Сэтинньи 10-11 күннэригэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Муҥха олоҥхото буолан ааста. Биһиги нэһилиэкпититтэн Түмэппий Чээбий, Мэлэк Мэхээлэ, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, билиҥҥи кэм олоҥхоһута, Саха сирин эдэр олоҥхоһуттарын президена Юрий Борисов үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Онон Эмис нэһилиэгэ олоҥхо сайдыытыгар улахан оруоллаах нэһилиэк буолар.
– Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар ыытылларынан, «Муҥха олоҥхотун» Екатерина Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинэ, бибилэтиэкэ уонна нэһилиэк дьаһалтата буолан тэрийэн ыыттыбыт. Бу тэрээһини ыытарбытыгар улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Ньургуяна Ивановна Илларионова кыттыыны ылан, күүс-көмө буоллулар, – диэн Эмис нэһилиэгин баһылыгын Прокопий Петрович Бубякин кэпсэттим.
Олоҥхо бу улахан тэрээһинигэр ХИФУ культрология кафедратын профессора, учуонай Галина Семеновна Попова-Санаайа, Зоя Григорьева Сысолятина, олоҥхо театрын методический үлэһитэ Ульяна Михайловна Флегонтова ыалдьыттаатылар.
Мин Галина Семеновна Попова-Санаайаттан “Муҥха олоҥхотун” туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм: “Муҥха олоҥхото” диэн өбүгэлэрбит саҕаттан этэн тыынан дьиэрэһитэн кэлбит үтүө үгэспит. Бу билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр олоҥхоһуттар олоҥхону толорууга күөн күрэстэрэ буолар”.
Галина Семеновна эппитин курдук, “Муҥха олоҥхотугар” эдэр олоҥхоһуттар түмсэн аастылар. Кинилэр ортолоругар “Олоҥхо Батл” кыттыылааҕа, Африкаҕа ыытыллыбыт эпостар күрэхтэригэр Гран-при аатын ылбыт, Тааттаттан төрүттээх Альберт Шестаков баар. Мин киниттэн “олоҥхону толоруохпун сөп эбит диэн санаа эйиэхэ хаһан киирбитэй?” диэн ыйыттым. Онуоха эдэр олоҥхоһут Альберт Шестаков маннык хоруйдаата: “Олоҥхону толоруохпун сөп эбит диэн санаа кыра сааспыттан олохсуйбута. Бастаан хоһоон, үгэ ааҕыытыгар ситиһиилэнэр этим. Онтон тирэҕирэн олоҥхоҕо холонон, салгыы кини абылаҥар ылларан бу олоҥхолуу сылдьабын. Бүгүн Эмис нэһилиэгэр Тааттам олоҥхоһута Николай Абрамов “Баһымньы баатыр Эрбэхчэй бэргэн икки” олоҥхотуттан быһа тардан толордум”.
Биир дойдулаахпыт Күннүк Уурастыырап “саас-үйэ тухары олоххо саханы үрдэтиэ олоҥхо” диэн инникини өтө көрөр кэриэтэ эппит эбит. Амма улууһун баһылыгын Степан Николаевич Кузьмины көрсөн, эһиил 2024 сыллаахха Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа улууспут сайдыытыгар тугу биэриэҕэй?” диэн ыйыттым. Онуоха Степан Николаевич маннык хоруйдаата: “Бастатан туран сомоҕолоһууну, өй-санаа түмсүүтүн биэриэҕэ. Ити биһиги сайдыыбытыгар сүрүн тирэхпит буолар. Олоҥхо биир өйгө-санааҕа түмэр күүстээх. Маны тэҥэ Олоҥхо ыһыаҕынан сибээстээн, элбэх социальнай объектар тутуллуохтара. Онуоха сөптөөх үп-харчы көрүллэр. Амма айанын суолугар өрөмүөннүүр үлэлэрэ ыытыллыахтара. Онон олоҥхо улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар биир сүрүн миэстэни ылар”.
“Муҥха олоҥхотун” биир улахан тэрээһинэ муҥха буолла. Эмис нэһилиэгин маанылаах күөлүгэр Тугулуттаҕа ыытылынна. “Биһиги биир дойдулаахпыт В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап дойдутугар Эмискэ кэллэҕинэ Тугулутта эбэтин быһа ааспата. Сынньанан, күүс-уох ылан астынан барар сирэ этэ”, – диэн биһиэхэ элбэхтик кэпсииллэр.
Муҥхаҕа сир-сир аайыттан элбэх киһи кэлбит. Тугулутта эбэ куруук буоларын курдук, кими да матарбата. Муҥхалаан, күрэхтэһэн, сүүрэн-көтөн, салгыҥҥа сылдьан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма