Күһүн курдук баай буолуҥ!
Күһүн курдук холку буолуҥ!
Күһүн курдук дэлэй буолуҥ!
Күһүн курдук кэрэ буолуҥ!
Кыһыммыт маҥан хаарынан үллүктээтэр да, көмүс күһүммүтүн атаарбыппытын санаан, ахтан ылабыт. Балаҕан ыйын бүтүүтэ «Тымныы оройо» кулууп дьиэтигэр Н.О. Кривошапкин аатынан оскуоланы кытта «Күһүн бэлэҕэ» диэн бэртээхэй атыы-тутуу дьаарбаҥката, күрэхтэһиилэр (ураты бүлүүдэлэр, саамай улахан оҕуруот аһа, айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар, «Авангард» көстүүм, дьикти-дьиибэ быһыылаах, көстүүлээх айылҕа бэлэҕэ, эҕэрдэлэр тэриллибиттэрэ.
Кылаастар кыһаллан-мүһэллэн ас арааһын астаан, остуолларыгар тэлгэппиттэрэ. Мустубут ыалдьыттары тапталлаах ырыаһыттарбыт Өймөкөөн Сэмэнэ, Федор Шпнев, Айар Старков кэрэ куоластарынан эҕэрдэлээн сэргэхсиппиттэрэ. Кулууп уус-уран салайааччыта Филипп
Захаров оонньуу тэрийэн, оҕолор үөрүүнү кытта кыттан, биир сонун көстүү этэ.
Бары мустубут оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар кыһыҥҥы хаһаастарын үөрэ-көтө атыылаһан, дьоро киэһэттэн астынан, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн тарҕаспыттара. Маннык оҕолордуун, төрөппүттэрдиин, ыалдьыттардыын бары түмсэрбит олус бэрт. Көмүс күһүммүтүн атаардахпыт.
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын VII кылааһын
үөрэнээччитэ Найаана Корякина