрээһини ыытта. 3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ, үс бөлөххө арахсан, «Чуораанчык» сурунаал дьоруойун Чуораанчык уолу кытары билистилэр, кини туһунан саҥа ойуулугу көрдүлэр, викторинаҕа кытыннылар, түмүгэр Чуораанчык уолга национальнай көстүүмү уруһуйдаатылар.
Хас биирдии уруһуй «Чуораанчык» сурунаал редакциятыгар тиксэрилиннэ. Маны таһынан Муома алын оскуолатын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, учууталлара «Чуораанчык», «Колокольчик+» сурунаалларга сурутууга көхтөөх кыттыыны ыллылар. Майя Григорьевна Местникова, 4-а кылаас салайааччыта, 17 үөрэнээччитин барыларын «Чуораанчыкка» кылааһынан 100 % суруталларыгар мэктиэлээтэ.
Муома — мин дойдум
«Бастыҥнар хамсааһыннара» туризм уонна медиа хайысхатынан «Муома — мин дойдум» бырайыак оҥоруутугар орто сүһүөх уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Оҕолор биэс хамаандаҕа арахсан: «Бөрөлөр», «Хотойдор», «Бастакылар», «Вишенкалар», «Клуб Винкс», барыта 30-ча оҕо (8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ) төрөөбүт дойдуларын историятын, сирин-уотун, култууратын, үгэстэрин, тылын-өһүн, дьонун-сэргэтин үөрэтэр, хомуйар уонна тарҕатар сыаллаах бырайыактары оҥорууга бастакы күнүн саҕалаатылар. Хас биирдии хамаанда төрөөбүт кыраайдарын уратытын бэлиэтиир суолталаах үлэни оҥордулар. Бу бырайыактан бастыҥнара «Бэлэм буол» олунньу ыйдааҕы нүөмэрэ буолан тахсыаҕа. Ол эрээри бастакы күн ханнык хамаанда кыайбыта биллибэт.
Муома улууһун бочуоттаах олохтоохторо
Муома улууһун бочуоттаах олохтоохторун Мария Прокопьевна-Нулгынэт уонна Григорий Михайлович Федотовтары көрсөммүт кэпсэттибит. М.П. Федотова-Нулгынэт хотугу литература сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит эбээн оҕо суруйааччыта, прозаик, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Онтон Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Г.М. Федотов педагог, биллэр суруналыыс, фольклорист, олоҥхону үйэтитээччи. Биһиги Мария Прокопьевналыын оҕо сааһын, айар үлэтин туһунан кэпсэттибит. Аан бастакы айымньыта «Ыстаада оҕотун кэпсээннэрэ» «Кэскил» хаһыакка бэчээттэммит. Ол кэнниттэн Мария Прокопьевна оҕолорго аналлаах кэпсээннэрин тиһэн биэс сэһэни таһаарар. Ол барыта холбоһон автобиографическай «Тэбэнэттээх Нулгынэт» үс чаастаах роман буолан тахсар. Бу үлэтэ эбээн литературатыгар дьахтар-суруйааччы бастакы романа буолар. Григорий Михайлович «Бэлэм буолу» кытары эмиэ ыкса сибээстээҕин этэн аһарда. Суруналыыс Михаил Игнатьев Муомаҕа командировкаҕа кэлбитигэр хаартыска түһэрээччинэн сылдьыбытын истиҥник ахтан ылла. Онтон ыла кини суруналыыс идэтигэр уһаарыллыбытын кэпсээтэ.
Үөрэнээччилэр бырайыактара — «Бэлэм буол» сурунаалга
Сэтинньи 29 күнүгэр Муома орто оскуолатыгар «Расскажи о главном» Арктическай десант үлэтин салҕаата. Учууталларга, оскуола оҕолоругар «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо хамсааһынын туһунан лекция, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын бырайыактарын билиһиннэрэр сыаллаах семинар ыытылыннылар. Салгыы «Муома — мин дойдум» бырайыакка учууталлар настаабынньык быһыытынан кыттыһан, үлэ күөстүү оргуйда. Оҕолор да, учууталлар да өттүлэриттэн интэриэс баар буолан биэс хамаанда бырайыагы ситэриигэ тигинэччи үлэлээтэ. 13 сорудахтаах бырайыагы бары хамаанда кыайа-хото оҥордо уонна көмүскээтэ. Холобур, бу бырайыакка үлэлэһэ сылдьан, оҕолор тохсунньуга оскуола иһигэр «Бастыҥ хоһоон суруйааччы» күрэһи тэрийэргэ быһаарыммыттарын иһитиннэрдилэр.
Кыайыылааҕынан иккис хамаанда — «Хотойдор» ааттанна: Айгылаана Черова (8-а), Наталина Федорова (10-а), Руслан Неустроев (10-б), Альберт Слепцов (10-б), Олег Лыткин (10-а). Настаабынньыктара — математика учуутала Лидия Серафимовна Неустроева. Манна этэр эбит буоллахха, Лидия Серафимовна уруогу төрөөбүт тылынан үөрэтэр соруктаах «Геометрия терминнэрэ» диэн биллэрэр-көрдөрөр карточкалар ааптара. Бу кыайбыт хамаанда «Бэлэм буол» олунньутааҕы нүөмэрин сүрүннүөҕэ. Кыттыыны ылбыт бары үөрэнээччилэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» эрэгийиэннээҕи отделениетын аатыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан үөрдүлэр.
Бу күн Муома оройуонун баһылыгын Дмитрий Викторович Аммосовы кытары көрсөн, Арктическай десант сүрүн сыалын-соругун билиһиннэрдибит. Баһылык Муома оройуонугар аналлаах «Бэлэм буол» сурунаал тахсарын сэргии, үөрэ истибитэ уонна бары нэһилиэк оскуолатын үөрэнээччилэрэ бу бырайыакка кыттыһыах тустаахтарын эппитэ. Маны таһынан, «Кэскил» оҕо бэчээтин кытары «Бэлэм буол» сурунаал олунньутааҕы нүөмэригэр эбии 500 экз. тиражка сөбүлэҥ түһэрсэргэ бэлэмин биллэрбитэ.
Түмүктүүр күҥҥэ
Сэтинньи 30 күнүгэр Муома оройуонугар «Кэскили» кытары үлэлэһэр үс медиаоскуола баар: Улахан-Чыыстайга (сал. Т.В. Тарабукина), Соболооххо (И.Э. Сизых), Муома орто оскуолыгар (сал. А.М. Слепцова). Быйылгыттан медиакиин ахсаана түөрт буолла: бу күһүҥҥүттэн улуустааҕы Оҕо айымньытын дьиэтэ киирдэ. Оҕо айымньытын иһинэн эдэр кэрэспэдьиэннэр «Истиҥ» хаһыаты (салайааччы Е.С. Старкова) таһаараллар, оройуоҥҥа, оскуолаҕа буолар тэрээһиннэри 4 балаһанан тахсар хаһыакка сырдаталлар. Бу күн медиаоскуолаларга «Саас» эрэгийиэннээҕи компонены оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна.
«Память предков: генеалогия моей семьи» төрүччүнү үөрэтиигэ туһаайыллыбыт II өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх оскуолатааҕы түһүмэҕэр барыта биэс үлэ киирдэ: Ньургун Данилов, 5-а кылаас, «Кулуба Хабырыыс аҕа ууһугар педагог үөрэхтээх аймах дьонум» (сал. Т.И. Данилова), Эрсан Слепцов, 8-а кылаас, Динара Аргунова, 9-а кылаас, «Атыыһыт Дьөгүөр сыдьааннара» (сал. А.П. Ефимова, Т.Н. Татаринова), Валерия Кириллина, 9-а кылаас, «Династия бухгалтеров и математиков в моем роду» (сал. Л.А. Кириллина), Санаайа Лыткина, 5-а кылаас, «Киномеханик идэлээх мин дьонум» (сал. К.И. Неустроева), Мирослав Гореев, 8-а кылаас, «Сохраним имена тех, кто сохранил нам жизнь» (сал. А.Е. Орлова). Бары үлэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттыыны ылыахтара. Бары кыттааччыларга уонна кыттааччылары бэлэмнээбит салайааччыларга туоһу сурук туттарылынна.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата өссө биир күрэҕэр «Дети Азии: Спорт, дружба, победа» бастыҥ талисман-оонньуурга барыта 55 үлэ киирдэ. Оҕолор төрөппүттэрин уонна уһуйааччыларын кытары араас матырыйааллартан оонньуурдары оҥордулар. Кыайыылаахтар ааттара үс бөлөххө ааттаннылар, үөрүүлээх быһыыга-майгыга грамоталарынан, анал ааттарынан наҕараадаланнылар. Бары кыттааччылар туоһу сурук туттулар.
«Сурутууну бэлэхтээ»
акцияны «Почта России» филиалын начальнига Дмитрий Михеев улуустааҕы дьаһалта дьиэтигэр тэрийэн ыытта. Бу күн «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын таһаарыыларыгар олохтоохтор суруттаран элбэх оҕолоох ыалларга, быстах байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар сурутууну бэлэхтээтилэр. Барыта акциянан 14200 солк. сурутуу киирдэ. Онтон Почтанан 9884 солк. сурутуу киирдэ. Дмитрий Михеев этэринэн, төрөппүттэр үксүлэрэ «Чуораанчык», «Колокольчик+» сурунаалларга суруттардылар.
Ити курдук, Муома улууһун Хонуу нэһилиэгэр үс күннээх үлэбит үтүө түмүктээх, элбэх ситиһиилэрдээх ааста. Хоту дойду дьоно аламаҕайдарынан аатырыахтарын аатыраллар, оҕолуун-улаханныын кэлбит сирбитигэр барытыгар үөрэ-көтө көрсөн, кэпсэтэн атаардылар.
Маны таһынан Муома алын сүһүөх оскуолатын мусуойун салайааччытыгар Антонина Яковлевна Слепцоваҕа, орто оскуола мусуойун салайааччытыгар Антонина Ильинична Никулинаҕа, улуустааҕы түмэл дьиэтин дириэктэригэр Алена Егоровна Корякинаҕа махталбытын биллэрэбит. «Айан» турклуб чилиэнигэр, экстремал-турист Леонид Алексеевич Никулиҥҥа Муома оройуона биир ытык сиригэр, улуус брендэ быһыытынан биллэр Ю хайаҕа илдьэ сырытыннарбытыгар туспа барҕа махтал. Биһигини арыаллаан илдьэ сылдьыбыт Марияанна Анатольевна уонна Иван Евгеньевич Дягилевтарга, күүс-көмө буолбут дириэктэр сүбэһитигэр Анастасия Егоровна Орловаҕа, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Анна Матвеевна Слепцоваҕа, айаммытын тэрийбит уонна уйуммут «Бастыҥнар хамсааһыннара» эрэгийиэннээҕи отделениетын салалтатыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Анна СЛЕПЦОВА, автор хаартыскалара, видеоҕа устуута.
keskil14.ru