Чурапчы улууһун Хайахсыт олохтооҕо Медербек Тургунбекович Тургунбеков Кыргызтан Таш-Дөбө бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Төгүрүк тулаайах буолан, оҕо дьиэтигэр улааппыт. Онон кини кыра эрдэҕиттэн олоҕо бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдүүрэ. Мин бу күннэргэ 82 саастаах Медербек Тургунбековичка интэриэһиргиир ыйытыыларбын биэрдим.
– Медербек Тургунбекович, Саха сиригэр хаһан хайдах кэлбиккиний, кэргэҥҥин кытта ханна көрсөн ыал буолбуккутуй?
– Дьылҕам тардыытынан буолуо, табаарыспын кытта Саха сиригэр үлэһит наадатын туһунан кумааҕыга суруллубут биллэриини түбэһэ түһэн аахпыппыт. Ити 1964 сыллаахха этэ. Оччолорго 22 саастаахпын. Табаарыспын кытта ол биллэриинэн Жатайга суудуналары өрөмүөннүүр собуокка үлэлии кэлбиппит.
1970 сыллаахха Чурапчы Дириҥигэр көспүтүм. Биир сыл мастарыскыайга сварщиктаабытым. Маҕаһыыҥҥа продавеһынан Пелагея диэн кыыс үлэлиирэ. Көрдө көрөөт сөбүлээбитим. Доҕорум хоп-хойуу, уп-уһун хара суһуоҕун олох умунубаппын.
Онтон Пелагея Майаҕа продавец үөрэҕэр киирбитэ. Таптыыр кыыспын куоттарыахпын баҕарбатаҕым. Ол иһин батыһан барбытым. 1971 сыллаахха от ыйыгар ыал буолан, манна Хайахсыкка, Пелагеям, Пелагея Дмитриевна Илларионова, дойдутугар олохсуйа кэлбиппит.
– Медербек Тургунбекович, сахалыы саҥарарга төһө түргэнник үөрэммиккиний? Төрөөбүт тылыҥ саха тылын кытта майгыннаһар өрүттэрдээх дуо?
– Билигин кэлэн санаатахпына, тылбыт барыта биир эбит. Мин оччолорго эдэр буоламмын, болҕомтоҕо уурбакка, саха тылын бытааннык үөрэппитим. Урут Михаил Егорович диэн управляющайдаах этибит. Кинини кытта дьэ «пыл-пал» дэһэммит cүрдээҕин өйдөһөрбүт. Билигин тэҥнээн көрдөхпүнэ, саха уонна кыргыз тыла 60 бырыһыан үүт-үкчү эбиттэр.
Хайахсыкка көһөн кэлэн, дьиэ туттарбар маннааҕы ыаллары кытта син өйдөһөр этибит. Хата, бары хос ааттаах буоланнар ким туһунан кэпсииллэрин тута билэрим. Холобур, Тордуох Ньукулай, Кытай Миитээ диэн. Ол дьонум бары мас бөҕөтүн тиэйэн аҕаланнар, өссө оскуола учууталларын ыҥыраннар, бары саба түһэн дьиэбитин бэрт түргэнник тутан биэрбиттэрэ.
Хайахсыттар миигин наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыммыттара. Кырдьаҕастар бэйэлэригэр сыһыаран, бачча сааспар диэри олорон кэллим. Билигин даҕаны оҕолор ааһан иһэн дорооболоһоллор. Ардыгар, сорохторун билбэппин. Дьон истиҥ сыһыана дууһабын үөрдэр. Иккис дойдум буолбут Хайахсытым дьонугар-сэргэтигэр улахан махталлаах кырдьаҕас олоробун.
– Бэйэҥ омуккуттан илдьэ сылдьар туох үгэстээххиний?
– 82 сааспар диэри тылбын умнумаары бэйэм бэйэбин кытта кэпсэтэбин, бэйэбэр тута сылдьабын, ыһыктыбаппын. «Омук баайа – тылыгар» дииллэрэ саамай сөп. Ол иһин оҕолорго этэр этиим – төрөөбүт төрүт тылгытын умнумаҥ. Омукпуттан илдьэ сылдьар төрүт үгэһим диэн хас аһылык аайы малыыппа ааҕабын. Эдэр эрдэхпинэ ыһыахтарга национальнай бэргэһэбин кэтэр этим.
–Дьиэ кэргэниҥ туһунан, баһаалыста, билиһиннэриэҥ дуо?
– Тургунбековтар дьиэ кэргэн бэйэбит кыра дэриэбинэ курдук буоллубут диэн үөрэбин. Үс уоллаахпыт, 12 сиэннээхпит, 3 хос сиэннээхпит. Улахан уол Мелизбек Дьокуускайга олорор, «Якутлесресурс» Чурапчытааҕы филиалыгар маастарынан үлэлиир. Орто уол Анарбек Нерюнгрига «Колми» хампаанньайаҕа хаһаайыстыбыннай чаас өттүгэр дириэктэри солбуйааччы. Кыра уолбут Альберт Чурапчыга баар.
– Дьоллоох дьиэ кэргэн буолуу кистэлэҥин туһунан ыччаттарга тугу этиэҥ этэй?
– Мин сүрэҕим аҥаара, тапталлаах кэргэним Пелагея Дмитриевна бу орто дойдуттан күрэммитэ сылтан ордук кэм буолла. Кинитэ суох сайыннары кытта тымныы буолла. Киһи наһаа суохтуур. Бэйэ-бэйэни сыаналыахха, убаастыахха наада. Кыра алҕастары өскө-санааҕа туппакка түргэнник аһыранар ордук. Бу сиргэ көрсүбүт доҕоргутун, аҥааргытын олоххут тухары харыстыыр, бүөбэйдиир буолуҥ.
– Медербек Тургунбекович, мин саастыы оҕолорго тугу баҕарыаҥ этэй?
– Төрөөбүт төрүт тылгытын умнумаҥ. Тылгыт суох буоллаҕына, омук аатыттан ааһаҕыт, бу күн сириттэн, историяттан сотуллан хаалаҕыт.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
«Кэскил» медиа-оскуола юнкора, Хайахсыт, Чурапчы