Аҕа иитиитин, ытык иэс өйдөбүлүн, итэҕэл, айылҕа күүһүн ылыныы, сиэр-майгы туһунан биһиги анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытары көрсөн кэпсэттибит. Бэрт истиҥ уонна эдэр ыччаты толкуйдатар кэпсэтии тахсыбытын бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэбит. Биллэр биричиинэнэн аата-суола ыйыллыбата. Кини 20-тин ааспыт саха эдэр уола.
Аҕа иитиитэ
Мин аҕам бэйэтин кэмигэр икки сыл армияҕа сулууспалаабыта. Кыра эрдэхпинэ армияҕа сылдьыбытын, армия уол оҕоҕо наадатын туһунан наар кэпсиир этэ. Кэлин уолаттара улаатан бараммыт, бэйэбит армияҕа сулууспалаабыппыт. Бастаан улахан убайым үс сыл контрагынан сылдьыбыта. Ол кэнниттэн мин. Онтон кыра бырааттарым бу соторутааҕыта бүтэн кэлбиттэрэ. Армия хас биирдии уолга наадалаах. Ол аҕа иитииттэн тутулуктаах.
Итэҕэл күүһэ
Мин бэйэм уруккуттан сирбин аһатар, булчут курдук айылҕабар тахсан сынньанар этим. Урут алгыс эҥин эппэт этим. Билигин хас күн аайы алгыс этэбин, сарсыарда киэһэ, эбиэккэ. Байыаннай эппэрээссийэ кэмигэр биир саастаах киһитэ эппитэ:”Харысхал алгыһын наар этэ сырыт”, – диэн. Ол иһин наар этэбин. Атын регионтан сылдьар табаарыстарым мин алгыс аахтахпына, кинилэр эмиэ холкутук сылдьаллар. Туһалаах эбит диэн билэллэр. “Хайа, алгыскын эттиҥ дуо!” – диэн наар ыйыталлар. Саха алгыһа күүстээҕин, көмөлөһөрүн кинилэр эмиэ билэллэр, ылыналлар.
Саха айылҕатынан булчут
Манна да бултуур этим. Ааспыт ыйга кабан бултаан киллэрбиппит уонна туртас. Булт баарын көрөр, билэр этим. Син биир бултуур санаа кэлэр. Иллэҥ кэммитигэр киирэммин саха уолаттарын кытта кэтээн тахсабыт. Уонна ол бултааммыт эт сиэммит дуоһуйабыт. Күн аайы тушенка сиир этибит. Ол кэнниттэн эт сиир үчүгэй.
Бэйэ бодоҕун сүтэримэ
Киһи киһиэхэ сыһыана ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, син биир ким эрэ кимиэхэ эрэ кыыһырар. Ордук байыаннайдар бэйэлэрин уолаттарыгар. Эбэтэр сорох уолаттар бэйэлэрин кылаабынайдарыгар. Ол иһин бэйэҕин туттунаҥҥын сылдьаҕын, туох да буолбатын курдук. Төһө кыалларынан сынньана сатыыгын. Төһө да ыарахан буолбутун иһин, бэйэ бодоҕун, киһилии киһигин сүтэримиэххин наада. Арааһынай ситуация буолар. Сорох дьоннор алдьархайга киирэн тахсыбыт буоланнар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уустук.
Артеллерийскай пушка долгуна киһини курдарыта саайар. Наар контузияҕа сылдьаҕын, төбөҥ ыалдьар. Сынньаныаххын наада буолар. Атын норуоттар сөбүлүүллэр. Сахалар бултуулларын билэллэр. Чуумптук, үчүгэйдик, бэйэ-бэйэбитин кытта сыһыаммытын этэҥҥэ тутан сылдьабыт.
Ытык иэс
Манна хайдах курдук ыараханын, кутталлааҕын тиийэн эрэ баран биирдэ билэҕин. Манна сылдьаҥҥын хайдах да бэлэмнээх тиийбэккин. Ол куттал адаптациятын ааһаҕын. Өр баҕайы буолар. Ол кэнниттэн үөрэнэн хаалаҕын. Күннээҕи түбүгүн курдук буолар. Ытык иэс курдук ылынаҕын. Мин сылдьыбытым ыраатта, 16 ый буолла. Тоҕо онно барбыппын билэбин. Табаарыстаргын быраҕан хайдах да барбаккын. Антах олохтоохтор хайдах олороллорун, эн көмөҕөр наадыйалларын көрө сылдьаҕын.
Алгыс күүскэр күүс биэрэр
Бу сайын биир священник кэлэ сылдьыбыта. Биһиги үлэлии бараары сылдьар этибит. Онно кэлэн уолаттары ыраастаабыта. Ыраастаммыттара. Биһиэхэ кэлэн: “Эһигини ыраастыыбын дуо?”, – диэбитигэр, биһиги атын итэҕэллээх дьон буоламмын аккаастааммыппыт. Бэйэбит бэйэбитигэр алгыстаммыппыт. Кырдьаҕас аҕа саастаах дьоммут алгыстаабыттара. Уолаттар эмиэ алгыһы сатыыр буоланнар үчүгэй. Ол гынан баран Саха сириттэн чопчу дьарыктанар киһи баара буоллар. Кэлэн алгыстаан, ыраастаан бардаҕына, үчүгэй буолуо. Уолаттар эмиэ кэтэһэллэр уонна оннук буолар ини диэн эрэнэллэр. Алгыс күүскэр күүс биэрэр.
Саха сирэ үчүгэйдик көмөлөһөр
Биһиги биригээдэбитигэр Саха сирэ саамай үчүгэйдик көмөлөһө сылдьар. Сахалар бастаан Херсоҥҥа сылдьарбытыгар 16 эрэ этибит. Билигин 20-тэн тахсабыт. Херсоҥҥа сырыттахпытына, көмө наһаа оннук кэлбэт этэ. Тоҕо диэтэххэ, онно логистиката ыарахан этэ. Билигин Запорожьеҕа Саха сириттэн кэлбит көмөнү олох үчүгэйдик биэрэллэр. Атын регионнар ымсыыраллар. Бастаан штабпытыгар кэлэр. Саха сиригэр гуманитарка түҥэтэн эрэбит диэн ыҥыраллар. Хас биирдии уол көмөнү тутабыт. Мин холобур, Амматтан сылдьабын. Амматтан аҕалан биэрээччилэр. Сунтаар уолаттара бааллар, Бүлүүлэр, Ленскэйдэр. Кинилэргэ улуустара анаан ыыппыт көмөлөрө кэлэ турар.
Оҕо суруга санааны көтөҕөр
Саҥа дьылга Саха сириттэн баһыылкалар кэлбиттэрэ. Ону арыйа сырыттахпытына, хас да кумааҕы баар этэ. Хатас оскуолатыттан кэлбит этэ. Үһүс дуу, иккис дуу кылаас оҕолоро суруйбуттар. Ааҕарга үчүгэй баҕайы. Табаарыстарбыт бары аахпыппыт. Киһи санаатын кырдьык, көтөҕөр. Киһи эйигин өйүүр дьоннор баалларыттан киһи үөрэр. Хас биирдии саллаат ордук бэйэтин орйуонуттан туттаҕына, өссө үчүгэй буолуо этэ.
Барыта этэҥҥэ буоллун!
Дойдугун таптыаххын, бэйэҥ омугун үгэстэрин билиэххин наада. Антах оҕолор ыарахан усулуобуйаҕа олороллор. Мин эрэ дойдубар маннык буолбатын диэн наар саныыбын. Саха уолаттара бултан тэйбэттэригэр, булка-алка, айылҕаҕа сыстаҕас буолалларыгар баҕарабын. Үөрэх син-биир наада уонна өй, сытыы өй. Барыта этэҥҥэ буоллун!
Видеону манна көрүҥ:
keskil14.ru