«Биир сыллааҕыны былаанныыр буоллаххына – бурдукта ыс, уон сылы былаанныыр буоллаххына – маста олорт, үйэлээҕи былаанныыр буоллаххына – дьону иит» диэн илиңңи норуоттар өс хоһоонноро баар. Бу мындыр этии биһиги оскуолабыт наставник учууталыгар Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуна, «Учууталлар Учууталлара», үрдүк категориялаах математика учуутала Тамара Алексеевна Никитина үлэтигэр сөп түбэһэр.
1982 сыллаахха Боронук оскуолатыгар эдэр учуутал буолан үлэлээн, уопутуран, билигин бэйэтэ эдэрдэргэ сирдьит, сүбэһит учуутал буолар. Быйыл Тамара Алексеевна «Бастыҥ наставник» кэккэтигэр киирэн, Ил Дархан Айсен Николаев анал бириэмийэтин туппута.
Тамара Алексеевна эдэр кэллиэгэтин Мария Яковлевна Слепцовалыын биир хамаанда буолан үлэлииллэр. Быйыл оскуолабытыгар ыытыллыбыт «Наставник уонна эдэр учуутал» диэн күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан, «Бастыҥ наставник уонна эдэр учуутал» аатын ылбыттара. Биһиги учууталларбытын кытта көрсөн кэпсэттибит, санааларын иһиттибит.
Тамара Алексеевна наставник учуутал быһыытынан эдэр учууталы кытта хайдах үлэлиирин маннык кэпсээтэ:
— Миэхэ учуутал буола баҕа санааны учууталым Галина Егоровна Чирикова сахпыта. Галина Егоровна үлэтигэр бэриниилээх, олус эппиэтинэстээх учуутал этэ. Кини уобараһа мин дууһабар умнуллубат холобур буолан хаалбыта. Оҕону үөрэтии диэн аңардас билиини иңэрии эрэ буолбатах, олоххо иитии буолар. Эдэр учуутал аан бастаан ону өйдүүрэ наада. Билиңңи эдэр учууталга методика өттүнэн көмө наада дии саныыбын. Мин эдэр кэллиэгэм Мария Яковлевна — эмиэ математика учуутала. Олус дьулуурдаах, тулуурдаах учуутал. Саамай наадалаах хаачыстыба. Биһиги иккиэн араас куурустарга үөрэнэбит, аһаҕас уруоктары ыытабыт. Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэргэ бэлэмнэнииргэ сүбэлиибин. «Куурусса чоппуускаттан үөрэнэр» диэн өс хоһооно этэринии, Мария Яковлевна миэхэ эмиэ көмөлөһөр. Саңа информационнай технологияларга, интернети хасыһан наадалаах матырыйаалы булууга.
Аны эдэр учуутал Мария Яковлевна санаатын истиэҕиҥ:
— Мин сүрүн идэм — педагог-психолог. Ол эрээри оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаабын толорон, үөрэнэн, математика учуутала буоллум. Наставнигым Тамара Алексеевна дьылҕа анаабыт учуутала буолар. Кини эдэр учууталга ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр. Мин ыарырҕаппыт боппуруостаннахпына, тута киниттэн ыйытабын. Оҕо кэрэхсэбилин хайдах тардыахха сөбүн, ханнык ньымалары туттан араас бэлэмнээх оҕолору тэңинэн үөрэтиэххэ сөбүн. «Математика курдук уустук, ол эрээри интэриэһинэй предмет олоххо саамай наадалааҕын тиэрдии бу учуутал соруга буолар», — диэн Тамара Алексеевна өрүү этэр.
«Эһиги сүбэһит учуутал уонна эдэр педагог биир хамаанда буолан бииргэ үлэлии бырайыактааххыт дуо? Ол туһунан, баһаалыста, сырдатыаххыт дуо?» диэн ыйытыыга иккиэн маннык хоруйдаатылар:
— Биир саңа саҕалаан эрэр ураты бырайыактаахпыт. Тыа сирин олоҕун, үлэтин-хамнаһын, оңорон таһаарар бородууксуйатын туһунан ис хоһоонноох сорудахтардаах математическай авторскай олимпиада. Билиңңи тыа оҕото харчытын сөпкө туһанан суоттуу үөрэниэхтээх.
Ити курдук эдэр учууталларга сирдьит буолан, Тамара Алексеевна уонна эдэр кэллиэгэтэ Мария Яковлевна айымньылаахтык үлэлииллэр, былааннара үгүс.
Мария МОРДОВСКАЯ, 10 кылаас,
Ливия ДРУГИНА, 10 кылаас,
Николай СОЛОВЬЕВ, 9 кылаас
Боронук орто оскуолата, Үөһээ Дьааңы