Биһиги нэһилиэкпит баһылыгын Николай Иннокентьевич Аммосовы кытта олохтоох балыыһа күрүөтүн оҥорууга, оптоволокно киирэр остуолбаларын бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньуктуу сылдьарын быыһыгар болдьоһон кэпсэттибит. Кэпсэтиибит нэһилиэкпит туох уратылааҕын, инники сайдыытын, туох сүрүн кыһалҕалар баалларын тула буолла.
Мугудай нэһилиэгэр 819 киһи олорор:
Ол иһигэр:
Оҕо ахсаана – 211
Үлэ бэтэрээннэрэ – 147
Тыыл бэтэрээннэрэ – 4
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ахсаана — 49
Эдэр ыччат – 199
– Николай Иннокентьевич, биһиги төрөөбүт нэһилиэкпит Мугудай атын нэһилиэктэртэн туох уратылааҕын, туох историялааҕын билиэхпитин баҕарабыт.
– Биһиги нэһилиэкпит Мугудай (иккис аата Маралаайы) Дьокуускай куорат өттүттэн кэлиигэ бастакы нэһилиэк буолар. Биһиги биир уратыбыт федеральнай суол кытыытыгар олорор буоламмыт, суоллаахпыт-иистээхпит. Былырыын асфальт суол кэлбитэ. Ханнык баҕарар нэһилиэк дьоннорунан киэн туттар. Ол курдук, биһиги киэн тутта ааттыыбыт космофизик учуонайбытын Дмитрий Данилович Красильниковы, государственнай бириэмийэ лауреата, сылгыһыт Михаил Семенович Толстоуховы, үчүгэй спортсменнар, ыччаттар бааллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ чөл олоҕу өйүүр «Саҕах» диэн эр дьон түмсүүтэ бастакынан биһиэхэ тэриллибитэ. Билигин эдэр ыччаттар ону салҕаан «Сарыал» диэн чөл олоҕу пропагандалыыр түмсүүнү үлэлэтэллэр. Сүрүн дьарыкпыт – тыа хаһаайыстыбата. Эдэр ыччаты олохсутар сыалтан 2014 сыллаахха эмиэ бастакынан агрокластер тэриллибитэ. Эдэр ыччат тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан, сүөһү-ас ииттинэн, дьиэ-уот туттарыгар үчүгэй усулуобуйа. Ону сэргэ 120 миэстэлээх таас оскуола тутуллубута.
Биһиги нэһилиэкпит атын нэһилиэктэртэн кэнники 50-с сылларга тэриллибит нэһилиэк. Биригэдьиир Иван Ильич Сивцев сэрии кэнниттэн кыракый учаастакка дьону түмэн, искусственнай күөл оҥорон, дэриэбинэ оҥорон дьону олохсуппута. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан толору механизированнай хотон, оскуола тутуллубута. ВДНХ быыстапкатыгар кытта турар оҕуруот аһын үүннэрэллэр этэ.
– Нэһилиэк иннигэр туох сүрүн, сытыы кыһалҕалар баалларый, ону быһаарарга туох үлэ-хамнас ыытылларый?
– Кыһалҕалар бааллар. Мин үлэлээбитим биир сыл буолла. Бастакынан, сүрүн кыһалҕабыт – киин ититии. Бөһүөлэкпит аҥара киин ититиитэ суох олорор. 144 ыал холбонуохтаах. Онно ГУП ОДьХ кытта чааһынай инвестордары кытта балай да үлэлэстибит. Бу күннэргэ конституционнай сөбүлэҥ түһэрсиэхтээхпит, «Алмазэргиэнбаан» сөбүлэстэҕинэ, чааһынай инвестор үп-харчы ылан үлэлэһиэхтээх.
Иккис кыһалҕабыт – кэнники сылларга сир-дойду наһаа уларыйар, ирэр, мууһа ууллар. Инньэ гынан Маралаайы күөлбүт биэрэгэ сылтан сыл сиҥнэн, суолбут диэки кэлэн иһэр. Онно быйыл Бырабыытылыстыба бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Д.Д. Садовников кэлэн көрөн баран, кэккэ дьаһаллары биэрэн турар. Бэйэбит күүспүтүнэн биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин ыытабыт. Инникитин биэрэк устун күүлэйдиир, хаамар уоттаах-күөстээх аллея оҥоруохпутун баҕарабыт. Ол кыаллыа дии саныыбын. Биир улахан үлэ суолга бара турар. Быйыл 2023 сыллаахха олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программа (ППМИ) харчытын суолга биэриэххэ диэн тыл киллэрэн, куоластаан онно үлэ барда. 800 м оҥоһулунна. 2 мөл 300 харчы бу суол оҥоһуллуутугар сүрдээх кыра, 1 км суол үчүгэйдик оҥоһулларыгар 50 мөлүйүөн наада. Эһиил транспорт министиэристибэтигэр бырайыак оҥорон, куонкуруска кыттан, нэһилиэк суолун толору оҥотторор былааннаахпыт. Билигин үп-харчы барыта куонкуруһунан, граннарынан кэлэр. Нэһилиэк бэйэни салайыныы буолан, үбэ кыра. Онон өрөспүүбүлүкэ, дойду ыытар грант куонкурустарыгар кыттыахпытын наада. Холобур, быйыл граҥҥа кыттан, 1 мөлүйүөн 187 тыһыынча ылан, кулууппутугар уот-күөс, аппаратура ыллыбыт, СВО-ҕа сылдьар уолаттарга таҥас тигиитигэр эмиэ «Сайдыына» дьахталлар түмсүүлэрэ 990 тыһыынчалаах граҥҥа тиксэн, иистэнэр массыыналары ылан, таҥас тигиитэ буола турар.
Мин баһылык быһыытынан сыалым-соругум диэн нэһилиэк дьоно олороллоругар үчүгэй усулуобуйаны тэрийии. Билигин субуотунньуктаан, түргэн интэриниэт киирэригэр остуолбаларын бэлэмнии сылдьабыт. 280 остуолбаны аҕалан, хатырыктаатыбыт. Хас биирдии ыалга интэриниэт киирэн, үлэ, үөрэх, сайдыы тэтимэ түргэтиэ.
– Биһиги, оҕолор, Мугудайбыт сайдыытыгар туох көмөлөөх буолуохпутун сөбүй?
– Кырдьаҕастарга, аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаҥҥытын хаһан да умнумаҥ. Нэһилиэк тэрээһиннэригэр, субуотунньуктарга кыттыаххытын наада. Бэйэҕит ис искититтэн үчүгэйи оҥоро сатыахтааххыт. Холобура, «миэхэ ону гын, маны гын диэн эппэтэхтэрэ» диэн буолбакка, бэйэҕит толкуйдаан, мин нэһилиэкпэр, онтон кэнники улууспар, өрөспүүбүлүкэбэр туһалаах киһи буолуохтаахпын диэн санааҕа салайтарыахтааххыт. Ис санааҕытыттан үчүгэйи, инникилээҕи оҥорорго кыһалыннаххытына, билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах, туһалаах дьон буолан тахсыаххыт.
– Николай Иннокентьевич, сиһилии кэпсээҥҥэр улаханнык махтанабыт.
Николай Иннокентьевичтыын кэпсэтиини видеоҕа көрүҥ.
Кэпсэттилэр:
Дарья Васильева VI кылаас, Степан Данилов IX кылаас
Кэпсэтиини уһуллулар:
Женя Борисов IX кылаас, Влада Дьяконова X кылаас
«Маралаайы кэскилэ» медиа-киин,
Д.Д.Красильников аатынан Мугудай оскуолата,
Чурапчы