Оскуолабыт агро хайысхалаах буолан, үөрэх дьылын аайы быраактыка ыытыллар, сайын лааҕыр аһыллан үлэлиир. Оҕолор үүннэрбит, хомуйбут оҕуруоппут аһа атыыга баран, кыһын оскуола остолобуойугар битэмииннээх аһынан хааччыллабыт: хаппыыста, хортуоска, моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, помидор, биэрэс. Оттон оттообут оппутунан сылгылары аһаталлар. Онон барыта туһаҕа тахсар. Бу туһунан оҕолор, салайааччылар, учууталлар санааларын иһиттим.
Олег Яковлев: «Мин ордук оскуолабыт оҕуруот олордор сирин хомуйууну, хаппыыста сэбирдэхтэрин уонна силистэрин ыраастааһыны сөбүлээбитим».
Неустроев Эркин: «Алтыс кылаастар тэпилииссэҕэ үлэлээбиппит. Моркуобу, сүбүөкүлэни уонна да атын оҕуруот аһын хомуйбуппут».
Мира Николаевна Местникова: «Күһүн аайы оскуолабыт «Байаҕантай кэскилэ» үлэ-сынньалаң лааҕырын оҕолоро көрөн-истэн улаатыннарбыт оҕуруоттарын хомуйуута буолар. Ол иһин оскуола оҕолоро бары үөрэ-көтө оҕуруоттарын аһын хомуйа тахсаллар».
Оскуолабытыгар агро үөрэхтээһиңңэ дириэктэри солбуйааччы Матрена Егоровна Бысыина: «Быйылгы кыстыкка 5 ынах сүөһүнү идэһэлэнэн үлэһиттэргэ, нэһилиэнньэҕэ атыылаатыбыт. Ол түмүгэр 568 киилэ эти атыылаатыбыт, харчытынан 363000 солкуобай таҕыста. Ол иһигэр 112 киилэни оскуолабыт үбүлүөйүгэр хааллардыбыт. Алта туонна оту оттоотубут. 3 биэлээхпит. Биир убаһаны тыыннаахтыы атыылаатыбыт, биирин үбүлүөйбүтүгэр туттарга хааллардыбыт.
Сааһын арассаада атыылыыбыт. Дьон хаппыыста, биэрэс, кабачок, оҕурсу, помидор, сибэкки араас арассадатын дьон хамаҕатык атыылаһан, 108 тыһыынча 105 солкуобай харчыны ыллыбыт.
Оскуолабыт нэһилиэнньэни оҕуруот аһынан толору хааччыйар. Ол курдук, 4 туонна 667 киилэ хаппыыстаны үүннэрэн атыылаатыбыт. Маны таһынан атын оҕуруот аһыттан 427 816 солкуобай буолбут».
Биһиги оскуолабыт бу курдук тэтимин ыһыктыбакка үлэлиир. Баҕарыам этэ оскуолабытыгар өссө үрдүк көрдөрүүнү, улахан ситиһиини!
Дая Неустроева,
Киэриэс Халдьаайы орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ, Томпо