Эһиги, аныгы кэм оҕолоро, атын сирдэринэн сылдьан элбэхтик күүлэйдиигит, сири-дойдуну көрөҕүт. Суруйааччы И.М. Сосин эмиэ атын сирдэринэн элбэхтик сылдьыбыта. Кини бу саҥа сиргэ сылдьан, тугу көрбүтүн, сэргээбитин барытын сурукка тиһэр, бэлиэтэнэр эбит. Ол барыта түмүллэн оччотооҕу кэм-кэрдии хаамыытын көрдөрөр. Эһиги эмиэ Иннокентий Михайлович курдук, ханна, хаһан сылдьыбыккытын, тугу сэргии көрбүккүтүн сурунуоххутун сөп. Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
«Балаҕан ыйын 29 күнэ. Бородино. 1912 сыллааҕы нуучча героическай норуотун улахан кыайыытын туһунан сырдык өйдөбүлү ылаары манна кэллим. Биһиги оскуолаттан 120 киһи.
Биһиги бары биир санаанан кынаттанан иһэр буолуохтаахпыт. Ол да иһин Москва аннынааҕы аатырбыт күһүнүн кэрэ дьикти айылҕатынан дуоһуйан, саһарымтыйан эрэр мастары өссө да күөх сылдьар хонуубар умсугутан суол уһунун билбэккэ хааллыбыт.
Аара Москваттан 64 килэмиэтэрдээх сиргэ биһиэннэрэ немецкай фашистары тохтоппут сирдэригэр тохтоон аастыбыт. Манна модун тааҥканы туруорбуттар.
Бородинооҕа 10 чааска кэллибит. Хас полк аайы памятниктар туруоруллубуттар. Сир-уот уруккутуттан уларыйбыта чахчы буоллаҕа. От-мас үүнэн, сороҕо өлөн, ол үрдүнэн 60 сыллааҕы Бородино хартыыната хараххар тиллэн кэлэр курдук.
Манна 1812 сыллааҕы балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Кутузов Наполеон армиятыгар маҥнайгы улахан охсуһууну биэрбитэ. Манна генерал Боградион, Раевскай, Дохтуров, Уваров, Пладов, Барклай де Толли курдук албан аатырбыт командирдар кэрэ мөссүөннэрин таһынан сүүһүнэн кимнээхтэрэ биллибэккэ хаалбыт саллааттар хорсун санааларын өйдөөн кэлэҕин.
Кыргыһыы түүнүн туһунан академик Тарле суруйар: “Киэһэрбитэ. Хараҥа буруонан былтырбыт халлаанынан өссө хойдубута. Кыргыһыы бүппүтэ. Күтүр хараҥанан үллүммүт хойууттан бааһырбыттар ыар ынчыктара ынырык иһиллэрэ. Кинилэргэ кыра даҕаны көмөнү оҥорор кыах суоҕа…»
Биһиги кыргыһыы буолбут хонууларын кэрийэ сылдьан көрдүбүт. Музейга сырыттыбыт.
Төннөн иһэммит Петрищева дэриэбинэҕэ тохтоотубут. Онно Зоя Космодемьянская хорсун быһыытын туһунан музейдары, памятниктары көрдүбүт.
1968 с., балаҕан ыйа, Москва
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Ира ЗАХАРОВА, VII «Б» кылаас,
Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй.
Салайааччы М.Д. Ноговицына,
саха тылын уонна литературатын учуутала