Бу аан дойдуга икки доҕордуу суор бэрт уһуннук олорбуттар. Кырдьаннар, куорсуннара сорсуйбут, кыламаннара, хаастара маҥхайбыт. Кинилэр ити тухары туохха да үөрэммэтэхтэр, оҕо эрдэҕинээҕилэрин курдук өйдөрө-санаалара кылгас, татым эбит. Уһуннук олорбуттар эрээри, биир да баҕа санаалара туолбатах. Ол иһин күн аайы ол баҕа санааларын туһунан кэпсэтэллэрэ. Бастакы суор эппит:
— Доҕоор, эн күн аайы мөссүөнүҥ тупсан иһэр. Сотору маҥан холууп буолсугун, кыламаҥҥар биир маҥан түү эбиллибит, — бэрт сөпкө эттим ээ диэн, күлүм аллайбыт.
— Мин да эйигин көрө-көрө үөрэбин, хааскар икки маҥан түү эбиллибит. Эн даҕаны сотору кэминэн кылбаа маҥан кубаҕа кубулуйарыҥ буолуо, — диэбит иккис суор күлэ-күлэ. — Мин маҥан холууп буолуохпун баҕарбаппын, эн курдук кылбаа маҥан кыраһыабай куба буолуохпун баҕарабын.
— Баҕарар буоллаххына, эйигин туох да мэһэйдээбэт, кылбаа маҥан кыраһыабай куба буол ээ. Оччоҕо, дьэ, иккиэн кубалар буолан баран кылбаҥнаһыахпыт, — бастакы суор сөпкө толкуйдаан эппититтэн үөрэн, «хаах! хоох!» — дии-дии даллаҥнаабыт.
Кинилэр иккиэн маҥан куба буолбут курдук санаммыттар, хааҕырҕаһа- хооҕурҕаһа, түҥ ойуур диэки көтө турбуттар.
Кинилэр күн аайы туох да саҥаны билбэккэ-көрбөккө, кылбаа маҥан куба буолан эрэллэрин туһунан салгыбакка кэпсэтэллэрэ уонна кылбаа маҥан куба буолан көтөн эрэр курдук сананаллара.
Бүгүҥҥүгэ диэри кинилэр баҕа санаалара туола илик. Суордар хаһан да кубаҕа кубулуйуохтара суоҕа. Ханнык баҕарар киһи туолуон сөптөөх баҕа санаалаах буолуохтаах. Киһи баҕа санаата туоларын туһугар күн аайы туох эрэ саҥаны оҥоруохтаах, тугу эрэ ситиһиэхтээх.
Мария Федотова-Нулгынет/ Аптаах остуоруйа – Дьокуускай: Бичик, 2012.—56.