Бу күннэргэ Тааттаҕа, Ытык-Күөлгэ «Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин» П.А. Ойуунускай 130 үбүлүөйдээх сылын көрсө бастакы үөрэнээччилэр сийиэстэрэ буолан ааста. Сийиэс «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо, ыччат уопсастыбаннай хамсааһыннарын иитинэн 12 хайысханан ыытылынна. Тэрээһини «Үрдэл» биир сомоҕо оҕо тэрилтэтин лидердара иилэн-саҕалаан ыыттылар.
Тэрэһиин кэннэ санааларын үллэстиннилэр:
Хаарчаана Заворотная, 11 кылаас үөрэнээччитэ:
«Сийиэс улуу убайбыт Платон Алексеевич Ойуунускай тылларыттан саҕаланна: «Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин». Бу тэрээһин оҕолорго саха тылын сэргэхсэтиигэ, суолтата улаатарыгар ананна. Оҕолорго «Бастыҥнар Хамсааһыннара» 12 хайысханан ыытыллан, олуһун диэн үчүгэй бырайыактары оҥорон таһаардылар. Маннык түмсүүгэ улуус лидердара бары мустан үлэлииллэрэ, билсэллэрэ олус үчүгэй дии саныыбын.»
Оля Заболоцкая, 10 кылаас үөрэнээччитэ:
«Мин бастатан туран, бу маҥнайгы оҕолор сийиэстэрин тэрийсиитигэр үлэлэспипиттэн олус диэн үөрдүм. Оҕолор барытын бэйэбит тэрийэн ыыппыппыт үчүгэй таһымнаахтык ааста. Мин хайысхам «Алгыстаах айан» диэн этэ. Бу бүгүҥҥү сийиэстэн элбэххэ үөрэнним, элбэҕи биллим ди саныыбын, холобур: сахалыы бэйэҥ санааҕын, толкуйгун оҕолорго сөптөөхтүк тиэрдэргэ; Тааттабыт кэрэ миэстэлэрин, кэрэхсэбиллээх сирдэрин оҕолору кытта тэҥҥэ атах тэпсэн олорон ырытыстыбыт; Манчаары Онньууларыгар 2025 сылга дылы туризм хайысхатыгар элбэҕи саҥаны кииллэриигэ тирэх этиилэри киллэрдибит уонна онтон да атын. Мин көрөрбүнэн, сыаналыырбынан оҕолор бары биир киһи курдук үчүгэйдик, тэриниилээхтик үлэлээтилэр уонна оҥорбут үлэлэрин көмүскээтилэр. Хамаандам оҕолорбор бу хайысханы, Таатта улууһун улуу суруйааччыларын, саха омук тылын-өһүн инники күөҥҥэ илдьэ тута сылдьыахтаахпыт диэн үчүгэйдик арыйан, сиһилии кэпсээтим дии саныыбын. Уонна оҕолорум бэйэлэрин оскуолаларыгар тиийэн атын оҕолорго саҥа билиилэрин-көрүүлэрин кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэбин.»
Жанна Алексеева, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
«Бу тэрээһин П.А. Ойуунускай 130 сылыгар анаан 12 хайысхалаах 1-кы улуустааҕы сийиэһи биһиги оҕолор тэрийдибит. Сийиэс сүрүн сыала саха тылын сөргүтүү буолар. Билинни оҕолорго улахан, кытаанах, уустук балаһыанньа турда, саха тыла сутэр кутталанна. Мин бу сийиэскэ баһаатайынан уонна тэрийээччи быһыытынан үөрэ-көтө улэлээтим. Ый курдук улэлэстибит, оҕолору кытта күн аайы көрсөн, мунньахтаан, сүбэ ылан күүстээх үлэни оҥордубут диэн санаатым.Бэйэм итинник улэлиирбин уонна тэрийэрбин сөбүлүүбун, ол иһин астынабын. Оҕолорго итинник араас тэрээһиннэри ыытыы, дьоннору кытта кэпсэтии, бэйэ санааны сатаан кэпсииргэ үөрэнэр олус үчүгэй, инники олохпутугар улахан көмө буолар ылбыт билиилэрбит. Бэйэбин бэрэбиэркэлэнэн көрдүм, бастакыбын баһаатайдаатым. Бастаан долгуйуу баара, санаам барыта хайдах бу ыраахтан айаннаан кэлбит оҕолорго тэрээһиммит сүрүн сыалын кэпсээн, сүрүн санаатын хайдах тиэрдэбит диэн этэ. Мин хайысхам «Аҕа дойдуга бэрэниилээх буолуу» диэн буолар. Биһиэхэ биһиги уһуйааччыбыт Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр «Албан аат” түмэл салаайаачыта Маргарита Арисовна Попова олус үчүгэйдик көрсүбүтэ,кэпсээбитэ, дуоһуйа истибиппит. Баһаатай буолар олус эппиэтинэстээх үлэ диэн санаатым. Кини хамаанданы оҥорор,түмэр, санааны өрө көтөҕөр. Мин онтон астынным, өссө да үөрэ-көтө баһаатайдыам. Тэрээһин астыктык ааста, барыта чаас чааска.Атын улуустар биһиги үлэбитин көрөн, өссө элбэх саха тылын сөргүтүүгэ аналлаах тэрээһиннэри ыытыахтара диэн эрэнэбин. Сийиэс кыттыылаахтарыгар улахан барҕа махталбын тиэрдэбин!»
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ