Хос эһэм Афанасий Николаевич Тарасов Солоҕоон Силээниттэн төрүттээх, Бочуот знага уордьан Кавалера, биллиилээх тутааччы, уус, болуотунньук, үлэ, тыыл бэтэрээнэ этэ.
Кини аҕата, мин хос-хос эһэм, эрдэ олохтон туораан, оҕо сааһа бэрт кыһалҕалаахтык ааспыт. Огдообо хаалбыт ийэтигэр көмөлөһөн, фермаҕа улахан дьону кытта үлэлиир, көтөрү-куобаҕы бултаһар, муус аннынан балыктыыр эбит. Дьон дьиэ-уот, хотон-хаһаа тутталларын көрөн, илии-атах буолан улааппыт.
Кыра холкуостары бөдөҥсүтэн, Өрт бөһүөлэгэр түмсүбүт кэмнэригэр эһэм туруу үлэһит эбит. Хос эһэм тутуспут дьиэлэрэ билигин даҕаны нэһилиэкпитигэр бааллар. Ити кэм үлэһиттэрин мындырдарын, кыайыылаах үлэһит буолалларын үйэлээх тутуулара туоһулууллар: орто оскуола уонна интэринээт билигин даҕаны этэҥҥэ туһалыы тураллар. Дьон Афанасий Николаевиһы бэйэтин кэмин кыанар, күүстээх киһитинэн ахтар. Дьиэ тутуутугар өһүө маһын соҕотоҕун санныгар сүгэн үөһэ таһаарарын сөҕө көрөллөр эбит. Аҥардас оскуолабыт дьиэтин суон-уһун бэрэбинэлэрин даҕаны көрдөххө, тутааччылар бары даҕаны хатан иҥиирдээх, өһөс хааннаах, күүстээх-тулуурдаах дьон буолаллара сэрэйиллэр.
Төһө да ыарахан үлэҕэ оҕо эрдэҕиттэн сырыттар, хата, түөрт кылааһы үөрэммит, ааҕар-суруйар буолбут. Таайбар Женяҕа ыыппыт суругун көрөн, буочара үчүгэйин олус сөхпүтүм: мин итинник суруйарым буоллар, учууталлартан элбэхтик хайҕаныа эбиппин.
Үлэһит киһи кыаҕын бары өттүн туһанарын быһыытынан, хос эһэм быыс булан, кинигэ суруйар эбит. Онон Афанасий Николаевич Тарасов үс кинигэ ааптара. Кинигэлэригэр төрөөбүт дойдутун, үтүө-сэмэй дьонун-сэргэтин, сэрии ыар сылларынааҕы олоҕу, үлэ-хамнас туһунан суруйан хаалларбыта улууспут устуоруйатыгар күндү бэлэх быһыытынан хаалбыт. Хос эһэм 170-ча хоһоонноох. Маны таһынан норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу улахан суолталааҕын мындыр өйүнэн таба таайан таабырыннары, өс хоһооннору хомуйан суруйа сылдьыбыт.
Кинини мин көрбөтөҕүм-кэпсэппэтэҕим эрээри, хос эһэм хайдах курдук ыраас санаалааҕын, дириҥ-киэҥ иэйиилээҕин, дойдутугар бэриниилээҕин кини хоһоонноруттан ааҕан киэн туттабын, долгуйабын:
Дойдум барахсан Силээним
Эн эрэ кырдьары билбэккин,
Сайыҥҥы кыһыҥҥы симэхтэргин
Сааһылаан уларытта турдаҕыҥ.
Хос эһэм хоһоонноруттан ордук “Сахабын дэнэр киһи” диэн хоһоонун сөбүлүүбүн:
Сахабын дэнэр киһи
Сүөһүтэ суох буоллаҕына
Саха аатыран,
Төрөөбөтөҕө ордук!
Сахабын дэнэр киһи
Токур хотууру
Туппат буоллаҕына,
Сахабын дэммэтэҕэ ордук!
Сахабын дэнэр киһи
Быйаҥнаах ууга
Ытыһын тоһуйбат буоллаҕына,
Саха аатын сүкпэтэҕэ ордук!
Сахабын дэнэр киһи
Сылаас сырдык балаҕаныгар
Оҕо чуопчаарбат буоллаҕына,
Сахабын дэммэтэ ордук!
Саха диэн өркөн өйдөөх
Хатан иҥиирдээх,
Өһөс хааннаах,
Сүөһү баайдаах
Үлэһит норуот аата!
Саха киһитэ
Сүүрбэ биирис үйэҕэ
Бэйэни бэйэ салаллан,
Үүнэр ыччат туһугар
Биллэр-көстөр кылааты
Киллэрсэр иэстээх!
Хос эһэм Афанасий Николаевич Тарасов курдук үлэһит, төрөөбүт дойдуларын таптыыр дьон баар буолан, улууспут, нэһилиэкпит сайдар, тупсар. Эһэм хоһоонугар хоһуйбутун курдук, биһиги оҕолор Сахабыт сирин ааттатар үлэһит дьон буолуохпут.
Максим Перфильев, С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
VI кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы Августа Михайловна Захарова, алын сүһүөх учуутала.