Люба Сергеева – Чурапчы улууһун Хадаар орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ, “Хадаар кэскилэ” оҕо общественнай хамсааһынын лидерэ. Дьоҥҥо туһалыыр, көмөлөһөр үтүө санаа киниэхэ кыра эрдэҕиттэн баар. Ол туһунан биһиги Любалыын олус истиҥник кэпсэтэн ааспыппыт.
– “Мин лидер, дьоҥҥо туһалаах киһи эбиппин” диэн санаа эйиэхэ хаһан олохсуйбута буолуо дии саныыгыный?
– Киһи үтүө хаачыстыбата дьиэ кэргэнтэн саҕаланар дии саныыбын. “Ис эйгэ суох буоллаҕына, тас эйгэ суох” диэн бэргэн этиини кытта толору сөпсөһөбүн. Кыра эрдэхпиттэн оҕолору түмэрбин, үлэни барытын бииргэ сылдьан оҥорору сөбүлүүбүн уонна ону ситиһэргэ дьулуһабын.
Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин саамай кыралара буолабын. Ийэм Айта Константинова нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр кэрэ куоластаах ырыаһыт, оскуолаҕа эрдэҕиттэн активистка, куруук олох эргийэр киинигэр сылдьыбыт үтүө киһи быһыытынан өйдөбүлү хаалларбыта. Кини билигин биһиги ортобутугар суох. Хадаар олохтоохторо ийэбин наһаа үчүгэйдик саныыллар, умнубаттар. Миигин “ийэтин курдук кыыс” диэн этэллэрин элбэхтик истэбин. Бэйэм эрэ иннибин көрүнэн буолбакка, биир саастыылаахтарбын түмэн, кинилэри кытта бииргэ сылдьарым олохпор тайаммыт сөптөөх суолум диэн сыаналыыбын.
Хос эбээм кылыһахтаах куоластаах ырыаһыт, тойуксут. Хадаарым дьоно: ”Ийэҥ, эбээҥ ыллыыллар этэ”, – диэн наар этэллэр. Ийэлээх эбээм куоластарыгар ырааҕынан да тиийбэтэрбин, кыратык ыллыыбын. Онон киһи сатабыла удьуорунан бэриллэр диэҥҥэ сөпсөһөбүн.
– Эн санааҕар, билиҥҥи кэмҥэ лидер диэн кимий?
– Манна тута этиэхпин баҕарабын. Лидер диэн дьону дьаһайар дуу, дьоҥҥо тойомсуйар дуу киһи буолбатах. Аан бастакынан, бу – тус бэйэҥ, оскуолаҥ, учууталларыҥ иннигэр сүгэр эппиэтинэһиҥ. Лидер – оскуолаҕа наадалаах, туһалаах киһи, оҕолору биир өйгө-санааҕа түмэр, биир тэҥ дьайыылары, хамсаныылары сүрүннүүр киһи. Ол, биллэн туран, улахан үлэттэн, сыраттан тахсар.
– “Хадаар кэскилэ” оҕо общественнай хамсааһынын туһунан кэпсэтиэххэ.
– “Хадаар кэскилин” үлэтин биир сүрүн хайысхата – тимуровскай үлэ. Ол үс бөлөххө арахсар: бастакыта – волонтердар, иккиһэ – эко-волонтердар уонна үсүһэ – Кыайыы волонтердара.
Бастакы бөлөх араас тэрээһиннэри толкуйдаан, иилээн-саҕалаан ыытар. Иккис бөлөх, аатыгар да этиллэ сылдьарын курдук, айылҕаны кытта ыкса сибээстээх. Отонноон, ону ыраастаан нэһилиэк олохтоохторугар тиэрдэр. Үһүс бөлөх ветераннары кытта үлэлэһэр.
Оскуолабытыгар 98 оҕо үөрэнэр. Онтон улахан аҥаара, орто сүһүөх уонна үрдүк кылаас оҕолоро, “Хадаар кэскилигэр” киирэллэр.
Аны хас да акцияны тэрийэн ыытабыт. Бастакы акциябыт “Подари тепло” диэн. Оскуола оҕолоро бары кытталлар. Кылаастарынан дьиэлэригэр үтүлүк тигэн аҕалаллар. Ону нэһилиэк, улуус ветераннарыгар, наадыйар дьоҥҥо аадырыстаан тарҕатабыт. Иккис акциябыт “Подари книгу” диэн. Кылаастарынан кинигэ мунньабыт. Алын кылаастар муспут кинигэлэрин оҕо саадыгар, орто сүһүөх кылаастар – оскуола, улахан кылаастар – нэһилиэк бибилэтиэкэлэригэр туттараллар. Үһүс бөлөхтөр ветераннарбытыгар, биһиги көмөбүтүгэр наадыйар ыалларга сылдьабыт. Хайаан да көмөлөһө эрэ диэн буолбакка, санаа атастаһа, кэпсэтэ, олохторун-дьаһахтарын билсиһэ эмиэ сылдьабыт.
– Тимуровскай хамсааһыны билиҥҥи оҕолор хайдах ылыналларый дии саныыгыный?
– Тимуровскай хамсааһын биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт кэмнэриттэн баар. Онон Хадаар оҕолоро кыра эрдэхпититтэн итинник өйгө-санааҕа иитиллэн улааппыппыт. “Тимур и его команда” киинэтин көрбүппүт.
Билигин дьон босхо үлэлиэн баҕарбат диэн этэллэр. Ол гынан баран биһиги оскуолабытыгар итинник диэн суох. Кыра эрдэхпититтэн аҕа саастаах дьону ытыктыы, көлүөнэ ситимэ диэн дьиэ кэргэҥҥэ эрэ буолбакка, оскуолаҕа, иитии үлэтигэр эмиэ баар диэн өйдүү улааппыппыт. Ол барыта учууталларбыт, оскуолабыт, төрөппүттэрбит ситимнээх үлэлэрин түмүгэ диэн өйдүүбүн. Онон кинилэргэ махтанабын.
– Люба, “көлүөнэ ситимэ” диэн сүрдээх үчүгэйдик эттиҥ. Эн эһиил оскуолаҕын бүтэрэҕин. Бэйэҥ кэннигиттэн “Хадаар кэскилин” үлэтин тутан хаалар оҕолордооххун дуу?
– “Хадаар кэскилэ” ити өттүгэр улахан болҕомтотун уурар буолан, ситимнээх үлэ ыытыллар. Биһиги кэннибититтэн хаалар, үлэни иилиир-саҕалыыр оҕолор бааллар. Бэйэбититтэн кыра кылаастары “эн хайаан лидер буолуохтааххын” диэн анаан-минээн үөрэппэппит. Бэйэбитин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьабыт, тимуровскай хамсааһын чахчы, туһалаах, наадалаах диэн өйдүүллэрин курдук гына үлэни тэрийэбит.
– Инникитин ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕыный?
– Гуманитарнай хайысханы талабын. Тылбаасчыт буолуом. Английскай тылга болҕомтобун уурабын, онно эбии атын омук тылларын үөрэтиэм диэн сыал-сорук туруорунабын.
Сардаана МАТВЕЕВА