Бүгүн Таатта Харбалааҕар үтүө үгэһи сөргүтэр, ыалга олоҥхо истэр дьоро киэһэ буолла. Олохтоох ускуустуба оскуолатын фольклорга учуутала Варвара Алексеевна Парфенова кулууптары кытта кыттыгас тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ааста.
Бастаан олоҥхоһуту истэ кэлбит ыалдьыттары сахалыы астаах байым-талым остуолга ыҥыран чэйдэттилэр, онтон ыал ийэтэ аал уотун аһатан, алгыһынан амалыйан арчылаата. Салгыы оҕо олоҥхоһуттар дьоро киэһэни саҕалаатылар. Варвара Алексеевна уһуйааччыта Никита Ксенофонтов ийэ олоҥхоһут Петр Решетников олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Онтон улахан ааттаах-суоллаах Таатталар киэн туттар олоҥхоһуппут Алексей Николаев «АйыыДугуйдах» диэн бэйэтин олоҥхотун чаастан ордук толорон, истээччилэр кэрэхсэбиллэрин ылла. «Ноо!» — диэн сэргээһин үөрүүтүн үгүстүк иһиттэ.
Бу дьоро киэһэни тэрийбит, үтүө үгэһи сөргүтээччи Варвара Алексеевнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит! Айымньылаах үлэҥ өссө да кэҥээн, кэскиллэнэн истин!
Валентина Кривошапкина. Таатта, Харбалаах