Чурапчы нэһилиэгэр эдэр ыал сөбүлээн олохсуйар. Мин бүгүн эһиэхэ Анастасия Николаевна уонна Геннадий Владимирович Нестеровтар туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Кинилэр биһиги нэһилиэкпитигэр 2009 с. көрсөн, 2011 с. ыал буолбуттар. Ыал аҕа баһылыга Геннадий Владимирович Ленинградскай уобаластан Санкт-Петербург куораттан төрүттээх, омугунан нуучча. Ыал ийэтэ Анастасия Николаевна Уус Маайаттан төрүттээх, омугунан эбэҥки.
Геннадий Владимирович 6 саастааҕар дьоно Санкт-Петербург куораттан көһөн кэлэн, Чурапчыга олохсуйбуттар. Кини Чурапчытааҕы техническэй колледжка үөрэнэн сварщик идэтин баһылаабыт.
Онтон Анастасия Николаевна 2007 с. Чурапчытааҕы государственнай физическай культура уонна спорт институтугар үөрэнэ кэлбит. Билигин ыал ийэтэ “Улыбка” оҕону сайыннарар кииҥҥэ иитээччинэн ситиһиилээхтик үлэлиир. Аҕалара олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар солбуллубат сварщик.
Интернациональнай ыал Чурапчыга сөбүлээн олохсуйбута номнуо 13 сыл буолбут.
– Үтүө күнүнэн! Эһиги ханна, хаһан көрсөн ыал буолбуккутуй?
Геннадий Владимирович: «Аан маҥнай кэргэммин 2007 с. Чурапчы студеннарын практикатыгар Барахсанов аатынан пааркаҕа бэлиэтии көрбүтүм. Кини миигин онно өйдөөн көрбөтөх этэ (күлэр)».
Анастасия Николаевна: «Кэлин 2008 с. уопсай табаарыстарбыт билиһиннэрбиттэрэ. Ол кэмтэн ыла бүгүҥҥэ диэри бииргэбит».
– Икки атын омук бэйэ бэйэҕитин өйдөһөргүтүгэр туох ситимнээбитэй?
– Биллэн туран, таптал буоллаҕа дии. Таптал омугуттан тутулуга суох. Киһи бу олоххо бэйэ-бэйэтин убаастыыр, өйдөһөр, сыаналыыр аҥаарын булара диэн улахан дьол.
– Биһиги нэһилиэкпитигэр олохсуйаргытыгар ордук тугун сөбүлээбиккитий?
– Аҕабыт оҕо эрдэҕиттэн олорбут сирэ буолан, Чурапчыны бэйэтин дойдутунан ааҕар. Төһө да оскуола кэмнэригэр Мииринэйгэ баран үөрэнэ сырыттар, үрдүкү кылааска Чурапчы оскуолатын бүтэрбит буолан, “Ноҕуруодап аатынан оскуола выпускнигабын” дэнэр. Онон Чурапчыга кэргэним дойдутугар олохсуйар курдук санаан, дьонун-сэргэтин сөбүлээн, айылҕатын сэргээн олохсуйбуппут.
– Дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэриҥ, хас оҕолооххутуй?
– Биһиги икки уоллаахпыт. Улахаммыт Сергей Нестеров, Сэмэн Ноҕуруодап аатынан Чурапчы орто оскуолатын V “А” кылаас үчүгэй үөрэнээччитэ. Кырабыт Андрей, “Кэскил” оҕо саадын бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ.
— Бэйэҕит омуккутунан илдьэ сылдьар туох үгэстээххитий уонна ону оҕолоргутугар хайдах тиэрдэҕит?
Анастасия Николаевна: «Уус Маайаҕа улааппыт буоламмын балыктыыры, бултууру омугум биир үтүө үгэһинэн ааҕабын. Кэргэним Геннадий Владимирович ону кытта сөбүлэһэр. Уолаттарбытынилдьэ сылын аайы мин төрөөбүт дойдубар балыктыы, бултуу барабыт. Мин эмиэ туора турбаппын. Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Аҕабыт омугун үгэһинэн, Масленицаны, Пасханы, Ороһооспону көтүппэппит. Нуучча норуотун үгэһинэн, хайаан да бэлиэтиибит. Оҕолорбут икки омук үгэһин билэ улааталларыгар бэйэбит холобурбутунан көрдөрөн, кэпсээн, төрүттэрин-уустарын билэллэригэр кыһаллабыт.
Сережа Нестеров, ыал улахан оҕото: «Ийэбит дойдутугар айылҕаҕа сылдьан, сынньанан, бултаан, балыктаан кэлэрбитин олус сөбүлүүбүт. Уус Маайа ураты атын айылҕалаах, киһи сөҕөр дойдута. Улаата түһэн баран аҕабыт төрөөбүт куоратын Санкт-Петербургу көрө барар санаалаахпыт».
– Ыал буолан олорууга саамай туох наада дии саныыгытый?
– Бэйэ-бэйэни өйдөһүү, убаастаһын. Барытыгар сүбэлэһэн, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһан олоруу.
– Кэпсээҥҥит иһин эһиэхэ улахан махтал.
Артем СЕДАЛИЩЕВ, V «В» кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата