Улуу убайбыт, саха советскай литературатын төрүттээччи, общественнай диэйэтэл, бастакы учуонай, Саха автономнай республикатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла туолла.
П. Ойуунускай олорбут олоҕо, оҥорбут дьыалата сүдү суолталаах. Ыччат дьон кини оҥорбут үтүөтүн үйэлэргэ умнубакка, кини аатын ааттыа.
Бу күннэргэ биһиги оскуолабыт оҕолоро П.А. Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин билсистибит. Сорох айымньыларын, сыанаҕа туруоран оонньоотубут. Айымньылар сытыы ис номохтоохторун сөхтубут.
Учууталларбыт биктэриинэгэ кытыннылар. Онно нуучча тылын учуутала С.М. Бурцева бастаата.
Сыанканы толорууга 5-с, 6-с, 10-с, 11-с кылаас оҕолорун толоруулара кэрэхсэбиллээх.
Ол курдук «Дьэбэрэттэн тахсыы», «Үчүгэй түнэтик», «Үгэспинэн буоллаҕа», «Сылгы төбөтө», о.д.а. айымньылары туруордубут. Учууталбыт Екатерина Петровна кини олоҕун, айар үлэтин кэпсээтэ.
Саха сиригэр маннык чулуу дьон үөскээн, саха норуота сайдарын туһугар олохторун анаатахтара.
П.А. Ойуунускай аата саха омук баарын тухары умнуллуо суоҕа.
Бурцева Нарыйа, 10 кылаас үөрэнээччитэ, Эҥэ, «Саһарҕа» пост эдкора