Ол курдук, сэтинньи 8 күнүттэн саха тылын учууталларын холбоһуга сэргэх сэрэдэҕэ «Иһирэх ийэ тылы — ыччакка, сайаҕас сайдам санааны — кэскилгэ» диэн ааттаах бырайыагы олоххо киллэрдилэр.
Билиҥҥи сайдыылаах, тэтимнээх олох устун үлэлии-хамсыы, үүнэ-сайда олорон төрөөбүт төрүт тылларынан саҥарар оҕолорбутун куоттарыах курдук балаһыанньа үөскээн эрэр. Булуйан саҥарар оҕо ахсаана сылтан сыл аайы элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр. Онон сибэстээн оскуолабытыгар хас сэрэдэ ахсын учууталлыын оҕолуун сахалыы таҥнан кэлиэхтэрэ. Оскуола остолобуойугар бу куүн сахалыы ас астаныаҕа. Ийэ тылынан сайа саҥарар эйгэни тэрийиэхтэрэ, араас тэрээһиннэри, күрэхтэри о.д.а. ыытыахтара.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр үксүлэрэ сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээхтик көһүннэ. Сарсыарда күн «Өс хоһоонун ситэр» диэн промоакциянан саҕаланна. Ким элбэх өс хоһоонун билбит, анал жетоннары ылан, уруоктарга сыанаҕа эбии баал быһыытынан туһаннылар. Остолобуой үлэһиттэрэ оҕолору үрүҥ аһынан күндүлээтилэр. Уруоктарга сахалыы тыына билиннэ.
Сыл түмүгүнэн көхтөөхтүк кыттыбыт кылаастар анал аат кыайыылаахтарынан ааттаныахтара, төрөөбүт тылларынан саҥарар дьоҕурдара, толкуйдара кэҥиэҕэ, дириҥиэҕэ диэн эрэнэбит.
Күндү оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр, бырайыак үлэтигэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар, сахалыы тыыннаах эйгэ кэҥээн иһэригэр баҕарабыт.
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата