Чурапчы улууһугар, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх сайдыытыгар Сысолятиннар педагогическай династиялара сүдү кылааты киллэрсибиттэрэ уонна күн бүгүнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар айымньылаахтык айа-тута, ситимнээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Сысолятиннар улахан дьиэ кэргэн. 372 сыл ыстаастаах педагогическай династияны төрүттээччинэн амарах аҕалара, эһэлэрэ Михаил Родионович Сысолятин буолар. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РСФСР тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, «Улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ.
Михаил Родионович үлэтин Чурапчы оройуонугар Амма аҕыс кылаастаах оскуолатыгар история учууталынан саҕалаабыт. Өр сылларга төрөөбүт улууһугар Чакыр, Сылаҥ, Дириҥ орто оскуолаларыгар директорынан, РОНО сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Салайааччынан үлэлиир кэмнэригэр оскуолаларга үөрэххэ, иитиигэ, үөрэнээччилэр уопсай сайдыыларыгар, оскуолалар техническэй базалара бөҕөргүүрүгэр болҕомтотун ууран айымньылаахтык, дьүккүөрдээхтик үлэлээбитин үгүс дьон ахтар, үтүөтүк саныыр эбит.
Күн күбэй ийэлэрэ, эбээлэрэ, Лидия Петровна, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара», «Өрөспүүбүлүкэ методиһа» бэлиэлэр хаһаайыннара. Билигин педагогическай династияларын тумус туттар киһилэрэ, салайааччылара. Лидия Петровна, эмиэ Чурапчы улууһун Сылаҥ орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэтин саҕалаабыт. Кэлин Дириҥ уонна Чакыр оскуолаларыгар барыта 13 сыл завуһунан үлэлээбит. Учууталлар методическай таһымнарын үрдэтиигэ болҕомтотун уурбут, учууталлар үлэлиир уопуттарын тарҕатар бэрт элбэх оройуоннааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи авторскай семинардар ыытыллыбыттар. Кабинетынан үөрэтии систиэмэтин олоххо киллэриигэ үгүс сыратын биэрбит. Уопуттаах методист оройуон методкабинетыгар үлэлээбит, алын сүһүөх кылаастар учууталларын салайан үлэлэппит. Бу сылларга үөрэтии саҥа ньымаларын көрдөөһүҥҥэ уонна олоххо киллэриигэ элбэх үлэ барбыт.
Сысолятиннар дьиэ кэргэн төрөппүт оҕолоро үһүөн учууталлар. Кыыстара Саргылана Михайловна – идэтинэн математика учуутала, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ учуутала» куонкурус 1993 с. кыайыылааҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл бастыҥ учуутала» куонкурус 1994 с. финалиһа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, педагогическай наука кандидата, ХИФУ ИМИ доцена.
Улахан уоллара Игнат Михайлович – СӨ үтүөлээх тренерэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Көҥүл тустууга хас да көлүөнэ ыччаты такайбыт, чемпионнары иитэн таһаарбыт биллиилээх тренер. Ол курдук, Николай Аянитов – 2012 с. Лондоннааҕы Олимпийскай оонньуу кыттыылааҕа, ыччаттарга Арассыыйа чемпиона, студеннарга Арассыыйа чемпиона, И. Ярыгин аатынан Гран-при боруонса призера; Тимур Пестерев – ыччаттарга Арассыыйа чемпиона, улахан дьоҥҥо Арассыыйа чемпионатын үрүҥ көмүс уонна боруонса призердара, аан дойдутааҕы турнирдар кыайыылаахтара, о.д.а. Игнат Михайлович кэргэнэ Евдокия Климовна – биһиги Чурапчытааҕы интернат-оскуолабыт алын сүһүөх кылаастарын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, династия тутаах киһитэ.
Кыра уоллара Петр Михайлович – технология учуутала, Чурапчы орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлиир.
Сысолятиннар сиэннэрэ – үһүс көлүөнэ учууталлар педагогическай династияны салгыыллар: Кэскилээнэ Игнатовна – Муома орто осуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Светлана Михайловна – магистратураны кыһыл дипломнаах бүтэрбит, Международнай Арктическай оскуола математика учуутала.
Сысолятиннар учуутал дьиэ-кэргэн үлэлэрэ-хамнастара, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннара, олоҕу көрүүлэрэ оҕолоругар-сиэннэригэр, биһиэхэ, эдэр ыччакка холобур буолар.
«ЧЭБДИК» пресс-киин